Оптуорунньукка «Тэтим» араадьыйаҕа Тускул уочараттаах күнү-дьылы билгэлээһинин билиһиннэрдэ.
Дьэ, онон норуот синоптига кэлэр 15 хонукка Саха сиригэр хайдах күн-дьыл буоларын анаарыытын билсиэҕиҥ.
— Быйылгы кыһын уратыта диэн – тымныы Хотугу Муустаах муораттан Халыма, Индигир устун, Өймөкөөнү, Илин эҥээри, Уус Маайаны хабан, Хабаровскайга биир балаһа буолан түһэриттэн, бу улуустар биллэ тымныйдылар. Ол оннугар Бүлүү бөлөх улуустары Красноярскайтан тахсар циклон хабан, бу эҥэргэ биллэ сылыйда. Ол эрээри Саҥа дьыл кэнниттэн бу циклоннар миэстэлэрин атастаһан, төттөрү көрдөрүү — хоту сылыйыан, арҕаа тымныйыан сөп.
Кэлэр 15 хонугу анаардахха, киин улуустарга тымныы күн-дьыл чэппиэргэ диэри туруоҕа. Бу күн -50-тан тахса кырадыс тымныйыаҕа. Ол эрээри бээтинсэттэн -40 кыраадыстан саҕалаан ахсынньы 21 күнүгэр диэри сыыйа сылыйан барыаҕа. Ол эрээри тыын биэрэ түһэн баран, 23-24 чыыһылаларга эмиэ -50 кыраадыс «төннөн» кэлиэҕэ. Бүлүү улуустарыгар циклон дьайан, өссө сылыйыаҕа. Бу эҥэр ахсынньы 17-19 күннэригэр -20 кыраадыс эрэ тымныы буолуоҕа. Ол эрээри ахсынньы 21 күнүттэн -40-тан тахса кыраадыс тымныйыаҕа.
Өлүөхүмэҕэ сылаас күн-дьыл турар. Күнүс -20 кыраадыс тымныйыаҕа. Ахсынньы 20 күнүгэр диэри манна 20-10 эрэ кыраадыс тымныы бэлиэтэниэҕэ. 23 чыыһылаттан манна тымныйан барыаҕа.
Кэбээйи улуугар ахсынньы 14-15 күнүгэр -49 кыраадыс тымныйыаҕа. Ахсынньы 17-20 күннэригэр манна -20 кыраадыс тымныы буолуоҕа. Онтон ахсынньы 21 күнүгэр эмиэ тымныы баарын биллэриэҕэ.
Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө 60 кыраадыстаах тымныы намыраан эрэр. Ахсынньы 17 күнүттэн сыыйа -40 кыраадыска тиийиэҕэ. Онтон сис былыт кэлэн, манна биллэ сылыйан барыаҕа.
Дьааҥыга арыыйда сылаас эрээри, ахсынньы 16 күнүгэр 50-ча кыраадыс тымныйыаҕа. Халыма-Индигиир оройуоннарыгар ахсынньы 17 күнүттэн былыт кэлэн сылыйыаҕа.
Өлөөн улууһугар 17 чыыһыла диэки -40 кыраадыс тымныы. Тиксиигэ 20-30 кыраадыс тымныы. Улахан тымныы суох.
… Дьэ, онон норуот синоптига Тускул билгэлииринэн, улахан тымныы күннэр бу өрөбүллэртэн тохтуох курдуктар. Тоһуттар тымныылаах сэрэдэни уонна чэппиэри этэҥҥэ аһардарбыт, тымныыбыт арыый уҕарыйбыт курдук буолар эбит.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…