Хаартыска: СИА,
Халлааммыт сылыйан, күммүт уһаан, дьон-сэргэ аны хайдах сайын кэлэрин билиэн баҕарар. Үгэс быһыытынан, норуот синоптига Тарас Тарасов-Тускул быйыл хайдах сайын буоларын туһунан кэпсээтэ.
— Быйыл сайыммыт хайдах буолуой? Куйаас сайыны күүтэбит дуу, сөрүүн дуу?
— Дьэ, сайыммыт хайдах буолуоҕай диэн ыйытыы элбэх киһини долгутар. Ол курдук, ыам ыйыгар халлааммыт хайдах эрэ тымныы соҕус буолла. Бу ый барыта сөҥүүтэ суох буолуо диэн этэр кыах суох. Тоҕо диэтэххэ, Бүлүү эҥэр уонна соҕуруулуу-арҕаа улуустарга, чуолаан, Нерюнгрига, Алдаҥҥа сүрдээх элбэх ардах, хаар түстэ. Бүлүү эҥэр улуустарга сөҥүүнү таһынан сааскы халаантан баһаам уу кэллэ. Арай бу киин улуустарга сөҥүү түһүүтэ аҕыйах. Ол гынан баран, ыам ыйын бүтүүтүгэр ардахтыаҕа.
— Ардахтаах сайын буолуо дуу, кураан дуу?
— Бэс ыйыгар сылаас, сайыҥҥылыы куйаас күннэр туруохтара. Билигин күн эстиитин муҥутуур кэрчигин туораан турабыт. Инньэ гынан, үчүгэй күннэр туруохтара. Киин уонна соҕуруулуу-арҕаа улуустарга ардахтаах буолуоҕа. Онон бэс ыйыгар ардах баар буоллаҕына, оппут үүнүүтүгэр көмөлөөх. Быйыл куһаҕана суох сайын иһэр диэххэ сөп. Бүлүү эҥэр улуустарга бэс ыйыгар ардах олох суох, кураан туруо диэн этиэххэ наада. Өймөкөөн диэки арыый сөрүүн буолуо. Үөһээ Дьааҥы диэки ыам ыйыгар улахан ардаҕа суох этэ, бэс ыйыгар эмиэ оннук буолуо.
Ордук киин улуустарга көтө-көтө ардахтаах буолуоҕа. Тымныы күннэр суохтар. Сир аһа үчүгэйдик үүнүөҕэ. От ыйыгар Саха сиригэр кураан күннэр туруохтара. Ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар ардах түстэҕинэ от үүнүөҕэ. Онон от ыйыгар оттуурга саамай табыгастаах кэмнэр буолуохтара. Кыра ардах баар буолуоҕа, ол эрээри куйаас, сөҥүүтэ суох күннэр элбэхтэр.
Атырдьах ыйыгар хотугу улуустарга куйаас күннэр туруохтара. Киин улуустарга ардаҕа суох, сир аһа үүнэригэр саамай үчүгэй.
— Быйыл улахан баһаардар туруохтара дуо?
— Дьэ, сайынын саамай куттала диэн ойуур бааһара туруон сөп. От ыйыгар эппитим курдук кураан буолар. От ыйа уонна атырдьах ыйа — уот турар кутталлаах кэмэ диэн сэрэтэбин.
— От, сир аһа төһө өлгөмнүк үүнүөҕэй?
— Ыам ыйын 14 күнүгэр, Дьэрэмэйэп күнүгэр, сылаас, күн бөҕө тыкпыта. Ол иһин сир аһа үчүгэйдик үүнүө диэн эрэллээхпит. Оҕуруоччуттарга хаһыҥнаах күннэр суохтар. Былыргы сахалар ый үргэли кытта алтыһыытын кэтээн көрөөччүлэр. Муус устарга үргэл ыйы иһинэн киирэн ааспыта. Ол аата, быйыл үчүгэй үүнүүлээх сайын кэлэрэ күүтүллэр. Урукку сылларга үргэл ыйтан олох ырааҕынан сылдьыбыта. Мин сыллата күнү-дьылы кэтээн көрөр киһи билэбин.
Павел Ильин.
Атамайга элбэх хайысхалаах кииҥҥэ сэргэх тэрээһин буолла. Тэрээһин бастакы чааһыгар Атамай нэһилиэгин түөлбэлэригэр бастыҥнары чиэстиир…
С. К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, СӨ үөрэҕин туйгуна, Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөөбүт тыл,…
2025 сылга Билии күнүгэр Дьокуускай куоракка СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ М. Е. Николаев аатын сүгэр 40‑с нүөмэрдээх, өрөспүүбүлүкэҕэ өссө…
Бу күннэргэ күн-дьыл хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэрбиттэринэн, Саха сирин соҕуруу, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр, Халыма-Индигиир улуустарыгар…
Тохсунньу 4 күнүгэр алгыстаах Оһуокайбыт Арктика улууһун үлэһит дьонугар - анаабырдарга ананна. Саамай уһук, тымныы…
Сунтаар улууһуттан төрүттээх суруналыыс, хаартыскаҕа түһэрээччи, кэлэксийэниэр, кинигэ таһаарааччы Владислав Коротовы билбэт киһи ахсааннаах буолуо.…