Салгыы
Тускул: «Бэҕэһээҥҥи көстүү — дьүкээбил буолбатах…»

Тускул: «Бэҕэһээҥҥи көстүү — дьүкээбил буолбатах…»

02.12.2023, 14:00
Хаартыска -- аһаҕас социальнай ситимнэртэн
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, ахсынньы 1 күнүгэр, дойду үрдүнэн улахан күн эстиитэ буолан ааста.

Ону социальнай ситимнэргэ дьон үөрүйэҕинэн  «дьүкээбил уота» диэн ааттаан, хаартыскаҕа уонна видеоҕа үйэтиттилэр. Бу туох көстүү буолан ааспытын  Тускултан ыйыталастым. Онуоха норуот синоптига бу курдук быһаарда:

Бу кэлиҥҥи сылларга мин күнү-дьылы билгэлиирим тухары «күн эстиитэ буола турар» диэн өрүү бэлиэтээн, ыллаабатым эрэ. Быйыл күн эстиитин 25-с циклын саамай оройун кэмигэр олоробут. Бу иннинэ 5 бааллаах күн эстиилэрэ буолан, сүрүннээн от күөҕэ өҥнөнөллөр этэ. Бэҕэһээ көстүбүт күн эстиитэ — 7 бааллаах. Саамай улахан эстиитэ 9 баалга тэҥнэһэр. Ол кэннэ «Х» (икс) кэлэр. Оччотугар халлаан барыта кытарар, электричество уота барар, сибээс  быстар, сир иһийэр.

Сир геомагнитнай бүрүллүүтүн күн эстиитин сардаҥаларын радиацията курдары киирэр. Геомагнитнай хах 5-6 эрэ баалы тулуйар. 9 баал бэрт сэдэхтик буолар. Итинник муҥутуур күн  эстиитэ, дьоммут кэпсииллэринэн, 1941 сыл устата буолбут. Оччолорго «халлаан наар кыһыл сардаҥаларынан умайбыта» дииллэрэ. Быйылгы 7 бааллаах күн эстиитэ Сиргэ өтө киирэн кислороду «сиир».  Ол, биллэн турар, Сир олохтоохторугар үчүгэйинэн аҕаабат — доруобуйаҕа буортулаах, дьон ньиэрбэтэ күүрүүтүгэр, санаатыгар дьайар. Маннык кэмҥэ «дьүкээбил уота» дии-дии үөрбэккэ-көппөккө,  хаартыскаҕа түспэккэ, төттөрүтүн, салгын уларыйар кэмигэр таһырдьа тахсыбакка, дьиэҕэ бүгэн олоруохха наада. Радиация кимиэхэ да үчүгэйи аҕалбата чахчы. Онон «халлаан умайарын» дьүкээбилтэн араара үөрэниэххэ наада. Халлааҥҥа кыһыл сардаҥа таҕыста да, доруобуйаҕа буортута улахан.

Бэлиэтээн эппитим курдук, быйылгы сыл күн эстиитин бүтэһик оройо. Ол да иһин буолуо, аан дойдуга араас аймалҕан, өстөһүү, дьон олоҕун айгыратар дьайыы муҥутуур кэмэ. Күн эстиитэ дьон өйүн-санаатын күүрдэр, бэйэ-бэйэни өйдөспөт, өсөһүннэрэр айылгылаах. Мантан инньэ Сир Ийэ олоҕо дьэ холкутаан барыаҕа. Бэҕэһээ күн эстиитин сардаҥалара Сир хаҕын геомагнитнай бүрүөһүнүн  алдьатан киириилэрин  муҥутуур чыпчаала кыһыл сардаҥаларынан бэлиэтэннэ. Ити аата күн эстиитин муҥутуур чыпчаала түмүктэннэ.  Эһиилгиттэн нус-хас олох сыыйа салаллан барыаҕа. Барыта орун оннугар түһэн иһиэҕэ. Үчүгэй, сырдык кэмнэр үүнүөхтэрэ. Онон өрө күүрбэккэ, «бу куһаҕан бит», «киһи тулуйбат тымныылара буолуоҕа», «планетабыт эстэр буолла» диэн куһаҕан сабаҕалааһыннары тохтотуҥ, доҕоттор. Кыһыммытын ким кэлэн уларытан ичигэс оҥоруой? Биллэн турар, тымныыбыт айылҕа оҥоһуутун быһыытынан кэлэн ааһыа буоллаҕа.  Төттөрүтүн, бу — үчүгэйгэ.

 Хайдахтаах курдук уустук кэмин бары билэ-көрө сылдьабыт. Күүрэн-күүрэн баран, Ийэ Айылҕа эстиини таһаардаҕа дии. «Түксү, тохтооҥ, уоскуйуҥ!» диэн аан дойдуга барытыгар «сэрэтэн» ааста. Мантан ыла барыта үчүгэйгэ туһуланыаҕа, нус-хас кэм үүнүөҕэ. 

Норуот синоптига Тускул эппитэ туоларыгар бигэтик эрэнэн  туран, «оннук эрэ буоллун!» диибит. 

+1
128
+1
1
+1
5
+1
7
+1
9
+1
7
+1
12
Бары сонуннар
Салгыы
30 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: