Тускул атырдьах ыйын билгэлээтэ
От ыйа түмүктэнэн, сарсыҥҥыттан сайын бүтэһик кэмигэр — атырдьах ыйыгар үктэнэбит.
Быйыл үгүс дьон бэлиэтииринэн, олус бэрт сайын ааһан эрэр. Дьон бу санаатын ый саҥатын аайы халлаан туругун билгэлээн сэрэтэр норуот синоптига Тускул эмиэ бигэргэтэр:
«Быйылгы сайын үгүс улууска куйаас эрээри, сөбүгэр ардахтаах буолан от мас, оҕуруот аһа, сир аһа өлгөмнүк үүнэн, үчүгэй сайын ахсааныгар киирдэ. Ол оннугар Бүлүү бөлөх, Кэбээйи, Горнай улуустарыгар уһуннук ардаан, урукку баһаардар охсууларынан да буолуо, уу таһыма үрдээн, олохтоохтору сүгүн оттоппото.
«Аны атырдьах ыйа хайдах буоларый?» диир буоллахха, ый бастакы уон күнэ үгүс улууска этиҥнээх ардаҕы «бэлэхтиэҕэ». Ону кытта күүстээх тобурах, тыал «сиэттиһэ сылдьан» буулуохтара.
Дьэ, уонна салгыы атырдьах ыйыгар ханнык улуустарга элбэх ардах түһэрин, ханна сылаас күннэр туран үөрдүөхтэрин туһунан сиһилии Тускул билгэтин бу чэппиэрдээҕи «Саха сирэ» хаһыакка ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: