ТУСКУЛ БИЛГЭТЭ: от ыйын 17 күнүттэн оттуурга саамай табыгастаах кэм
От ыйа – сайын оройо. Норуот синоптига Тускул үгэһинэн от ыйын анаарда.
– От ыйа – сайын үгэнэ, оройо. От-мас сибэккитэ, туорааҕа ситэр. Үрэх кытылыгар сардаана сибэкки тэтэрэ кыыһар. Чараҥнарга дьэдьэн буһар, сыһыы-үрэх саҕатыгар хаптаҕас, моонньоҕон ситэр. Күн ортотугар түһэр сиккирэс тыал от-мас сиэмэтин ыһар. Сир аайы сибэкки ыһыаҕа. Көтөрдөр оҕолорун көтүтэллэр. Кинилэри батыһыннара сылдьан түргэнник көтөргө, аһылыктарын булунарга үөрэтэллэр. Саха сиригэр от хомуура саҕаланар. Отчуттар аҕыс ыйдаах ыарахан кыстыгы эрэйэ суох туоруур туһугар элбэҕи оттуурга дьулуһаллар. Оҕолуун-уруулуун бука бары ходуһаҕа тахсаллар.
Саха оттуур кэмин үс Таҥаранан бэлиэтиир: от ыйын 12 күнэ – Бөтүрүөп, окко киирэр кэм. Эбэтэр хойутаабыт дьон «абааһылар мунньахтарын» кэнниттэн от ыйын 15 күнүттэн киирэллэр. Атырдьах ыйын 2 күнэ – Ылдьыын, хотуур ортото, балаҕан ыйын 14 күнэ — Сэмэнэп, от үлэтин бүтүүтэ.
Үгүс киһи от ыйын 13 күнэ “Кунай Хотуурдаах” күнэ диэн куттаналлар. Ол аата абааһылар мунньахтара от ыйын 12 күнүгэр түүн 12 чаастан от ыйын 13 күнүн түүн 12 чааһа туолуор диэри. “Абааһы” мунньаҕын кэмигэр айдаарар, тыаһы таһаарар – аньыы. Бу күн тыаһаабаттар-ууһаабаттар, мээнэ күлбэттэр-салбаттар, улахан үлэ үлэлэммэт, си-дьүгээр сылдьыллыахтаах.
От ыйын 17 күнүттэн 27 күнүгэр диэри кураан күннэр тураллар. Онно үлүмнэһэн оттуурга саамай табыгастаах кэм. Онтон от ыйын 28, 29, 30 күннэригэр ардахтаах күннэр туруохтара.
2021-2023 сылларга Күн актыыбынаһа саамай үрдээбит кэмэ. Онон бу сыллары этэҥҥэ аһардыбыт. Аны кураан дьыл мөлтөөн, сыыйа өҥ дьыллар кэлэн барыахтаахтара.
Быйылгы сайын үс сыл устата турбут куйаас кураан сайыннары түмүктүүр. От ыйа үгүс улуустарга былырыыҥҥыга тиийбэт сылаас, ол оннугар ордук киин улуустарга үһүс дэкээдэҕэ ардахтаах. Иккис дэкээдэҕэ киин үгүс улуустарга куйаарыаҕа. Ардах улуустарынан араастаан түһүөҕэ. Иккис-үһүс дэкээдэлэргэ быстах-быстах күүстээх этиҥнээх, омуннаах ардахтаах. Быйылгы сылга тобурах түһэрэ хайа да сыллардааҕар хойуу уонна кутталлаах. Сорох сирдэргэ кураанах этиҥнээх буолан, баһаар турар куттала баар. Быйылгы сайын түүнэ +15С+20С сылаас буолан, от-мас, сир аһа, оҕуруот аһа үүнэригэр олус үчүгэй.
От ыйын улуустарынан билгэлиэххэ
ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР
От ыйа илин эҥэр үгүс улуустарга, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, түүн соччо сылыйыа суох, сөрүүн. Ол оннугар иккис-үһүс дэкээдэлэргэ түүн сылыйан, от үүнэригэр үчүгэй уонна ардахтаах буолар. Бу ый I дэкээдэтигэр түүн сөрүүн, күнүһүн күнүс +21С+25С кыраадыс сылаас, түүнүн +10С+13С. II дэкээдэҕэ күнүс +24С+26С кыраадыс, түүнүн +16С +18С кыраадыс сылаас.
III дэкээдэҕэ күнүс да, түүн да биллэрдик сылыйар. Күнүс +24С+26С кыраадыс, түүнүн +15С +16С кыраадыс сылаас.
КИИН УЛУУСТАР
Бу ыйга I дэкээдэҕэ түүн-күнүс куйаас: күнүс +28С+30С кыраадыс куйаас, түүнүн +15С+19С сылаас. II дэкээдэ күнүс +24С+28С кыраадыс куйаас, түүнүн +17С +19С кыраадыс сылаас.
III дэкээдэҕэ күнүс +23С+26С кыраадыс сылаас, түүнүн +15С +18С кыраадыс сылаас. II-III дэкээдэҕэ быстах этиҥнээх ардахтаах.
БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР
Бүлүү эҥэр улуустарга киин улуустары кытта тэҥнээтэххэ, сөрүүн соҕус буолуоҕа, түүнүн биллэ сылаас буолууһу. Дьэ уонна бу ыйга, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, Бүлүү эҥэр улуустарга ардаҕа кэмчи буолан, оттуурга үчүгэй күннэр буолууһулар.
Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс +20С+24С кыраадыс куйаас, түүнүн +14С+18С . II дэкээдэҕэ күнүс +25С+28С кыраадыс, түүнүн +16С +20С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс+24С+26С кыраадыс, түүнүн +16С +19С кыраадыс сылаас.
ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ
Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга кэмиттэн кэмигэр сөҥүүлээх буолара сабаҕаланар. Ол курдук, II-III дэкээдэҕэ ардахтаах. Салгын температурата былырыыҥҥы куйааска тиийиэ суох.
Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс +23С+27С кыраадыс, түүн +13С+16С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +22С+27С кыраадыс, түүнүн +16С +20С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс+23С+26С кыраадыс, түүнүн +15С +18С кыраадыс сылаас.
ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА
Өймөкөөн улууһугар от ыйа былырыыҥҥы куйааһыгар тиийиэ суох. Бастакы уонна иккис дэкээдэҕэ быстах-быстах күүстээх этиҥнээх ардахтаах. Онтон үһүс дэкээдэҕэ иккитэ-үстэ уһун ардахтаах буолууһу.
Бу ыйга I дэкээдэҕэ +18С+21С кыраадыс, түүнүн 11С-14С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +20С+23С кыраадыс, түүн +14С+17С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс +20С+23С кыраадыс, түүнүн +13С+15С кыраадыс сылаас.
ДЬААҤЫ УЛУУҺА
Дьааҥыга, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, быйылгы от ыйа эмиэ сылаас уонна ардахтаах. Ардах I эрэ дэкээдэҕэ баар. Онтон II – III дэкээдэлэргэ балай да уһун ардахтаах. Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс +17С+19С кыраадыс сылаас, түүнүн +9С+12С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +15С+23С кыраадыс, түүнүн +13С+18С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс +20С+21С кыраадыс сылаас, түүнүн +12С+14С кыраадыс буолар.
АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА ХАЛЫМА УЛУУСТАРА
Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга от ыйа былырыыҥҥы куйаастарга тиийиэ суох. Быйылгы от ыйа ардахтаах.
Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс +19С+23С кыраадыс, түүнүн +8С+12С кыраадыс сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +19С+22С кыраадыс, түүнүн +15С+18С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс +18С+22С кыраадыс, түүнүн +10С+13С кыраадыс сылаас.
АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИИ
Арктика эҥэр улуустарга от ыйын бастакы дэкээдэтэ түүҥҥү да, күнүскү да өттүгэр балай да сөрүүн. Иккис уонна үһүс дэкээдэлэргэ сылыйыаҕа.
Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс 2С+5С кыраадыс, түүнүн +1С+3С сылаас. II дэкээдэҕэ күнүс +10С+12С кыраадыс, түүнүн +6С+8С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс+10С+13С кыраадыс, түүнүн +6С+8С кыраадыс сылаас.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: