Быйыл кыһын саҕаланыыта үчүгэй. Сылгы хаһар алаастара, үрэхтэрэ кэнчээрилээтилэр. Төһө да кыстык саҕаланнар, улахан 40-45 кыраадыс тымныы буола илик. Сэтинньи, ахсынньы ыйдарга хаһыы сылгыта кыстыкка бэлэмнэнэн, ньуолах түүтэ үүнэр. Ол түү үүннэҕинэ, сылгы тымныыны тулуйар. Тохсунньу, олунньу, кулун тутар тымныйдахтарына табыллар. Ирбэт тоҥо силимнэһэрэ наада. Сир тоҥо силимнэспэтэҕинэ, муус ирэн, сир тостон, дүөдэ буолар. Ол куһаҕан.
Атыыр үөрүн дьиэ таһыгар мунньумаҥ. Нэһилиэк баһылыктара сылгы бөһүөлэктэргэ сайылаабатын гына дьаһалы ылыҥ. Куоракка сылгылаах киһи ыстарааптаммытын иһиттигит ини.
Убаһа иитэр дьон убаһаны ньуолах түүлээҕин талыҥ. Убаһа ийэтин, аҕатын удьуордуур. Онон киэҥ ыырдаах буолуохтаах. Далга хаайан аһатан, үчүгэй сылгыны ииппэккин. Убаһаны ойбоҥҥо уулатар буоллахха тоҥмот, тулуурдаах, сэниэлээх буолар. Убаһаны үлбүйэн, быалаан, киһиэхэ сыстаҕас, эрэнэр сылгыны иитэҕит. Кыратыттан итинник ииттэхпитинэ, айааһыыр да наадата суох.
Күһүн эрдэттэн көрөн күөмэйдьиттээн ыалдьыан иннинэ укуоллатыҥ. Сылгы үйэтигэр биирдэ бу ыарыынан хайаан да ыалдьар. Мин 14 саастаах атыыр ыалдьыбытын көрбүтүм.
Убаһаҕа сарсыарда, күнүс уонна киэһэ 11 чааска отто биэрэ сырыт. Оччоҕо титириэ суоҕа. Эбиэс бурдук киилэ аҥаара да сөп буолар. Ньэчимиэн бурдугу биэрэн сылгыны өлөрөөйөххүтүй. Сылгы куртаҕа биир камералаах буолар. Кыра сылгыны күөх, үрэх сэбирдэхтээх отунан аһатыҥ.
Сылгы иитиитэ, көрдөххө судургутун иһин, олус эппиэтинэстээх, сыралаах, өрөбүлэ суох, айылҕалыын алтыһар дьон үлэлэрэ.
Сылгы иитиинэн дьиҥнээхтик дьарыктаныан баҕалаах ыал бастаан бааза туттуохтаах. Онно туох киирэрий:
Дэриэбинэттэн 1 көс тэйиччи буолара ордук.
Сылгы үөрүн нэдиэлэҕэ иккитэ батыһан сиргэ от ыһан аһатаҕын. Аһатар бириэмэ биир кэмҥэ буолуохтаах. Аһатар күҥҥэр сигнал биэрэн, тыас таһааран биллэрэҕин. Үөр начаас үөрэнэн, аһыыр кэмигэр кэлэр буолар. Үөргэ баар сиргэмтэҕэй, туспа сылдьар биэттэн акаастанар ордук. Атыыр үөрүгэр кырата 13 биэлээх буолар. Оччоҕо сыл аайы биэлэр төрүүллэр. Үс-биэс биэлээх атыыр 1-2 биэни кытаратар. Сыралаһар, сылгы майгытын билэр, көрүнэр, миинэр миҥэ аттаах сылгыһыт үлэтэ санаа хоту барар.
Тугу оҥоруохха?
Андрей Варламов, Саха АССР үтүөлээх зоотехнига, Чурапчы улууһун уонна Мугудай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Василий Игнатьев, Амма улууһун Соморсунун “Үрүйэ” ТХПК зоотехнига:
– Быйыл сыспай сиэллээххэ ыарахан дьыл буолара буолуо. Күһүнүн ардаабыта, сирин эрдэ тоҥорон кэбиспитэ. Хаар суох, сир тоҥо сытар. Дэлби ардаан кэнчээритин үүннэрбэтэҕэ. Сылгы дэлби хаампыта. Хаһыы суох буоллаҕына, сылгы олус хаамар. “Үрүйэҕэ” 450-ча сылгылаахпыт, ол иһигэр 350 төрүүр биэ. Быйыл оттоохпут, бурдук да баар, сенажтаахпыт. Амма диэки итинник балаһыанньа диэххэ сөп.
Дмитрий Горохов, Дьааҥы:
– Дьааҥыга сылгыга быйыл үчүгэй кыстык буолла, халлаан сылаас, хаар чараас.
Николай Семенов, Ньурба:
– Самаан сайыны быһа, бэс, от ыйдарыгар аанньа ардаабата. Ол иһин кыһыммыт аһара тымныы буолбат ини дии саныыбын. Айылҕаҕа дьыл кэмнэрэ бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэллэр. Сайын кыайан ардаабатаҕын, кыһынын хаарынан ситэрэн биэрдэҕинэ табыллар. Онон быйыл добуочча хаар түһүөхтээх. Ол аата, сөҥүүлээх, най былыттаах күннэр үгүс буолаллара эрэбил. Былыттаах халлаан ичигэс буолар, улаханнык тымныы түспэт. Нуһараҥ, былыттаах күн тыала кыра, сымнаҕас буолар.
Сылгыга кытаанах кыстык кэллэ. Быйыл хаһыы мөлтөх чинчилээх. Онон сылгы эбии аһыаҕа. Биэҕэ, убаһаҕа кырата иккилии туонна от наада. Хас сылгы төбөтүн ахсын иккилии туонна от сөп буолар. Итинтэн итэҕэс оттоох буоллахха, сылгыны кыстатан таһаарар уустук,
Петр Данилов, Горнай улууһун Аһыматыттан:
– Курааннаан, кэнчээри да тахсыбакка хаһыы суох, онон сылгыны эрдэ аһылыкка киллэрэрбит буолуо. Оппут син тиийиэх курдук. Үнүр Хаҥалас улууһуттан эбии 100 т дуогабардаһан, кэпсэтэн кэлбиттэр, өрүс турда да аҕалтарыахтара.
Егор Сыромятников, Мииринэй:
– Сотору кыра сылгы мөлтөөн барыа. Аһатыыга киирдэхтэринэ эрэ табыллара буолуо. Сылгыһыттар билэн олордохторо. Хаар анныта барыта сиик буолбута тоҥорбокко, инчэҕэй хаар үллүктээн, сылгы хаһар сирэ олох куһаҕан.
Алексей Аллахинов, “Күндээдэ” агрофирма зоотехнига:
– Биһиги хаһаайыстыбабыт хаһыс да сылын сылгыларбытын тохсунньуттан муус устарга диэри, хайдах да дьыл буоллун, отунан, бурдугунан аһатабыт. Онно 250 т оттоохпут. “Күһүн ардахтаан, хаар анна муус.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…