Тускул: «Бээтинсэттэн үгүс улууска — хаһыҥнаах, хаардаах, ардахтаах сөрүүн күннэр»
Норуот синоптига Тускул балаҕан ыйын 8 күнүттэн 13 күнүгэр диэри күн-дьыл туругун анаарда.
Ол курдук, киин улуустарга, атын улуустар курдук биллэ сөрүүкүөҕэ, сигирээн.
Бүлүү эҥэргэ эмискэ тымныйыаҕа. Бээтинсэҕэ манна түүн 2-3 кыраадыс тымныы бэлиэтэниэҕэ. Хаһыҥнаах. Күнүс 4-5 кыраадыс сылыйар. Сэрэдэҕэ, чэппиэргэ манна хаардаах ардах. Сигирээн.
Өлүөхүмэҕэ түүн 2-3 кыраадыс тымныы. Хаһыҥнаах. Күнүс 7-8 кыраадыс сылаас.
Кэбээйигэ түүн 0 кыраадыс, күнүс 6-7 кыраадыс сылаас.
Өймөкөөҥҥө балаҕан ыйын 11 күнүгэр улаханнык тымныйыаҕа. Түүн 3-4 кыраадыс, күнүс 10 кыраадыс сылаас.
Дьааҥыга күнүс 10 кыраадыс сылаас. Халыма-Индигиир улуустарыгар хаар уонна ардах. Өлөөҥҥө 3-4 кыраадыс сылаас. Хаһыҥнаах.
Тиксиигэ Лаптевтар муоралара охсон, 6-8 кыраадыс сылыйыаҕа. Ый аҥаара манна сылаас күннэр туруохтара.
Улаханнык тымныйда, күһүн эрдэ кэллэ диэн сэрэхидийэр эрдэ. Балаҕан ыйын 14 күнүттэн сылаас, чаҕылхай күннээх кэм хаттаан эргийиэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: