ТУСКАР ТУҺАН. «Далга хаайан үчүгэй сылгыны ииппэккин»
Быйыл кыһын саҕаланыыта үчүгэй. Сылгы хаһар алаастара, үрэхтэрэ кэнчээрилээтилэр. Төһө да кыстык саҕаланнар, улахан 40-45 кыраадыс тымныы буола илик. Сэтинньи, ахсынньы ыйдарга хаһыы сылгыта кыстыкка бэлэмнэнэн, ньуолах түүтэ үүнэр. Ол түү үүннэҕинэ, сылгы тымныыны тулуйар. Тохсунньу, олунньу, кулун тутар тымныйдахтарына табыллар. Ирбэт тоҥо силимнэһэрэ наада. Сир тоҥо силимнэспэтэҕинэ, муус ирэн, сир тостон, дүөдэ буолар. Ол куһаҕан.
Сылгыга хайдах кыстык буолуоҕай?
Атыыр үөрүн дьиэ таһыгар мунньумаҥ. Нэһилиэк баһылыктара сылгы бөһүөлэктэргэ сайылаабатын гына дьаһалы ылыҥ. Куоракка сылгылаах киһи ыстарааптаммытын иһиттигит ини.
Убаһа иитэр дьон убаһаны ньуолах түүлээҕин талыҥ. Убаһа ийэтин, аҕатын удьуордуур. Онон киэҥ ыырдаах буолуохтаах. Далга хаайан аһатан, үчүгэй сылгыны ииппэккин. Убаһаны ойбоҥҥо уулатар буоллахха тоҥмот, тулуурдаах, сэниэлээх буолар. Убаһаны үлбүйэн, быалаан, киһиэхэ сыстаҕас, эрэнэр сылгыны иитэҕит. Кыратыттан итинник ииттэхпитинэ, айааһыыр да наадата суох.
Күһүн эрдэттэн көрөн күөмэйдьиттээн ыалдьыан иннинэ укуоллатыҥ. Сылгы үйэтигэр биирдэ бу ыарыынан хайаан да ыалдьар. Мин 14 саастаах атыыр ыалдьыбытын көрбүтүм.
Убаһаҕа сарсыарда, күнүс уонна киэһэ 11 чааска отто биэрэ сырыт. Оччоҕо титириэ суоҕа. Эбиэс бурдук киилэ аҥаара да сөп буолар. Ньэчимиэн бурдугу биэрэн сылгыны өлөрөөйөххүтүй. Сылгы куртаҕа биир камералаах буолар. Кыра сылгыны күөх, үрэх сэбирдэхтээх отунан аһатыҥ.
Сылгы иитиитэ, көрдөххө судургутун иһин, олус эппиэтинэстээх, сыралаах, өрөбүлэ суох, айылҕалыын алтыһар дьон үлэлэрэ.
Сылгы иитиинэн дьиҥнээхтик дьарыктаныан баҕалаах ыал бастаан бааза туттуохтаах. Онно туох киирэрий:
- Кыра, кирпииччэ оһохтоох, 6х6-лаах тиит маһынан оҥоһуллубут үүтээн.
- Малы-салы уурар сарай, кыладыапка, булуус.
- 40х40 миэтэрэлээх кыбыы.
- Убаһа аһатар хааччах. 1-2 км усталаах буолуохтаах, онно кыра көлүкэлээх буолуохтаах.
Дэриэбинэттэн 1 көс тэйиччи буолара ордук.
Сылгы үөрүн нэдиэлэҕэ иккитэ батыһан сиргэ от ыһан аһатаҕын. Аһатар бириэмэ биир кэмҥэ буолуохтаах. Аһатар күҥҥэр сигнал биэрэн, тыас таһааран биллэрэҕин. Үөр начаас үөрэнэн, аһыыр кэмигэр кэлэр буолар. Үөргэ баар сиргэмтэҕэй, туспа сылдьар биэттэн акаастанар ордук. Атыыр үөрүгэр кырата 13 биэлээх буолар. Оччоҕо сыл аайы биэлэр төрүүллэр. Үс-биэс биэлээх атыыр 1-2 биэни кытаратар. Сыралаһар, сылгы майгытын билэр, көрүнэр, миинэр миҥэ аттаах сылгыһыт үлэтэ санаа хоту барар.
Тугу оҥоруохха?
- Ырбыт сылгыны хаардыахха. Ордук сиһин, чэчэгэйин хаарын ыраастанар.
- Нэһилиэк аайы сылгыһыттар түмсүүлэрин тэрийэн, сылгы хаанын уларытарга былааннаах үлэни ыытыллыахтаах. Нэһилиэктэринэн соноҕостору атастаһыахха.
- Ньуолах түүтэ суох мөлтөх сылгылары быраактааҥ.
- Сылгы хаһыы сирин эргин иирэ талаҕы охторон аһат. Сылгы иһэ уутуйар, үөннүрэр, ону түһэрэргэ туһалыыр.
- Сылгы аһыыр сиригэр 1 миэтэрэ үрдүктээх хорууда оҥорон тууста уур. Ырыган сылгыга эбиэһи хайаан да биэр. Уулаах биэҕэ эбиэһи биэриини оҕотун улаатыннарыа диэн төрүөн икки ый иннинэ тохтотоҕун. Нэдиэлэҕэ иккитэ хайаан да биир кэмҥэ аһатар буоллахха, сылгы дьиэтийэр, бэйэтэ кэлэр буолар. Хаһан аһыыр сылгы тымныыны тулуйар. Өссө аһатар сиргэ ойбонноон уулаттаххына, сылгы түргэнник көнөрүн көрөҕүн.
- Нэһилиэктэр дьокутааттара, баһылыктара сылгыны нэһилиэккэ муспат туһунан дьаһал ылыныахтаахтар. Сылгылаах дьон бары сирдээхтэр, онно бааза туттан, сылгыны иитэр кэмнэрэ кэллэ.
Андрей Варламов, Саха АССР үтүөлээх зоотехнига, Чурапчы улууһун уонна Мугудай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
“Аһылыкка эрдэ киириэн сөп”
Василий Игнатьев, Амма улууһун Соморсунун “Үрүйэ” ТХПК зоотехнига:
– Быйыл сыспай сиэллээххэ ыарахан дьыл буолара буолуо. Күһүнүн ардаабыта, сирин эрдэ тоҥорон кэбиспитэ. Хаар суох, сир тоҥо сытар. Дэлби ардаан кэнчээритин үүннэрбэтэҕэ. Сылгы дэлби хаампыта. Хаһыы суох буоллаҕына, сылгы олус хаамар. “Үрүйэҕэ” 450-ча сылгылаахпыт, ол иһигэр 350 төрүүр биэ. Быйыл оттоохпут, бурдук да баар, сенажтаахпыт. Амма диэки итинник балаһыанньа диэххэ сөп.
Дмитрий Горохов, Дьааҥы:
– Дьааҥыга сылгыга быйыл үчүгэй кыстык буолла, халлаан сылаас, хаар чараас.
Николай Семенов, Ньурба:
– Самаан сайыны быһа, бэс, от ыйдарыгар аанньа ардаабата. Ол иһин кыһыммыт аһара тымныы буолбат ини дии саныыбын. Айылҕаҕа дьыл кэмнэрэ бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэллэр. Сайын кыайан ардаабатаҕын, кыһынын хаарынан ситэрэн биэрдэҕинэ табыллар. Онон быйыл добуочча хаар түһүөхтээх. Ол аата, сөҥүүлээх, най былыттаах күннэр үгүс буолаллара эрэбил. Былыттаах халлаан ичигэс буолар, улаханнык тымныы түспэт. Нуһараҥ, былыттаах күн тыала кыра, сымнаҕас буолар.
Сылгыга кытаанах кыстык кэллэ. Быйыл хаһыы мөлтөх чинчилээх. Онон сылгы эбии аһыаҕа. Биэҕэ, убаһаҕа кырата иккилии туонна от наада. Хас сылгы төбөтүн ахсын иккилии туонна от сөп буолар. Итинтэн итэҕэс оттоох буоллахха, сылгыны кыстатан таһаарар уустук,
Петр Данилов, Горнай улууһун Аһыматыттан:
– Курааннаан, кэнчээри да тахсыбакка хаһыы суох, онон сылгыны эрдэ аһылыкка киллэрэрбит буолуо. Оппут син тиийиэх курдук. Үнүр Хаҥалас улууһуттан эбии 100 т дуогабардаһан, кэпсэтэн кэлбиттэр, өрүс турда да аҕалтарыахтара.
Егор Сыромятников, Мииринэй:
– Сотору кыра сылгы мөлтөөн барыа. Аһатыыга киирдэхтэринэ эрэ табыллара буолуо. Сылгыһыттар билэн олордохторо. Хаар анныта барыта сиик буолбута тоҥорбокко, инчэҕэй хаар үллүктээн, сылгы хаһар сирэ олох куһаҕан.
Алексей Аллахинов, “Күндээдэ” агрофирма зоотехнига:
– Биһиги хаһаайыстыбабыт хаһыс да сылын сылгыларбытын тохсунньуттан муус устарга диэри, хайдах да дьыл буоллун, отунан, бурдугунан аһатабыт. Онно 250 т оттоохпут. “Күһүн ардахтаан, хаар анна муус.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: