Салгыы
Тускул анаарыыта: от ыйа хайдах буолуой?

Тускул анаарыыта: от ыйа хайдах буолуой?

06.07.2023, 11:17
Хаартыска: Мария Васильева (СИА).
Бөлөххө киир:

От ыйа тохсунньуну батыһар. Сайын үгэнэ, сайын оройо. От-мас сибэккитэ, туорааҕа ситэр. От ыйын туһунан Тускул билгэтин кытта билсиэх.

Үрэх кытылыгар сардаана сибэкки тэтэрэ кыыһар. Чараҥнарга дьэдьэн буһар, сыһыы, үрэх саҕатыгар хаптаҕас, моонньоҕон ситэр. Күн ортотугар түһэр сиккиэр тыал от-мас сиэмэтин ыһар. Сир аайы — сибэкки ыһыаҕа. Көтөрдөр оҕолорун көтүтэллэр. Кинилэри батыһыннара сылдьан түргэнник көтөргө, аһылыктарын булунарга үөрэтэллэр. Саха сиригэр от хомуура саҕаланар. Отчуттар аҕыс ыйдаах ыарахан кыстыгы эрэйэ суох туоруур туһугар элбэх оту оттуурга дьулуһаллар. Оҕолуун-уруулуун бука бары ходуһаҕа тахсаллар.

Саха оттуур кэмин үс Таҥаранан бэлиэтиир: от ыйын 12 күнэ — Бөтүрүөп, окко киирэр кэм. Эбэтэр хойутаабыт дьон «абааһы мунньаҕын» кэнниттэн от ыйын 15 күнүттэн киирэллэр. Атырдьах ыйын 2 күнэ — Ылдьыын, хотуур ортото; балаҕан ыйын 14 күнэ — Сэмэнэп, от үлэтин бүтүүтэ.

Үгүс киһи от ыйын 13 күнүттэн — “Кунай Хотуурдаах” күнтэн куттанар. Ол аата “абааһы мунньаҕа” от ыйын 12 күнүгэр түүн 12 чаастан от ыйын 13 күнүн түүн 12 чааһа туолуор диэри буолар. “Абааһы мунньаҕын” кэмигэр айдаарар, тыаһы таһаарар — аньыы. Онон тыаһаамаҥ-ууһаамаҥ, мээнэ күлүмэҥ-салымаҥ, улахан үлэни үлэлээмэҥ, сии дьүгээр сылдьыллыахтаах.

Быйылгы сайын күнэ-дьыла уларыйбыт курдук. Ол курдук, от ыйын өҥүрүк куйааһа быйыл бэс ыйын 25 күнүттэн саҕаламмыта уонна от ыйын 10 күнүнэн түмүктэниэх курдук. Бэс ыйыгар да ардахпыт кэмигэр түһэн от-мас балай да сиппит курдук онон от ыйы саҥатыттан окко киирдэхпитинэ үлүмнэһэн оттуурга саамай табыгастаах кэмнэр буолуохтара. Онтон от ыйын 25, 28, 29, 30 күннэригэр ардахтаах күннэр туруохтара.

2021,2022, 2023 сыллар — Күҥҥэ эстии муҥутуур кэмэ. Онон бу сыллары этэҥҥэ аһарарбыт буоллар, кураан арыый да мөлтөөн, өҥ дьыллар сыыйа кэлэн барыахтара. Онон бу кирбии кураан сыллары хайдах эрэ бэйэ-бэйэни өйөһөн, этэҥҥэ туоруохха.

Хаартыска: Мария Васильева (СИА).

От ыйын билгэтэ

ОТ ЫЙЫН 3 КҮНЭ — Бу күн ардаатаҕына, ый былаһын тухары ардыа.

ОТ ЫЙЫН 7 КҮНЭ — Сир симэҕэ сибэкки ситэр кэмэ, эмтээх оту хомуйуу.

ОТ ЫЙЫН 12 КҮНЭ — БӨТҮРҮӨП КҮНЭ. От сиэмэтэ ситэр, Окко киирии, Өҥүрүк куйаас, Бөтүрүөп ардаҕа түстэҕинэ бурдук, отон, тэллэй дэлэй күһүнэ буолар.

ОТ ЫЙЫН 13 КҮНЭ — КУНАЙ ХОТУУРДААХ КҮНЭ. Бу күн от охсуллубат, абааһы мунньахтыыр күнэ.

ОТ ЫЙЫН 14 КҮНЭ — Оҕуруокка сыыс оту ыраастааһын кэмэ. Бу күн ыраастаатаххына өлгөм үүнүүнү ылыахха сөп.

ОТ ЫЙЫН 21 КҮНЭ — Кус оҕото ситэр, дьэдьэн буһар.

ОТ ЫЙЫН 21 КҮНЭ — БОРОКУОППАЙАП КҮНЭ. Кус оҕото ситэр, кэҕэ үчүгэй дьылга Борокуоппайапка диэри этэр.

Улуустарга от ыйыгар күн-дьыл туруга

КИИН УЛУУСТАР

Быйыл үс сыл устата турбут куйаас, кураан сайыннары түмүктүүр сайын. От ыйа үгүс улуустарга, эмиэ былырыыҥҥытын курдук, куйаас, кураан, кыра ардахтаах. Ордук бастакы уон күҥҥэ киин үгүс улуустарга куйаарыаҕа. Ардах улуустарынан араастаан түһүөҕэ: бу ыйга II–III дэкээдэлэргэ быстах-быстах күүстээх этиҥнээх, омуннаах ардахтаах. Быйыл тобурах түһэрэ хайа да сыллардааҕар хойуу уонна кутталлаах. Сорох сирдэргэ кураанах этиҥнээх буолан, баһаар турар куттала үгүс. Быйылгы сайын түүнэ +15 С+20 С сылаас буолан от мас, сир аһа, оҕуруот аһа үүнэригэр олус үчүгэй буолууһу.

Бу ый I дэкээдэтигэр түүнэ, күнүһэ куйаас: күнүс +28 С+32 С кыраадыс куйаас, түүнүн +15 С+19 С сылаас. II дэкээдэҕэ: күнүс +24 С+28 С кыраадыс куйаас, түүн +17 С +19 С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс +23 С+26 С кыраадыс сылаас, түүн +15 С +18 С кыраадыс сылаас.

БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР

Киин улуустары кытта тэҥ соҕустук син өр куйаарыаҕа. Түүн биллэ сылаас буолууһу. Бу ыйга Бүлүү эҥэр улуустарга III дэкээдэҕэ биллэ ардахтаах буолууһу. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +25 С+29 С кыраадыс куйаас, түүнүн +14 С+18 С. II дэкээдэ күнүс +25 С+28 С кыраадыс сылаас, түүнүн +16 С +20 С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс+24 С+26 С кыраадыс сылаас, түүн +16 С +19 С  кыраадыс сылаас.

ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга быйылгы от ыйа кэмиттэн кэмигэр сөҥүүлээх буолара сабаҕаланар, ол курдук II–III дэкээдэлэргэ ардахтаах буолууһу. Салгын температурата былырыыҥҥы куйааска арыый да тиийиэ суох. Бу ый I дэкээдэтэ күнүс +24 С+28 С кыраадыс сылаас, түүнүн +13 С+18 С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +22 С+25 С кыраадыс сылаас, түүнүн +16 С +20 С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ Күнүс+23 С+26 С кыраадыс сылаас, түүн +15 С +18 С кыраадыс сылаас буолууһу.

ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА

Өймөкөөн улууһугар от ыйа былырыыҥҥы куйааһыгар тиийиэ суох, көннөрү сылаас ый буолууһу. Бастакы уонна иккис дэкээдэҕэ быстах-быстах күүстээх этиҥнээх ардахтаах, онтон үһүс дэкээдэҕэ кыра-кыралаан уһун ардахтаах.

Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс +23 С+28 С кыраадыс сылаас, түүнүн11 С‑14 С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүһүн +20 С+25 С кыраадыс сылаас, түүнүн +14 С+19 С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүһүн +20 С+23 С кыраадыс сылаас, түүн +13 С+15 С кыраадыс сылаас. Былырыын Өймөкөөн улууһугар от ыйын бастакы уон күнүгэр муҥутаан +30 С+32 С тиийэ куйаара сылдьыбыта.

ДЬААҤЫ УЛУУҺА

Дьааҥы улууһугар былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, быйылгы от ыйа эмиэ сылаас, кураан буолууһу. Ардах I эрэ дэкээдэҕэ баар этиҥнээх ардах көннөрү ардах биллиэ, онтон II — III дэкээдэлэргэ ардах олох суоҕун кэриэтэ. Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс +20 С+24 С кыраадыс сылаас, түүнүн +9 С+12 С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүһүн +15 С+23 С кыраадыс сылаас, түүнүн +13 С+17 С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүһүн+20 С+21 С кыраадыс сылаас, түүн +12 С+14 С кыраадыс буолар. Былырыын от ыйыгар: I дэкээдэҕэ түүнүн+15 С+18 С, күнүһүн +30 С+33 С.

АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ УЛУУСТАРА

Халыма-Индигир эҥэр улуустарга от ыйа былырыыҥҥы куйаастарга тиийбэт буолууһу. Быйылгы от ыйа олох кураан буолара сабаҕаланар, арай III дэкээдэ бүтүүтүн саҕана кыра ардахтаах буолууһу. Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс +15 С+20 С кыраадыс сылаас, түүн +8 С+11 С кыраадыс сылаас. II дэкээдэҕэ күнүһүн +19 С+25 С кыраадыс, түүнүн +15 С+19 С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүһүн +18 С+21 С кыраадыс сылаас, түүн +10 С+13 С кыраадыс сылаас. Былырыын от ыйын бастакы дэкээдэтигэр түүнүн+13 С +16 С, күнүһүн +29 С+33 С;

АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИИ

Арктика эҥэцэр улуустарга от ыйын бастакы уон күнүгэр түүҥҥү да күнүскү өттүгэр балай да сөрүүн буолууһу. Иккис уонна үһүс дэкээдэлэргэ син сылыйыыһы. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс 2 С+5 С кыраадыс сылаас, түүн +1 С+3 С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүһүн +10 С+12 С кыраадыс, түүнүн +6 С+8 С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүһүн +10 С+13 С кыраадыс, түүн +6 С+8 С кыраадыс сылаас. Былырыын от ыйыгар I дэкээдэҕэ түүнүн+10 С+15 С, күнүһүн +12 С+16 С.

Хаартыска: Мария Васильева (СИА).

Сайын үс түһүмэҕэ

САМААН САЙЫН — Ыам ыйын 22 күнүттэн от ыйын 21 күнүгэр диэри.

ИЛГЭ САЙЫН — От ыйын 21 күнүттэн от ыйын 20 күнүгэр диэри саары куйааһа.

ИЙЭ САЙЫН — От ыйын 22 күнүттэн аты

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: