Тускул билгэтэ: «Эһиил өссө сылыйаары турар…»

Share

Өбүгэлэрбит сэтинньини Байанайы булдун-алтын кытта ыкса сибээстииллэрэ — олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр курдук саныыллара.

«Махталлаах булчукка Байанай хара тыа баайыттан үөрэ-көтө бэрсэр» диэн өйдөбүл олохсуйбутун бэлиэтээн туран, норуот синоптига Тускул сэтинньини бигэлээтэ.

— Сэтинньи — сахалар саамай сүгүрүйэр ыйдарыттан биирдэстэрэ. Бу ыйга түүмэх түһэн барар. Кэлиҥҥи сылларга күн уһаан иһэрэ билиннэ. Киин улуустарга кыстык хаар хойутаан түһэн, хойукка диэри сүөһүлэр алаастарынан сырыттылар. Соторутааҕыта хотоннорун буллулар. Аны Өлүөнэ Эбэ дьыл баччатыгар диэри устан мөлбөһүйэ сытар. Кыдьымах билигин да киирэ илик. Былырыын өрүс сэтинньи 27 күнүгэр турбута, массыыналар онон олох хойутаан Эбэни туораабыттара. Быйылгы сэтинньи эмиэ сымнаҕас ыйдар ахсааннарыгар киирииһи. Урут баччаларга Өлүөнэ өрүскэ уу сырыыта сабыллан, кыдьымах киирэн, сэтинньи 7 күнүгэр бастакы массыыналар туорууллар этэ. 40-45 кыраадыстаах тымныы түһэрэ.  Бу Артика сылыйыытын бэлиэтэ. Хотугу Муустаах муора мууһун ириитин охсуутунан, эһиил өссө сылыйаары турар. Онон бу кэмҥэ олорооочулар айылҕа тосту уларыйыыларын биирдэ буолар көстүүлэрин туоһуларынан буолабыт, — диэн бэлиэтиир Тускул.

Салгыы улуустарынан сэтинньигэ хайдах күн-дьыл буоларын туһунан норуот синоптига Тускул билгэтин «Саха сирэ» хаһыат сарсыҥҥы чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
22
+1
4
+1
2
+1
2
+1
4
+1
2
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago