Салгыы
Тускул: «Бэс ыйын  уратыта —  үгүс соһуччу айылҕа дьикти дьайыылара буолуохтара»

Тускул: «Бэс ыйын  уратыта —  үгүс соһуччу айылҕа дьикти дьайыылара буолуохтара»

11.06.2024, 14:30
Хаартыска -- Галина Горчакова түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Кэнники кэмҥэ социальнай ситимнэргэ «Тускул билгэтэ» диэн халлаан туругун норуот синоптига Тускул аатыттан тахсар иһитиннэрии элбээтэ.

Бу туһунан Тускул «Саха сирэ» саайтка маннык иһитиннэриини ыытта:

Кэнники кэмҥэ социальнай ситимнэргэ  “Тускул ыйдааҕы билгэтэ” диэн ааттаан, урукку сылларга уонна былырыын тахсыбыт билгэлээһиннэри булан, дьону бутуйан, бэрт элбэх иһитиннэрии тахсар буолла. Ону билбэт дьон итэҕэйэр, төлөпүөнүм араас ыйытыынан «кытара» олорор. Бу ыйга айанныы сылдьар буолан, бэс ыйын билгэтин хойутаан оҥорорго былааннаммытым. Соһуйуом иннигэр, мин ааппыттан бэс ыйын билгэтэ тахса охсубут. Мин ханнык да иһитиннэрэр ситимҥэ бу ый билгэтин ыыта иликпин. Онон өссө төгүл санатыахпын баҕарабын — Тускул үүммүт ыйы билгэлээһинэ ый бүтүүтэ эбэтэр ый бастакы күннэригэр биир  бастакынан “Саха сирэ» саайтка тахсан тарҕанар. Онон бэс ыйын туһунан билгэбин, үгэс быһыытынан бастакынан эмиэ бу саайтынан иһитиннэрэбин.

БЭС ЫЙА– ҮРҮҤ АЙЫЫ ТОЙОН ЫЙА

Бэс ыйа — бары айыылар баһылыктара Үрүҥ Айыы ыйа. Аан дойдуну бүтүннүүтүн айбыт сүдү, саамай күүстээх Айыы буолар. Алгыһы, уруйу-айхалы кытта аргыстаһа сылдьар буолан, кини кыаҕа-күүһэ муҥура суох улахан. Бэс ыйыгар туох барыта сириэдийэр, ситэр. Кэҕэ этэн чоргуйар, күөллэргэ балык күннээн ыыр. Кэрэ кэм саҕаланар. Титииккэ, сайылыкка түптэ буруота унаарар, маныыһыт сайдыыра иһиллэр. Бу барыта – самаан сайын саҥата.

Бу ыйга саамай уһун күннэр тураллар. Саамай сырдык үрүҥ түүннэргэ киэһээҥҥи уонна сарсыардааҥы саһарҕалар оонньууллар. Ый 21 күнэ — саамай уһун күн, саамай кылгас түүн. Ый саҕаланыытыгар тыал үүнээйини кэҕиннэрэр, ииннэрэр эбит буоллаҕына, ый бүтэһигэр тыал от-мас сиэмэлэрин ыһар, кэлэр сыллааҕы кэскили түстэһэр.

Быйылгы ыам ыйа да, бэс ыйа да — олох ураты ыйдар. Ол курдук ыам ыйын саҕаланыыта тымныынан хатаҕалаабыт буоллаҕына, бүтүүтүгэр от ыйын куйааһа түһэн, 30 кыраадыстаах куйаас буола сырытта. Онон илин эҥэр, киин улуустарга анды күүскэ киирэн, Байанай тосхойдо.

Быйыл сайын эмискэ күүстээх баҕайы тыал, холорук түһүөн сөп. Ити салгын хамсааһынын дьайыыта. Ардаҕа суох этиннээх, чаҕылҕаннаах буолуоҕа. Ол тыа баһаарын күөттүөҕэ, сорох сирдэргэ тобурах түһэн хоромньуну аҕалыаҕа. Эмискэ биэдэрэнэн куппут курдук ардах курулаччы түһүөҕэ. Быстах ардах үгүс улуустары хабыаҕа.Үгүс улууска билигин да күүстээх тыал, тобурах түһэн, улахан хоромньуну аҕаллыллар. Онон бу сайын туохха барытыгар эрдэттэн сэрэхтээх уонна бэлэмнээх буолуҥ. Дьиэҕит кырыыһатын, атын да тутууларгытын бөҕөргөтүҥ. Икки өттүн хаптаһынынан сабыҥ, чэпчэкитик көтөр маллары харысхаллаах күлүк сиргэ ууруҥ. Ийэ Айылҕа күүһүн умнумаҥ.

Бэс ыйа: улуустарынан билгэ 

Аны улуустарынан билиһиннэрдэххэ, бэс ыйа илин эҥэр улуустарга түүнүн соччо сылыйыа суоҕа, сөрүүн. Ый аҥара көтө сылдьан ардыыһы эрээри, ардаҕа кэмчи соҕус буолсу. Бастакы уон күҥҥэ — күнүс +21С+24С кыраадыс сылаас, түүн +7С+9С. II дэкээдэҕэ күнүс +24С+26С кыраадыс сылаас, түүнүн  +16С +18С  кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс да, түүн да биллэрдик сылыйар. Күнүс +24С+26С кыраадыс сылаас, түүн  +15С +16С  кыраадыс  сылаас.

Бэс ыйа киин улуустарга сөрүүн. Көтө сылдьан ардахтаах. Ардах бу ыйга былырыыҥҥытын курдук II-III дэкээдэҕэ кэмчи, куйаас-кураан. Бастакы уон күҥҥэ — күнүс +19С- +23С кыраадыс куйаас, түүн +6С+10С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +25С+28С кыраадыс сылаас, түүн  +12С +17С  кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс +24С+26С кыраадыс сылаас, түүн  +16С +19С  кыраадыс сылаас.

Бүлүү эҥэр улуустарга киин улуустары кытта тэҥ соҕустук сылыйыыһы, түүн биллэ сылаас. Дьэ уонна бу ыйга Бүлүү эҥэр улуустарга III дэкээдэҕэ кыра ардахдаах. Бастакы уон күҥҥэ — күнүс күнүс +25С+28С кыраадыс сылаас, түүн+13С+16С . II дэкээдэҕэ күнүс +16С+26С кыраадыс сылаас, түүн  +16С +19С  кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс +24С+27С кыраадыс сылаас, түүн  +17С +19С  кыраадыс сылаас.

 Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга быйыл III дэкээдэҕэ балай да сөҥүүлээх буолара сабаҕаланар. Ол оннугар I –II дэкээдэлэргэ ардаҕа кэмчи буолсу. Салгын температурата былырыыҥҥы куйааска тиийиэ суох. Бастакы уон күҥҥэ — күнүс +21С+25С кыраадыс сылаас, түүн +10С+14С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +23С+25С кыраадыс сылаас, түүн  +13С +17С  кыраадыс сылаас.  III дэкээдэҕэ күнүс +23С+26С кыраадыс сылаас, түүн  +15С +18С  кыраадыс сылаас.

Тымныытынан аатырар тымныы полюһугар — Өймөкөөн улууһугар бэс ыйа сөрүүн буолсу. Бастакы да, иккис да дэкээдэлэргэ ардах олох кэмчи.  Үһүс дэкээдэҕэ балачча ардахтыаҕа.  Бастакы уон күҥҥэ — күнүс +17С+19С кыраадыс, түүн -3С-7С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүһүн  +20С+23С кыраадыс, түүн +9С+12С  кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүһүн +20С+23С кыраадыс, түүн +11С+14С кыраадыс сылаас.

 Дьааҥы улууһугар, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, быйыл куйаас суох.  I  уонна III дэкээдэлэр диэки этиҥнээх ардах. Бастакы уон күҥҥэ — күнүс +24С+27С кыраадыс сылаас, түүнүн +10С+12С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +24С+28С кыраадыс, түүн +12С+15С  кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс +21С+23С кыраадыс, түүн +13С+14С кыраадыс буолар.

Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга бу сайын былырыыҥҥытын курдук куйаас буолсу. Бэс ыйыгар ардах олох суоҕун кэриэтэ. Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс +24С+28С кыраадыс, түүн +10С+12С кыраадыс сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +22С+26С кыраадыс, түүн +9С+11С  кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс +21С+23С кыраадыс, түүн +12С+14С кыраадыс сылаас.

Арктика эҥэр улуустарга быйыл өтөрүнэн кэлбэтэх сылаас кэлииһи. Ол курдук урукку сылларга наар бэс ыйа тымныынан аҥылыйар буоллаҕына, быйылгы ый саҕаланыытыттан сылыйан барда. Бастакы иккис дэкээдэлэргэ сөҥүү олох да суох, арай үһүс дэкээдэ диэки син балай да биллииһи. I дэкээдэҕэ күнүс +9С +12С кыраадыс сылаас, түүн +6С +8С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +12С+2С кыраадыс, түүнүн +2С+6С кыраадыс сылаас. Түүҥҥү өттүгэр балай да тымныйыыһы. III дэкээдэҕэ күнүс +9С+12С кыраадыс сылаас, түүн +4С+5С кыраадыс сылаас.

+1
12
+1
1
+1
2
+1
0
+1
6
+1
2
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: