Тус сыаллаах үөрэххэ 145 тыһыынча миэстэ көрүлүннэ
2024-2025 үөрэх дьылыгар ХИФУ-га 4136 бүддьүөт миэстэтэ баар, ол иһигэр бакалавриакка уонна специалитекка 3052 миэстэни биэрбиттэр.
Арктикатааҕы агротехнологическай университекка орто анал уонна үрдүк үөрэххэ 754 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт. Бакалавриакка, специалитекка уонна магистратураҕа көрүллүбүт 669 миэстэттэн 118-һа тус сыаллаах үөрэххэ бэриллибит.
Арктикатааҕы култуура, ускуустуба институтугар 140 бүддьүөт миэстэтэ баар. РФ үөрэххэ министиэристибэтин идэлэрин кубуотата чопчуламмытын кэнниттэн, федеральнай тус сыаллаах үөрэх миэстэтэ биллиэҕэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи тус сыаллаах үөрэх бырагырааматын хайысхатынан, 47 миэстэ көрүллүбүт.
Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин уурааҕынан, 2024 сылга тус сыаллаах үөрэх кубуотата 6% эбиллэн, дойду үрдүнэн 145 тыһыынча миэстэҕэ тэҥнэспитэ. Быйыл 22 саҥа идэҕэ, ол иһигэр «фундаментальная и прикладная биология», «наноинженерия и наноматериалы», кубуота эбиллибитэ.
Мэдиссиинэ идэлэригэр үгүс миэстэ тус сыаллаах бырагырааманан бэриллэр. Холобур, «Лечебное дело», «Педиатрия» идэлэргэ 76%, «Детская онкология», «Неонатология», «Скорая медицинская помощь» курдук сэдэх идэлэргэ – 100%.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр оҕолоругар, былырыыҥҥы курдук, анал кубуота көрүллүөҕэ.
Тус сыаллаах үөрэххэ үөрэммит устудьуоннар ылбыт идэлэринэн, дуогабардаспыт тэрилтэлэригэр кырата 3 сыл үлэлиэхтээхтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: