Ахсынньы – Билгэ Хаан Айыы ыйа. Бу кыһыҥҥы тымныы ыйы бэс ыйа батыһар.
Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар, оттон хаардаах, ичигэс ый буоллаҕына, бэс ыйыгар тымныйар. Ахсынньылаах тохсунньуга тыалырдаҕына, бэс уонна от ыйыгар тоҥоруулар (хаһыҥҥар) түһүөхтэрэ. Ойбон томточчу тоҥор буоллаҕына – уута суох саас. Ый түүн кыһыллыҥы өҥнөнөр эбэтэр иитэ эмиэ кытархай буолар – хаар түһэр.
Норуот синоптига Тускул быйылгы сыл бүтэһик ыйа хайдах буолуоҕун улуустарынан билгэтэ – интэриэһинэй.
-Саҥа үүммүт ый олох туруору таҕыста — хайдах да биэдэрэ ыйаммат буолла. Онон ахсынньы үгүс улуустарга, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, балай да сымнаҕас буолара сабаҕаланар. Бүлүү эҥэр улуустарга киин улуустарга тэҥнээтэххэ, кыһын сымнаһыар буолсу. Дьэ уонна I эрэ дэкээдэҕэ хаардаах. Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга бары улуустар курдук бастакы уон күҥҥэ хаардаах. Ый устата былыттаах күннэрэ баһыйан, улаханнык тымныйыа суоҕа. Өймөкөөн — Саха сирин саамай тымныы улууһа. Ол гынан быйыл урукку сыллардааҕы тымныыларга тиийбэт…
Салгыы Тускул ахсынньыны улуустарынан билгэлээбитин «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр сиһилии ааҕыҥ.
Кэбээйи улууһун суутун уурааҕынан оройуон биир нэһилиэгин олохтоохторо РФ Холуобунай кодексатын 166 ыстатыйатын 2 чааһын…
Бүгүн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров М.К. Аммосов аатынан ХИФУ үөрэтэр научнай киинин…
Билигин үгүс киһи чугас дьоммутугар Саҥа дьылга тугу бэлэхтиибит диэн толкуйдаах сылдьар буолуохтаах. Саҥа дьылга…
СӨ Үп министиэристибэтин кэлэктиибэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин, «Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара» бырагыраама кыттыылааҕын, билигин…
"Саҕынньахтаах селедка" салааты Саҥа дьылга сөбүлээн оҥоробут. Ол эрээри, бу салааты атыннык эмиэ оҥоруохха сөп…
Ырыаһыт Виталий Очиров хатыыс хабаҕынан туһаныы туһунан видеота социальнай ситимнэринэн тарҕанна.