Салгыы
Тускар-туһан. Түүлээҕи имитии, таҥастааһын

Тускар-туһан. Түүлээҕи имитии, таҥастааһын

20.10.2024, 11:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Кыстык хаар түһээн булчуттар бултуур тэриллэрин бэрийэллэр. Оттон дьахталлар астаан-үөллээн ыытан, эрдэрэ күндү түүлээҕи сүгэн кэлэрин кэтэһэллэр. Онон бүгүҥҥү матырыйаалы түүлээҕи имитиигэ, ыыстааһыҥҥа аныыбыт.

Күндү түүлээх

Сахалар дьиэлэрин-уоттарын, таҥастарын-саптарын хотугу сир тыйыс айылҕатыгар сөп түбэһиннэрэн оҥороллор, уларыталлар-тэлэритэллэр. Билигин даҕаны түүлээх таҥас олохтоох дьоҥҥо сүрүн миэстэни ылар. Саха сирин тоһуттар тымныытыгар тыс этэрбэс, түүлээх бэргэһэ, саҕынньах хайаан даҕаны ирдэнэр. Ону олоҕу кытта ситимнээн тэҥҥэ тупсаран, киэргэтэн иһэллэр.

Кыһыммыт эмиэ чугаһаата. Иистэнньэҥнэр үлэлэрэ саҕаланна. Былыр суорҕаны-тэллэҕи тиийэ түүлээх таҥастан тиктэллэрэ. Оччолорго хойуутук үөскүүр куобах тириитэ суорҕан буолан күн бүгүҥҥэ диэри ахтыллар. Оттон күндү түүлээх туһунан этэ да барыллыбат.

Күндү түүлээх бэрт чараас, таҥастыырга сыыһа-халты туттууттан хайыта барыан сөп. Ол иһин булчуттар да, иистэнньэҥнэр даҕаны сэрэнэн сүлэллэр, тиирэллэр, имитэллэр. Күндү түүлээҕи имитии кэккэ быраабылалардаах. Ону булгуччу тутуһар ирдэнэр.

Киис тириитин имитии

Сахаҕа биир күндү түүлээҕинэн киис буолар. Сыаналааҕын быһыытынан, ылбычча киһи таҥастаабат, тикпэт. Тиириллибит киис тириитин (хачыгырас) түүлээх өттүттэн тутан сымныар диэри тымныы уунан сиигирдэллэр. Тирии сыатын-арыытын ыраастыыр инниттэн иһит сууйар сириэстибэнэн сэрэнэн, кум-хам туппакка, имэрийэр былаастаах маҥнай түүлээх, салгыы ис өттүттэн сууйаллар, ыраас уунан сайҕыыллар, онтон ис өттүн (тириилээҕин) хаһаайыстыбаннай мыыланан сууйаллар. Тиэрэн баран түүтүн килэбэчитээри, тупсараары сэрэнэн аны баттах суунар сомпууннаах ууга сууйан баран сайгыыллар, ыгаллар, сотторго суулаан сэрэнэн сиигин обортороллор.

Салгыы икки-үс чаас ититэр ситимтэн тэйиччи туруоран түүтүн сарахадыта түһэллэр. Батарыайаҕа, оһох сылааһыгар ууруллубат, фенынан куурдуллубат. Тиэрэн баран эмиэ сэрэнэн, туора тутан (устаты буолбатах) имитэн бараллар. Элбэх сыалаах сирин сэрэнэн кыһыаҕынан ыраастыыллар.

Тииҥ тириитин

Тиириллибит тииҥ тириитин төттөрүтүн улаханнык илитиллибэт. Кыратык хаһаайыстыбаннай мыылалаан сиигирдэн эрэ ылаллар. Онтон уһун синньигэс тииҥ киэбигэр уган субатын сэрэнэн кыһыахтаан ылаллар уонна дьэ кууруор диэри имитэллэр. Имитэр кэмҥэ ханан субалааҕа көһүннэҕинэ, кыһыаҕынан эбэтэр тыҥыраҕынан сыыйан ылаллар.

Ынах, сылгы тириитин таҥастааһын

Ынах, сылгы тириититтэн тэллэх, олбох оҥостоллоро, этэрбэс, холуоһа, суорҕан тиктэллэрэ. Билигин сүөһү тириитэ суорҕанынан саптыбатахпыт иһин, сахалыы таҥас-сап тэнийэн, сүрүннээн сылгы тириититтэн эр киһи, оҕо этэрбэһин, ыыстаан дьахтар, кыыс аймахха сарыы этэрбэс, тирэҥсэ тигэллэр.

Тоҥ тириини кыһыаҕынан ыраастыыллар. Инчэҕэй тириини сытыта түһэн баран, түүтүн илиинэн үргүүллэр. Инчэҕэй, сылгы тириитин тимир хобордооххо саба бүрүйэн олорон анал оҥоһуулаах быһаҕынан түүлээх хаҕын сэрэнэн-сэрэнэн өҥүн алдьаппакка эрэ сүлэллэр. Ол кэнниттэн ыыстыыллар — буруоҕа ыһаараллар.

Ыыстыыр сири икки араастаан оҥороллор: биирэ аналлаах омуһах буолар, иккиһин сир үрдүгэр намыһах, сытыары эркиннээх отуу курдук, тыын-тыҥырах тахсыбат гына буорунан сыбаан оҥороллор. Иккиэннэригэр эмэх маһынан буруолаталлар, ол иһигэр тириини уураллар. Иин иһинээҕи тирии үөһэттэн тардан ыларга быалаах буолар. Омуһах угаарданар, онон кыра да бириэмэҕэ киирэр кутталлаах.

Тирии буруо иһигэр үс-түөрт хонукка сытар, омуһах эбэтэр хоспох аанын үчүгэйдик сабан баран, бадараанынан сыбаан кэбиһэллэр. Итинник ыыһаммыт тирии мээнэ сытыйбат, дьүһүнэ да ыыс-араҕас, кэрэ буолар. (“Саха төрүт культурата”, М. А. Попова кинигэтиттэн).

Тириини сымнатар уҥунуох

Сахалар сүрүннээн тириини сымнатарга мас эмэҕин, суораты, арыыны, аһыйбыт сүөгэйи, быыбакканы тутталлар. Маны таһынан, анды арыытын, ис сыаны, сылгы сыатын, уҥуох арыытын, аһыйбыт үүт хойуутун, быар, кыыл-сүөл, сылгы, сүөһү, таба мэйиилэрин, оннооҕор күлү тутталларын туһунан кинигэлэртэн ааҕан билэбит.

Маны билэҕин дуо?

Былыр-былыргыттан тириини таҥастыыр тэрил араас. Олортон аныгы дьон сүрүннээн талкыны уонна кыһыаҕы үчүгэйдик билэбит. Онтон атыттар умнулла быһыытыйдылар.

  • Талкы — тутаахтаах баттыга уонна алларааҥҥы олоҕо тиистэрдээх, ол икки ардыларыгар кыбыта баттаан тириини имитэр мас тэрил:
  • Тобук талкы — мас туруору сааһынан оҥоһуллубут талкы.
  • Сыҥаах талкы — мас сытыары сааһынан оҥоһуллубут талкы.
  • Кыһыах — тирии түүтүн, субатын кыhыйарга эбэтэр сүөhү түүтүн тарыырга аналлаах мас уктаах төкүнүк, биилээх тимир; туох эмэ үрдүкү араҥатын кыhыйан ылар анал сэп.
  • Икки уктаах кыһыах — сытыы биилээх төгүрүк эбэтэр иэҕии-
  • лээх тимир быһах. Мас уктаах. Тирии субатын кыһыйан хастыырга туттуллар.
  • Сүллүгэс — ол бу кытаанаҕы (хол. иҥиири, тириини) дэлби сынньан сымнатарга туттуллар мас өтүйэ.
  • Сүлбэ быһах — халыҥ тириини араҥалыы тыыран сүлэр быһах.
  • Соноһоон, соһумаан — тиистээх кытыылаах төгүрүк хаптаҕай тимир, биитэ сытыыта суох, мас уктаах буолар. Сытыы биилээх төгүрүк тимир. Мас укка көнөтүк да, туора даҕаны иэҕэн олордоллор. Тирии субатын, түүнүгүн хастыырга туттуллар.
  • Чүчүм, чүчүк — сытыы биилээх төгүрүк халыҥ тимир. Биитэ арыт кыра тиистээх буолар. Кэлтэгэй өттүнэн уһун мас укка олордуллар.
  • Кэдэрээн — кыра тиистээх, биилээх кэдэгэр быһыылаах, уһун хаптаҕай тимир. Кэдэгэр уһун мас укка олордуллар эбэтэр икки уһугар мас тутаахтанар. Атын аата этирик. Тирии субатын хастыырга туттуллар.
  • Үрүөх быһах — иэҕиилээх сытыы биилээх чараас тимиртэн оҥоһуллубут быһах. Икки уһугар мас тутаахтаах. Тириини түүтүн, илэчитин кытта сүлэн ыраастыырга туттуллар. Илэчи диэн тирии түүтүн төрдүнээҕи араҥата ааттанар.
  • Үрбэ — тирии субатын кыһыйарга аналлаах кэдэгэр быһыылаах, мас уктаах, тимир тэрил.
  • Чохооччу — мас өтүйэ, сүллүгэс.

(“Саха төрүт культурата”, 1 чааһа. М. А. Попова, “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта” кинигэлэртэн).

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: