ТУСКАР ТУҺАН: Сахалыы сон арааһын төһө билэҕин?

Share

Дьэ, кыһыммыт кэллэ, кыһыҥҥы таҥаһы хостоон, бэлэмниэххэ наада. Өбүгэлэрбит кыыл  тириитин киэҥник туһанан, таҥас арааһын тиктэр,  халыҥнык таҥнар буоланнар, маннык тыйыс тымныылаах дойдуга тыыннаах хаалан олордохторо. Аҥаардас сон арааһа сүүрбэттэн тахса эбит. Ону билэҕин дуо?

Хаартыска: Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ.
  1. Сон (хахыр сон) — сылгы, ынах тириититтэн түүтэ иһирдьэ гына тигиллибит үлэ-хамнас соно.
  2. Сарыы сон — күһүн-саас, арыт сайын да кэтиллэр ойуулаах-дьарҕаалаах мааны сон.
  3. Халтаҥ хомуһуол сон — өрүү таҥас үөскээбитин кэннэ тигиллэр буолбут нууччалыы быһыылаах сон.
  4. Куобах истээх сон. Эргэрдэҕинэ, «нэк сон» дииллэр.
  5. Сылгы тириититтэн уһун сон, бүүрүктээх.
  6. Маҥан сылгы тириитэ сон.
  7. Сэттэ таба тириитин уорҕатыттан сон.
  8. Бэйбириэт бүүрүктээх, дьогдьуурдаах, сахалыы суккун сон. Маннык сон бүүрүгэ арыт харыс кэтиттээх буолар.
  9. Бииллээх сон — биилинэн сыста олорор гына кэтит курдуу киллэһиктээх. Үксүгэр сукунаттан тигэллэрэ.
  10. Халтаҥ сон — сайын, күһүн-саас кэтиллэр кылгас сарыы, тирии, суккун сон, чараас биэтэстээх буолар
  11. Бүүрүктээх сон — араас түүлээҕинэн- буобура, бэдэр, киис, о.д.а. бүүрүктэммит сон.
  12. Оноолоох сон — үксүгэр дьахтар соно. Ыҥыырга ыттарыгар (улаханнык хамсанарга) мэһэйдээбэтин диэн кэннинэн, арыт икки ойоҕоһунан тыраҕастыыллар.
  13. Таҥалай сон — бу саха дьахтарын ииһин биир чыпчаала. Киһи биир тылынан ойуулаабат кэрэттэн кэрэ соно.
  14. Кэдьиҥэ таҥалай — баай ыал кыыһа сүктэригэр кэтэр соно. Бүтүннүү үрүҥ көмүс, оҕуруо симэхтээх, сиэх быһаҕас, эбэтэр, арыт кэһиэччик курдук, сиэҕэ суох буолар.
  15. Бууктаах сон (бууттаах сон диэн эмиэ этээччилэр) — баай дьахтар мааны соно, күндү түүлээх.
  16. Хотойдоох сон — эмиэ бууктаах сон тэҥэ, олус мааны сон. Көхсүгэр хотой ойуулаах.
  17. Бөрө бөртөлөөх сон — олоҥхоҕо, ырыаҕа хоһуллубут сон. Тоҕо диэтэххэ, биир эмэ бөрө илин атаҕар хара дьураалаах тыстаах буолар эбит, ону мунньан, сон тиктиэм диэтэххэ, дьэ, элбэхтэн аттарыллара буолуо.
  18. Кэһиэччик — сиэҕэ суох, сон иһинэн кэтиллэр. Куобах, бэдэр, тииҥ, бөрө тириитэ, о.д.а. истээх буолар.
  19. Сарыы кэһиэччик — олус кэрэ ойуулаах-дьарҕаалаах.
  20. Сэлиэччик — сиэҕэ суох, сон иһинэн кэтиллэр. Куобах, бэдэр, тииҥ, бөрө тириитэ, о.д.а. истээх буолар.
  21. Ойуун арбаҕаһа — бу букатын туһунан кэпсэл буолуо.

Оттон саҕынньах арааһа эмиэ элбэх. Уонтан тахса арааһа баар.

Мандар Уус «Саха ойуута-бичигэ» кинигэтиттэн.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоҕус, орто биисинэһи өйүөхтэрэ

Саха сиригэр дьоҕус уонна орто биисинэһи мэктиэлээһининэн өйүүргэ саҥа бородуукта үлэлээтэ. Бу туһунан Урбааны сайыннарыы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

«Спортивнай» түөлбэҕэ успуорт саалатын тутуута сыл бүтүүтэ түмүктэниэ

Дьокуускайга «Спортивнай» түөлбэҕэ сыл бүтүөр диэри элбэх өҥөнү оҥорор успуорт саалатын тутуута түмүктэниэ. «2021 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүлэри тэрийиэхтэрэ

Дьокуускайга алтынньы 24 күнүгэр Саха сиригэр уонна Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр анаммыт тэрээһиннэри ыытыахтара. Саха сирин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Айсен Николаев «Универсальнай университет» дириэктэрэ Афанасий Саввины кытта көрүстэ

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна «Универсальнай университет» (Universal University) АН үрдүк үөрэх тэрилтэтин дириэктэрэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа хирурдара Булуҥ улууһугар үлэлииллэр

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин хирургияҕа мобильнай киинэ Булуҥ улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Киин куоракка XIII «НАУКА 0+» бэстибээл аһылынна

Бастатан туран, оҕолор уонна ыччат билимҥэ, чинчийэр үлэҕэ интэриэстэрин тардар сыалтан Саха сиригэр сыл аайы…

3 часа ago