Салгыы
Тускул билгэтэ: Аан Дьааһын ыйа хайдах буолуой?

Тускул билгэтэ: Аан Дьааһын ыйа хайдах буолуой?

06.08.2024, 19:50
Хаартыска - Галина Горчакова.
Бөлөххө киир:

«Буура Дохсун Аан Дьааһын ыйа хайдах буолуой?» диэн туран, Тускул үгэс быһыытынан атырдьах ыйын билгэлээтэ.

«2024 сыл — Айыыһыт Ийэ хотун сыла. 2025 сыл — Иэйиэхсит Ийэ Хотун сыла. Атырдьах ыйа — Буура Дохсун Аан Дьааһын ыйа. Бу ый олунньуну батыһар. Ылдьыын Таҥара күнэ бу ыйга бэлиэтэнэр.

Атырдьах ыйын 2 күнүн аҥара — сайын, күн аҥара — күһүн бэлиэтэ биллэр. Сиик, туман түһэр. Бу күн ардаҕа суох буоллаҕына, нэдиэлэ — кураан. Бу күн хайдах буолар да, күһүнэ оннук. Атырдьах ыйыгар күһүнү билгэлииллэр. Ынах, сылгы түүлүүрүнэн күһүн төһө уһуурун таайаллар. Талах хайдах үүммүтүнэн кэлэр кыһын хаар халыҥын билгэлииллэр.

Ый ардаҕа икки: сайыны иэҕэр самыыр (Ылдьыын), өксүөн түһүүтэ (Ыспааһап).

Тыала биир: оту-маһы орохсутар тыал.

Өскөтүн:

  • Ардыы туран халлаан оройуттан аһылыннаҕына, былыт халлаан тула өттүгэр түһэн халыннаҕына, ардах ааспат, сотору кэлэр.
  • Тыала суох туран, өрүс уута тыаһаатаҕына, сотору тыал түһэр.
  • Ардах түһэр кэмигэр элиэ кистээтэҕинэ, ардах астар.
  • Кустук кытархай, өҥө чаҕылхай буоллаҕына, ардах түһэр.
  • Ынах тыла уу түөлбэтигэр уста сылдьар, биитэр уу аннынааҕы үүнээйи умнаһыгар сыылларын көрдөххүнэ, куйаас түһэр.
  • Онтон ынах тыла түөлбэ уутун үрдүгэр баар үүнээйи умнаһыгар ыттыбыт биитэр уу урсунугар таҥнары ыйанан турар буоллаҕына, ол сотору ардах кэлэрин бэлиэтэ.
  • Чыычаах үөрүн саҥата иһийдэҕинэ, ол кэннэ хойуу от сэбирдэҕэр састаҕына, сотору кэминэн ардаҕы күүт.

Ийэ сайын

Атырдьах ыйын 22 күнүттэн атырдьах ыйын 17 күнүгэр диэри бэлиэтэнэр, ол аата сайын өссө да 17 чыыһылаҕа диэри сайыҥҥылыы күннэр туруохтара.

+1
4
+1
0
+1
3
+1
0
+1
2
+1
6
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: