Тускул билгэтэ: «Айыыһыт Хотун ыйа кэрэни кэрэхсиир, тапталга талаһар»

Тускул билгэтэ: «Айыыһыт Хотун ыйа кэрэни кэрэхсиир, тапталга талаһар»

01.04.2024, 16:28
Хаартыска -- Ольга Пестерва түһэриитэ
Бөлөххө киир:

2024 сыл – Айыыһыт ийэ хотун ыйа. Оттон эһиил, 2025 сылга, Иэйиэхсит Ийэ Хотун сыла.

Муус устар – Айыыһыт хотун ыйа. Бу ыйы – алтынньы батыһар. Үгэс быһыытынан, норуот синоптига Тускул муус устар хайдах буолуоҕун билгэлээтэ.

Саха киһитэ “Көхсүттэн тэһииннээх Күн оҕото” эбэтэр “Ыйтан ыйаахтаах Ый оҕото”- диэн мээнэҕэ этиэхтэрэ дуо? Күн сиргэ дьайыыта олус улахан. Күҥҥэ тахсар эстиилэртэн сиргэ баар тыынар тыыннаах улахан тутулуктаах. Быйылгы дьылбыт, урукку сыллары кытта тэҥниир буоллахха, күн эстиитэ муҥутаан улаатыытын туораабыт кэммит буолар. Ол курдук, Күн эстиитэ ордук 2021 сылтан 2023 сылларга олус улаата сылдьыбыттара, ити ааспыт кэмнэргэ кураан кэм үс сылы субуруччу барбыта. Быйылгыттан ыла сыыйа өҥ дьыллар эргийэн барыахтара. Ахсынньыга халлаан умайан, кып-кыһыл буолан ааспытын өйдүүргүт буолуо. Ити барыта күн муҥутаан эстиитин туоһута буолар. Онон сыыйа буола турар сэрии тохтоон, улахан аан дойдутааҕы айдааннар симэлийэн барыахтара. Билигин Арассыыйа Ийэ хотун экэниэмитэ куһаҕана суох туруктаах. Өссө сайдан, көнөр суолга барыаҕа.  Үчүгэй кэмнэр Саха сиригэр эргийиэхтэрэ, сайдыы-үүнүү иһэр. Ый сиргэ дьайыыта олус улахан. Ый сиргэ буолар уларыйыылары барыларын дьаһайар.  Оннооҕор улуу байҕаллары үөһээ-аллараа ытыйталыыр, тыынар тыыннаах барыта ыйтан олус тутулуктаах. Ыйы куруук кэтээн көрө сырыттахха, сиргэ буолар уларыйыылары киһи эрдэттэн сабаҕалыан сөп.

Ый халандаара ордук оҕуруотчуттарга туһалаах. Наһаа сөп түбэһэр, тус бэйэбинэн дакаастанан турар. Былыр былыргыттан өбүгэлэрбит Ыйы Сир Ийэ быстыспат аргыһа диэн ааттыыллара. Онон бурдуктарын ыһаллара, булка-алка бараллара, балыктыыллара. Киһи доруобуйата мөлтүүрэ барыта Ыйы кытта быстыспат сибээстээҕин билэллэрэ.

 Ый халандаара хас дьиэ аайы ыйанан туруохтаах.

 Муус устар халандаара

Муус устар 1 күнэ — Даарыйа аат күнэ. Ойбон сэҥийэтин чэҥэ ирэр. Нөҥүө күнүттэн түөрт уон хонуктаах дьыбар бүтэн, отут хонуктаах уораан хаалар. Ый ортотугар тыалырдаҕына — «хаары сахсатар», бүтэһигэр — «хаары хараардар».
Муус устар 4 күнэ — Дьиэ сарайыттан таммах түһэрэ элбиир, улахан бэлиэтээһин буолар.
Муус устар  5 күнэ — Холлоҕос көтөрө. Кыһыҥҥы хаһаас бүтэр.
Муус устар 7 күнэ —  Былаҕачыанайап ( Благовещение Пресвятой Богородицы). Таҥара улахан бырааһынньыга: оннооҕор чыычаах аньыырҕаан уйа туттубат аатырар. Туллуктар кэлэллэр, моҕотой уйатыттан быгыалыыр, эһэ арҕаҕар уһуктан «кырдьыылыыр»  (быган сытар), сааскы сылаас «өнньүө» күннэр тураллар. Бу күн былыта суох ыраас күн турдаҕына — саас көхтөөхтүк кэлэригэр, тыалырдаҕына- хаптаһын хатааһын буоларыгар.
Муус устар 6 күнэ — Түүн сылаас буоллаҕына, саас түргэнник кэлэр.
Муус устар 8 күнэ — Бу күн хайдаҕый да, алтынньы 8 күнэ оннук буолуо.
Муус устар 9 күнэ — . Мотуруона аат күнэ. Тураах кэлэр.
Муус устар 13 күнэ — Бэлиэтиир. Тот салгын түһэр.
Муус устар 14 күнэ — Күн көрөр өттүгэр сарай хаара баар  буоллаҕына, ыам ыйын 6-гар диэри ходуһаҕа хаар сытар.
Муус устар 18 күнэ — Урут хаҕыс тыал үрбүт буоллаҕына, аны ичигэс тыал түһэр. Соҕурууттан тыалырдаҕына — сылыйар.
Муус устар 20-25 күннэригэр — Куруппааскы, улар охсуута саҕаланар.
Муус устар 21 күнэ — Күн көрдөҕүнэ — сайына ичигэс, былыттаах күн — сайына сөрүүн.
Муус устар 23 күнэ — Чуумпу, сылаас түүн буоллаҕына — сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
Муус устар ый 24 күнэ — Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол-иис олох алдьанар. Күн үөһэ ойдор ойон иһэр.
Муус устар ый 29 күнэ — Ый туолуута.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 мая
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 56% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: