Салгыы
Тус сыаллаах дуогабарынан биир үөрэххэ туттарсыахха сөп

Тус сыаллаах дуогабарынан биир үөрэххэ туттарсыахха сөп

02.05.2024, 11:49
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

“Ыам ыйын 1 күнүттэн абитуриеннар биир эрэ үрдүк үөрэх тэрилтэтин биир эрэ бырагырааматыгар сайабылыанньа биэриэхтэрин сөп. Туһааннаах сокуон ыам ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр” – диэн иһитиннэрии тарҕанан, үөрэххэ туттарсааччылары, төрөппүттэри долгутан ылла. ХИФУ киин тутар хамыыһыйатыттан маны быһааран биэрэригэр көрдөспүппүтүгэр, маннык хоруйдаата.

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет киин тутар хамыыһыйатын начаалынньыга Елизавета Ильина: “Бу сыл ыам ыйын 1 күнүттэн “РФ үөрэх туһунан” федеральнай сокуонугар, тус сыаллаах үөрэххэ (целевой) сыһыаннаах көннөрүүлэр киирдилэр. Онно олоҕуран, абитуриент тус сыаллаах үөрэххэ туттарсарыгар биир үрдүк үөрэх биир эрэ бырагырааматыгар сайабылыанньа биэрэр кыахтаах. Уопсай куонкуруһунан уруккутун курдук биэс үрдүк үөрэх биэс бырагырааматыгар биэриэн сөп”, — диэн быһаарда.

Онон, өссө биирдэ лаппыйан эттэххэ, “2024 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн биир эрэ үрдүк үөрэх биир идэтигэр туттарсыахха сөп”  диэн иһитиннэрии, тус сыаллаах үөрэххэ эрэ туттарсааччыларга сыһыаннаах. Тэрилтэлэри кытта дуогабардаспакка, уопсай куонкуруһунан туттарсааччылар уруккуларын курдук биэс үрдүк үөрэххэ сайабылыанньаларын биэриэхтэрин сөп.

+1
12
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
17 мая
  • 7°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 53% Скорость ветра: 10 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: