Тускул билгэтэ: «Бу өрөбүллэргэ «тоҕо эмискэ тымныйда?» диэхпит…»

Тускул билгэтэ: «Бу өрөбүллэргэ «тоҕо эмискэ тымныйда?» диэхпит…»

28.08.2023, 15:16
Хаартыска - Ольга Пестерева
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ киин улуустарга уонна Дьокуускайга 28 кыраадыска тиийэр куйаас күннэр туруохтара.

Ол эрээри нэдиэлэ бүтүүтэ эмискэ сөрүүкүөҕэ. Ол төрүөтүн норуот синоптига Тускул маннык быһаарда:

— Быйыл сайын Ийэ айылҕа хаһан да көрдөрбөтөх дьиктилэрин биир-биир «арыйан» көрдөрөн иһэр. Ол курдук, хаһан да сылыйбатах Тиксиигэ +27 кыраадыс бэлиэтэнэн соһутта. Бу күннэргэ Булуҥ улууһугар 20 кыраадыстан түспэккэ сылыйан турар. Ити туоһута – Хотугу Муустаах акыйаан ириитэ. Урукку сылларга Хотугу Муустаах байҕал мууһун ледокол-хараабыл алдьатан айанныыр эбит буоллаҕына, быйыл акыйаайааҥҥа уу ааллара холкутук уста сылдьар буоллулар. Дьэ, тоҕо? Муус ууллан эрэр. «Нууччалыы эттэххэ, «глобальнай потеплениелара» буолан эрэр.

Аны соторутааҕыта батсаабынан Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгин булгунньаҕын мууһа тахсан кэлбитэ тарҕаммыта. Ити Хайахсыттан 8 км тэйиччи сир. Биһиги оҕо сырыттахпытына ити сиргэ кыракый көлүччэ баара. Оччолорго кырдьаҕастар «иччилээх сир» дииллэрэ. Ити биһиги эргин куттаах-сүрдээх ытык булгунньаҕынан биллэр. Оҕолор интэриэһиргээн онно тиэстэрбитин дьоммут олох боболлор этэ. Хас эмэ үйэ тухары турбут булгунньах быйыл сайын аҥарыгар дылы ууллуута, мууһа тахсан кэлиитэ – дьулаан көстүү.

Хаартыска — Тарас Тарасов тиксэриитэ

Арааһа, ураты дьикти сир буоларын билэн өбүгэлэр «иччилээх» диир буоллахтара. Итинник сирдэр аһыллан, өбүгэлэрбит «Аллараа дойду арыллан, Орто дойдуга иирсээн, айдаан, сэрии буолар» диэн куттаналлар эбит.

Аны Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһугар бу күннэргэ тохтообокко дохсуннук ардаан, икки нэһилиэккэ — Сордоҥнооххо уонн Өймөкөөҥҥө уу киирдэ.

Хаартыска — Анна Атастырова

Саха сиригэр Өймөкөөн улууһа күнү-дьылы оҥоро олорор. Кыһын бытархан тымныы Өймөкөөнтөн саҕаланар буоллаҕына, бу күннэргэ Дьокуускайга 28 кыраадыска тиийэ куйаара туран, нэдиэлэ ортото эмискэ тымныйыаҕа. Ол Өймөкөөҥҥө уонча хонугу быһа түспүт дохсун ардах сабыдыала буолуоҕа. Быйыл сайын Приморьеҕа ардаан, онтон тахсыбыт халаан хоромньу бөҕөтүн оҥордо. Ол  Охотскай муораттан тахсыбыт циклон Магадаан уобалаһыгар күүскэ дьайан, ардаҕы Өймөкөөҥҥө «халытан» кээстэ. Дьиҥэр урукку сылларга ардах арҕааттан кэлэн, киин оройуоннары таарыйан, Өймөкөөҥҥө тиийэр этэ. Ол аны уларыйан, тымныы, сииктээх салгын Өймөкөөнтөн киин улуустарга иһэр. Онон бээтинсэ диэки бу эргин биллэ тымныйыаҕа. Балаҕан ыйын саҥатыгар Өймөкөөҥҥө хаардаан ылыаҕа. Түүн -3 кыраадыска тиийэ тымныйара сабаҕаланар. Онон Тымныы полюһуттан кэлбит тымныы салгын сабыдыаллаан, өрөбүллэргэ «бу тоҕо эмискэ тымныйда?» диэхпит.

Атырдьах ыйын 29 күнүгэр түһүөхтээх 3-с Ыспааһап ардаҕа хойуутаан балаҕан ыйын саҥатыгар түһүөҕэ. Онон балаҕан ыйа ардахха «төрүөҕэ».

Ол эрээри «Дьахтар сайына» бэйэтин кэрэ кэмнэрин Саха сиригэр өссө да бэлэхтиэҕэ. Ардыы, сөрүүкүү түһэн баран, балаҕан ыйын ортотуттан эмиэ ылааҥы сылаас күннэр үүнүөхтэрэ. Ол курдук, балаҕан ыйын 10 күнүгэр киин улуустарга 21 кыраадыс сылаас бэлиэтэниэҕэ.  Онон быйылгы курдук үтүө күннэри баттаһан, сир астыырга өссө да үтүөкэннээх күннэр үүнүөхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: