Тускул билгэтэ: Алтынньы ыйа хайдах буолуой?

Тускул билгэтэ: Алтынньы ыйа хайдах буолуой?

Ааптар:
01.10.2024, 09:00
Хаартыска: Ольга Пестерева түһэриитэ
Бөлөххө киир:

«Хомпоруун Хотой Айыы ыйа хайдах буолуой?» диэн туран, Тускул үгэс быһыытынан алтынньы ыйын билгэлээтэ.

Бу ыйга кыһын саҕаланар. Бу кэмҥэ Улуу добдурҕа буолар: сир-дойду барыта тоҥор, сүөһү хотонугар киирэр. Сахалар оһохторун күүскэ оттор, бастакы идэһэни өлөрөр кэмнэрэ саҕаланар. Сорох күөллэргэ муус киһини уйар буолар, бастакы муҥха, тыа кыылларыгар сонор булда саҕаланар.

Бокуруоптан ыла былыргы сахалар кыһыҥҥы олоххо-дьаһахха көһөн төһө астаахтарын, хаһаастаахтарын көрүнэллэр. “Алтынньыга астаах, бэһинньигэ бэстээх, олунньуга оттоох”, – диэн дьылы туоруурга сыһыаннаах өс хоһооно баар.

Алтынньы 14 күнүттэн Бокуруоп таҥараттан сааскы Ньукуолуҥҥа дылы ыам ыйын 22 күнүгэр дылы 220 хонук баар, дьэ, ону туоруур уустук боппуруос турар, биһиги өбүгэлэрбит ону ааҕан суоттаан, олох мындырдарын тобулан этэҥҥэ туорууллар этэ.

Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп таҥара күнэ – кыһыҥҥы дьыл саҕаланыыта. Бу күнү өбүгэлэрбит дьыл кэлиитэ диэн билинэн туран, Дьыл оҕуһа муустаах байҕалтан тахсыытын кытта ситимнииллэр.

Бокуруоп күн өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, сахалыы арыылаах алаадьынан кыстыкка киирбиппитин бэлиэтиири умнумуох туустаахпыт.

Кыһыҥҥы Ньукуолуҥҥа (ахсынньы 19 күнүгэр) диэри күммүт кылгаатар-кылгаан иһиэ турдаҕа. Өбүгэлэрбит дэлэҕэ: “Алтынньыттан күн ат сиэлиитинэн куотар”, – дииллэрэ. Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр. Хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына – сылаас кыһын буолар. Онтон Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына – тымныы эрдэлиир. Күөллэр мууһунан бүрүлүннэхтэринэ, муҥха кэмэ саҕаланар. Ити эмиэ ыаллар хаһаайыстыбаларыгар улахан суолталаах кэм. Билигин Аан дойду үрдүнэн баараҕай ириэһин буола турарын бэйэбит илэ харахпытынан көрө истэ сылдьабыт. Ол курдук, урут Хотугу муустах акыйаанынан муора хараабыллара ледокол көмөтүнэн сылдьар эбит буоллахтарына, билигин мууһу бэйэлэрэ алдьатан сылдьаллар, Лаптевтар байҕала сылын аайы хойутаан тоҥор буолла. Илин эҥэр, киин хоту улуустарынан сирбит уоппут ирэн, сир алдьаныыта сылын аайы улаатар. Бу барыта аан дойду үрдүнэн баараҕай ириэһин 4 кыраадыс сылыйбытын туоһулуур, ол иһин кэлиҥҥи сылларга күһүммүт уһаан алтынньы сэтинньи ыйдар сылыйар.

АЛТЫННЬЫ ЫЙ БИЛГЭТЭ

Ый устата 17-20 мм сөҥүү түһэр. Салгын температурата -5…-15С кыраадыс. Сороҕор хаара суох дьогдьоот күһүн буолар. Хаар алтынньы ортотугар түстэҕинэ ууллубат. Куобах маҥхайар.

Алтынньы ый 1 күнэ– туруйа соҕуруу көттөҕүнэ, алтынньы 14-гэр диэри тымныы түһэр, оттон ити күн көппөтөҕүнэ, сэтинньи 2-гэр диэри тымныы түһүө суоҕа.

Алтынньы ый 7 күнэ – күн ат хаамыытынан кылгыыр.

Алтынньы ый 8 күнэ – хаар түстэҕинэ, сэтинньи 21-гэр өрүһү таһаҕастаах атынан туорууллар. Хаппыыста тууһууллар.

Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп таҥара – кыһыҥҥы дьыл саҕаланыыта. Бу күнү өбүгэлэрбит дьыл кэлиитэ диэн билинэн туран, Дьыл оҕуһа муустаах байҕалтан тахсыытын кытта ситимнииллэр. Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр. Хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына – сылаас кыһын буолар. Онтон Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына – тымныы эрдэлиир.

Алтынньы ый 17 күнэ – кыһын саҕаланар, истээх таҥаьы кэтэр күн (өрөппүөй).

Алтынньы ый 18 күнэ – муус аннынан муҥхалааһын саҕаланар. Күөл тааҥныыр, сүөһүнү кыьыҥҥҥылыы аһатыы саҕаланар.

Алтынньы ый 23 күнэ – ый муоһа түүн ортото уһуктаммыт буоллаҕына, хаардаах тыал түһэр. Тоҥоруу саҕаланар.

ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР

Алтынньы ый илин эҥэр үгүс улуустарга былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, бастакы дэкээдэҕэ арыый да сылаас буолсу, түүнүн да улахан тымныйыы суох курдук, онон алтынньы сымнаҕас буолсу .Сөҥүүтэ урукку сылларга холоотоххо кэмчи соҕус буолсу.

КИИН УЛУУСТАР

Ыйбыт бастакы дэкээдэтэ киин үгүс улуустарга хаардаах, ардахтаах буолсу. Бу ый I дэкээдэтэ урукку сылларга тэҥнээтэххэ сылаас, күнүс +6С+4С кыраадыс сылаас, түүнүн тымныы соҕус буолсу -2…0С .

БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР

Бүлүү эҥэр атын улуустарга холоотоххо алтынньы ый улахан сөҥүүлээх буолсу, бастакы дэкээдэтэ көннөрү сөҥүүлээх буолсу, иккис үһүс дэкээдэлэргэ балай да хаардаах буолсу, алтынньы ый улахан тымныыта суох буолара сабаҕаланар.

ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга бастакы дэкээдэт сөҥүүтэ кэмчи, былырыыҥҥытааҕар күнүһүн да түүнүн да сылаас буолсу. Бастакы дэкээдэ ардахтаах, алтынньы ый бу улуустарга улахан тымныыта суох буолара күүтүллэр.

ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА

Өймөкөөн Сахабыт сирин саамай тымныы улууһунан биллэр. Бу ааспыт сайын сөҥүүтэ кэмчи этэ да, бу ыйга эмиэ сөҥүүтэ суоҕун кэриэтэ. Бастакы дэкээдэ да, иккис дэкээдэ да хаара кэмчи соҕус буолсу, ол оннугар күннээх күннэрэ элбэхтэр. Ый бүтүүтүн саҕана күнүһүн да түүнүн да тымныйыа.

ҮӨҺЭЭ ДЬААҤЫ УЛУУҺА

Бу улуус Сахабыт сирин биир эмиэ саамай тымныы улууһунан биллэр, бастакы дэкээдэтэ былырыыҥҥытааҕар күнүһэ да, түүнэ да тымныы буолсу. Бастакы иккис декадаҕа сөҥүүтэ суоҕун кэриэтэ, арай үһүс дэкээдэттэн кыра хаардаах соҕус күннэр буолсулар.

АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА УЛУУСТАРА

Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга былырыыҥҥытыгар майгынныыр алтынньы буолсу, ол курдук, сөҥүүлээх күннэрэ олох суох курдуктар, ый иккис, үһүс декадаларыгар күннээх ыраас күннэрэ ый аҥарын кэриэтэ элбэх буоланнар дьиэ таһыгар үлэлииргэ кыстыкка бэлэмнэнэргэ, балыктыырга айылҕа анаабыт күннэрэ кэлииһиктэр.

АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИИ

Артика эҥэр улуустарга урукку сылларга тэҥнээтэххэ сөҥүүтэ олох кэмчи, дэкээдэ аайы биирдии эрэ күн сөҥүүлээх буолсу.

+1
11
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: