Тускул бар дьонугар ыҥырыы таһаарда

Тускул бар дьонугар ыҥырыы таһаарда

01.05.2023, 14:51
Хаартыска -- Тарас Тарасов тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Норуот синоптига Тускул үгэс быһыытынан ыам ыйынааҕы билгэни дьон билиитигэр бэлэмнээн таһаарда. 

«Ыам ыйа сэтинньини батыһар. «Кус кэлэр» уонна «Сайын кэлэр самыыра» диэн икки ардахтаах. «Сири куурдар» уонна «Муус көтөҕөр» диэн икки тыаллаах. Бу ыйга сайын от хайдах үүнүөҕүн билгэлииллэр. Сайыҥҥы күнү-дьылы бастакы этиҥ этиитинэн, кэҕэ этэринэн уонна ньургуһун хайдах үүммүтүнэн сылыктыыллар. Бу ыйга өбүгэлэрбит сайылыыр сирдэригэр, сайылык дьиэлэригэр көһөллөрө. Оттон билигин субуотунньук тэрийэн, оҕолуун-улаханныын бары дьиэ тэлгэһэтин хомуйаллар, иһин-таһын ыраастыыллар. «Иэйиэхсит Айыы Хотун олохсуйдун» диэн тэлгэһэ иһинээҕи тутуулар муннуктарын кытыан оту уматан, буруо таһааран арчылыахха сөп.

Сахаларга ыам ыйын 22 күнэ – сааскы Ньукуолун улахан суолталаах күн. Бу күн биһиги айылҕаҕа чугаһыыбыт, күөххэ тахсан, кэҕэ этэрин истэбит, мутукча сытын ылан дуоһуйабыт, ньургуһун тыллыбытын көрөн үөрэбит, ыраас салгынынан тыынан чэбдигирэбит.

Ыам ыйа ыраастанар Иэйиэхсит ыйа. Ол курдук, ыраастанар сиэр-туом толорор, айылҕаҕа тахсан ыраастанар кэм.

Ыраас, чэгиэн,  айылҕа ситимигэр киирэн, сайда-үүнэ, арылла, айа туруҥ, күндү бар дьонум» — диэн Тускул санаатын тиэрдэр.

Тускул билгэтинэн, ыам ыйыгар былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ,  Дьокуускайга уонна  киин  улуустарга эрдэлээн күүскэ сылыйыаҕа.

Хаартыскаҕа Елена Потоцкая түһэриитэ. 

Сиһилии норуот синоптига үүммүт ый хайдах буолуоҕун туһунан улуустарынан анаарыытын «Саха сирэ» хаһыат» бу чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ. Ыам ыйынааҕы билгэтин анаарыытыгар Тускул аны маннык ыҥырыылаах таҕыста:

Араадьыйаҕа ыытар “Тускул билгэтэ” биэриибин үгүс киһи анаан-минээн кэтээн истэрин, олоххо-дьаһахха туһанарын туһунан, сирэй көрүстэхпинэ да, суругунан да, бассаабынан  да  биллэрэллэр. Уонна туох кыалларынан көмөлөһө сатыыллар. Онон мин кинилэргэ махталым муҥура суох.

Соторутааҕыта билэр дьонум аҕаларын уонна эһэлэрин күнү-дьылы билгэлиир дневниктэрин — уопсай тэтэрээккэ суруллубут үлэни сканердаан аҕалан биэрдилэр. Онон мин ытыктыыр истээччилэрбиттэн көрдөһүөм этэ: эһиэхэ чугас дьоҥҥут маннык күннүктэрэ баар буоллаҕына, куоппуйалаан, сканердаан баран, тиксэрэргит буоллар. Бу урукку холобурдары ырытан үлэлииргэ миэхэ улахан көмө буолуо этэ. Үлэхпин маннык аадырыска ыытыаххытын сөп: Дьокуускай к., Орджоникидзе уул. 48 №-рэ, “Саха” НКИХ, “Выпуск радио”  эрэдээксийэтэ. Билсэр төлөпүөн: 8-(4112)-34-37-65.

Онон ким күнү-дьылы кэтээн көрөр дьарыктаах күннүктээх буоллаҕына, Тускулга көмөлөһөргүтүгэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: