Тускул билгэтэ: “Быйыл сир аһа дэлэй өҥ сайына буолуо…”

Share

Былыр билгэһиттэр өҥ сайын буоларын Үргэл Ыйы кытта алтыһыытынан билэллэр эбит.

Бу туһунан норуот синоптига Тускул  күнү-дьылы билгэлээһинигэр өрүү бэлиэтиир. “Дьэ, быйыл хайдах сайын буолуой?” диэн, үгэспинэн Тускултан эмиэ туоһуластым.

Тохсунньу 9 күнүгэр Ый Үргэли ортотунан ааста — бу маннык аасыһыы үчүгэй өҥ сайын буоларын билгэтэ.  Тохсунньу 14 күнүгэр — Баһылайап күнүгэр былыт сыҕарыйан биэрэн, ыраас халлаан туран, элбэх сулустаах түүн үүммүтэ. Онон тойонноотоххо, норуот билгэтэ этэринэн, быйыл элбэх дьэдьэннээх, отонноох сайын буоларын күүтэбит. Быһата, сир аһа дэлэй өҥ сайына буолуо.

Тохсунньу 14 күнүгэр Ый туолбута. Бу кэмҥэ ый сири аҥаарын эргийэн кэлэр кэмэ, ол иһин ый толору сир диэки хайыһан турар буолар.  Ол иһин туолбут ый диэн буолар. Бу кэмҥэ киһиэхэ дьайыыта олус күүстээх: тугу эмэ оҥоруоххун баҕараҕын, биир сиргэ олорбот, кыыһырымтаҕай буолаҕын, ньиэрбэ мөлтүүр, ол дьайыы ордук дьахтар-аймахха биллэр. Араас быһылаан тахсар. Онон сэрэхтээх буолуҥ.

Тохсунньу 19 күнүгэр, бу өрөбүлгэ, Кириһиэнньэ Таҥараны бэлиэтиэхпит. Бу күн сүллүкүүннэр төттөрү киирэллэр. Онон уу барыта сибэтиэй буолар. Ол уунан дьиэни-уоту, сүөһү турар хотонун, бэйэни ыраастаналлар. Былыттаах күн буоллаҕына, кэлэр сайыҥҥа үчүгэй үүнүүнү күүтэбит.

 

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ ыччаттарын алгыстаах Оһуокайдара

Бүгүн, ахсынньы 14 күнүгэр, аам даам тымныы күүһүрэн турдаҕына, Мэҥэ Хаҥалас күнүгэр аналлаах Оһуокайга ыччаттар…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

ОЛОХ ОЧУРДАРА: Сүрэх бааһа

Лия бөлүүн түһээн эмиэ оҕо сааһыгар, олорбут дьиэтигэр, оонньообут тэлгэһэтигэр, үрдүк эмпэрэ биэрэктээх Өлүөнэ кытылыгар…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Энэргиэтиктэн сылтаан, инбэлиит буолбут…

Энэргиэтик утахтартан сылтаан, эдэр дьон доруобуйалара айгыраабытын туһунан сурахтар кэлэр буоллулар. Туох буортулааҕый уонна тоҕо…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Иэйии» 5 сыллаах биһирэмэ

Айар куттаах суруйааччылар ахсынньы 7 күнүгэр аам-даам тымныыны аахсыбакка ахсынньы аргыарын ортотунан «Ника» уораҕайга ыраахтан…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Ньурбалар түмсэр түһүлгэлэрэ» үрдүк таһымнаахтык ааста

Ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Өрөгөй» улахан уораҕайыгар «Ньурбалар түмсэр түһүлгэлэрэ» диэн элбэх биир дойдулаахтарын…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өймөкөөн улууһа махтанар

Быйыл Өймөкөөн улууһугар айылҕа иэдээнэ – улахан алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну таһаарбыта. Ахсынньы 2-3 күннэригэр…

15 часов ago