Тускул ахсынньы ыйы билгэлээтэ

Share

Норуот синоптига Тускул  үгэс быһыытынан ахсынньыны – сылы түмүктүүр ыйы билгэлээтэ.

Сэтинньигэ өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылаас кэм кэлэн ааста: кыс хаар ортото соҕуруулуу-арҕаа улуустарга ардаан соһутта. Дьэ, ахсынньыга хайдах халлаан биһигини кэтэһэр эбитий? Эрдэ эппитим курдук, сир сүнньэ хамсаан, хабараан тымныы кэлиҥҥи сылларга илин эҥээр улуустарга сыҕарыйан иһэр курдук. Ол иһин, бу саҥа оҥорбут барыллааһыммар саамай тымныы улуустарынан – Чурапчы уонна Таатта (Ытык Күөл) буолуохтара. Онтон Өймөкөөн кэлэр, ол кэнниттэн – Дьааҥы. Ахсынньы аастаҕына, тэҥнээн көрөн баран, бэйэҕит да сөпсөһүөххүт дии саныыбын. Ол иһин мантан инньэ илин эҥээр оройуоннары киин улуустартан арааран, туһунан киллэрэр буолуом.

Илин эҥээр улуустар

Ахсынньы үгүс улуустарга, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, арыый сымнаҕас буолара сабаҕаланар. Киин улуустарга тымныйар – бу ыйга хаар олох суоҕун кэриэтэ.
I дэкээдэҕэ, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, сымнаһыар:  күнүс-40С кыраадыс тымныы, түүн -50С тымныы. II дэкээдэҕэ  хаар суох. Күнүс -38С кыраадыс тымныы, түүн -43С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ хаар кэмчи соҕус. Күнүс-40С кы­раадыс тымныы, түүн -44С кыраадыс тымныы.

Киин улуустар

Ахсынньы киин улуустарга сымнаҕас буолара сабаҕаланар, хаар олох суоҕун кэриэтэ. I дэкээдэҕэ сымнаһыар, күнүс-36С кыраадыс тымныы, түүнүн -40С тымныы. II дэкээдэҕэ хаар түспэт. Күнүс -35С кыраадыс тымныы, түүн -38С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ хаар кэмчи. Күнүс-36С кыраадыс, түүн -40С кы­раадыс тымныы.

Бүлүү бөлөх улуустар

Быйылгы сылга I дэкээдэҕэ эрэ кыра хаардаах. I дэкээдэҕэ былырыыҥҥы сыллардааҕар тымныы, күнүс -39С кыраадыс, түүнүн -42С тымныы. II дэкээдэҕэ хаар олох суох. Күнүс -36С
кыраадыс, түүнүн -40С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ хаар суох да, былыттаах буолан улахан тымныы түһүө суох. Күнүс 35С кыраадыс, түүн -38С кыраадыс тымныы.

Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга хаар эмиэ олох суох. Ый устата былыттаах күннэрэ баһыйан, улаханнык тымныйыа суоҕа. I дэкээдэҕэ сылаас: күнүс -34С кыраадыс, түүн -37С тымныы. II дэкээдэҕэ хаар суох. Күнүс -27С кыраадыс, түүнүн -32С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ да хаар суох. Күнүс 30С кыраадыс, түүн -34С кыраадыс тымныы.

Өймөкөөн улууһа

Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн – Саха сирин саамай тымныы улууһа. Ол эрээри быйыл урукку сыллааҕы тымныыларга тиийбэт. Хаар олох суох. I дэкээдэҕэ күнүс -44С
кыраадыс, түүн -48С тымныы. II дэкээдэҕэ тымныы: күнүс -42С кыраадыс, түүн -45С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн -45С кыраадыс, түүн -49С кыраадыс тымныы.

Дьааҥы улууһа

Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, тымныыта арыый да ама. Хаар манна эмиэ түһүө суоҕа. I дэкээдэҕэ күнүс -40С кы­раадыс тымныы, түүн -43С тымныы. II дэкээдэҕэ арыый да
тымныйыыһы – күнүс -43С кыраадыс, түүн -45С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ тымныыта сымнаһыар. Күнүһүн -42С кыраадыс, түүн -45С кыраадыс тымныйыыһы.

Абый, Муома, Халыма, Үөһээ Халыма, Аллараа Халыма улуустара

Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга, бастакы дэкээдэҕэ  хаара кэмчи, иккис үһүс дэкээдэлэргэ хаар олох да суох. I дэкээдэҕэ күнүс -38С кыраадыс, түүн -42С тымныы. II
дэкээдэҕэ хаара суох. Күнүс -38С кыраадыс, түүн -40С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн -39С кыраадыс, түүн -42С  кыраадыс тымныы.

Анаабыр, Өлөөн, Тиксии

Арктика эҥээр улуустарга ый бастакы-иккис дэкээдэлэригэр кыра хаардаах. Үһүс дэкээдэҕэ хаара кэмчи соҕус. I дэкээдэҕэ күнүс -24С кыраадыс, түүн -28С тымныы. II
дэкээдэҕэ: күнүс -29С кыраадыс, түүнүн -32С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ ый бүтүүтэ хаар суох. Күнүс -25С кыраадыс, түүн -28С кыраадыс тымныы.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
0
+1
1
+1
2
+1
2
+1
2
+1
4

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Кыргызстан бэрэсидьиэнин кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев Киргизия Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Садыр Нургожоевич Жапаровы кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр инникитин…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Бишкеккэ Сергей Вакуновы кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Бишкек куоракка  Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр РФ боломуочуйалаах посолун Сергей Вакуновы кытта…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөх туһунан…

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүн кыл кылыһаҕы – кыл устурууналаах кырыымпаны сөргүтүү, оҥоруу уонна оонньооһун…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Кэпсээннэр
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Тургутук

Тускул: «Өтөрүнэн кыһын кэлиэ суох курдук…»

Сааскылыы ичигэс күннэр туран, туманынан бүрүммүт кыһыммытын умнуох да курдук буоллубут. Норуот синоптига Тускул "Тэтим"…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: «Посадочнай толуону» сүтэрбит буоллаххына…

Ыйытыы:  Үлэбэр бырайыаспын туһаммыппын отчуоттуурум ирдэнэр.  Ол эрээри "посадочнай толуоммун" сүтэрэн кэбистим. Хайдах гыныахха сөбүй?…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 1 күнүттэн Арассыыйаҕа туох уларыйыы киириэҕэй?

Ахсынньы 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахтар ахсааннара элбиэҕэ, 80 сааһын туолбут дьоҥҥо биэнсийэ үрдүөҕэ, байыаннай дьайыы…

11 часов ago