Салгыы
Тускул ахсынньы билгэтигэр тоҕо илин эҥээр оройуоннары киин улуустартан араарда?

Тускул ахсынньы билгэтигэр тоҕо илин эҥээр оройуоннары киин улуустартан араарда?

04.12.2023, 09:17
Хаартыска -- Тарас Тарасов-Тускул тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Сэтинньигэ өтөрүнэн  бэлиэтэммэтэх сылаас кэм кэлэн ааста: кыс хаар ортото соҕуруулуу-арҕаа улуустарга ардаан соһутта.

Норуот синоптига Тускул быйылгы ахсынньы билгэтигэр уларытыыны киллэрдэ. Ону  кини маннык быһаарда:

Ахсынньы бүтэй кэм. Айылҕа бүтүннүү утуйар. Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ. Оннук кэмҥэ киһи билгэтэ күүһүрэр. Ол иһин былыргы сахалар балаҕаҥҥа хаайтаран олорон, олоҥхону, остуоруйаны истэллэрэ, таабырыннаһаллара, чабырҕахтаһаллара. Киһи өйө-санаата сытыырхайар, куйаар урсунунан, халлаан хаттыгаһынан айанныыр.

Дьэ, хайдах хайдах халлаан биһигини кэтэһэр эбитий? Эрдэ эппитим курдук, сир сүнньэ хамсаан, хабараан тымныы кэлиҥҥи сылларга илин эҥээр улуустарга сыҕарыйан иһэр курдук. Ол иһин, бу саҥа оҥорбут барыллааһыммар саамай тымныы улуустарынан — Чурапчы уонна Таатта (Ытык Күөл) буолуохтара.  Онтон Өймөкөөн кэлэр, ол кэнниттэн — Дьааҥы.  Ахсынньы аастаҕына,  тэҥнээн көрөн баран,  бэйэҕит да сөпсөһүөххүт дии саныыбын.  Ол иһин мантан инньэ илин эҥээр оройуоннары киин улуустартан арааран, туһунан киллэрэр буолуом.

Сиһилии ахсынньыга ханна төһө тымныйарын туһунан Тускул билгэтин «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

+1
17
+1
1
+1
1
+1
4
+1
3
+1
6
+1
15
Бары сонуннар
Салгыы
6 января
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: