Тускул: «Бэс ыйын 24 күнүгэр эмиэ тымныйан ылыаҕа»
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар эмиэ күһүҥҥүлүү тымныы күннэр буолан аастылар.
Тоҕо тымныйан ылбытын норуот синоптига Тускул «Тэтим» араадьыйаҕа бээтинсэтээҕи күнү-дьылы сылыктааһыныгар маннык быһаарда:
— Саха сиригэр эрэ буолбатах, ааһан эрэр нэдиэлэҕэ Арассыыйа бары эрэгийэннэригэр тымныы салгын сабардаан ааста. Ааттаах-суоллаах синоптиктар да маннык тымныы кэлэн ааһарын билбэтэхтэрэ, ол иһин ханнык да сэрэтии суоҕа. +30 кыраадыска тиийэ куйаарбыт киин куораттарга эмискэ хаһыҥ түһэн, ол эҥэр олорор дьону ыксата сырытта. Саха сиригэр бу күннэргэ түүн +4-5 кыраадыска тиийэ сырытта, сорох улуустарга -2 кыраадыс бэлиэтэнэн ылла. Кэлэр нэдиэлэттэн сыыйа сылыйан барыаҕа, түүн +10 кыраадыс буолуоҕа, күнүс +22-23 кыраадыс бэлиэтэниэҕэ. Арай үгүс улууска бэс ыйын 24 күнүгэр эмиэ эмискэ тымныйан ылыаҕа. Ол курдук, Бүлүү эҥэр бэс ыйын 23 күнүгэр +10 кыраадыс буолуоҕа. Кэбээйигэ бээтинсэ күн, бэс ыйын 23 күнүгэр, күнүс +5-6 кыраадыс эрэ буолуоҕа. Онон 24 чыыһылаҕа ыһыахтыы барар дьон ичигэстик таҥнаарыҥ.
Тымныытынан аатырар Өймөкөөҥҥө бу күннэргэ ураты болҕомто — бу улууска өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллаары турар буолан, онно бараары сылдьар үгүс киһи «хайдах күн-дьыл буолара буолла?» диэн толкуйдуу сылдьара чахчы. Халлаан туруга манна күн аайы биир тэҥ. Тымныйбат да, сылыйбат да — күнүс 20-тэн тахса кыраадыс, түүн +10 кыраадыс сылаас. Олоҥхо ыһыаҕын саҕана Өймөкөөҥҥө 20-тэн тахса кыраадыс сылаас.
Дьааҥыга бу күннэргэ түүн +10, күнүс 20-тэн тахса кыраадыс. 24 чыыһылаҕа манна тымныы эмиэ охсуллан ааһыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: