Бу күннэргэ Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһугар хаар түһэн, өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар тымныйан ылла.
Күүстээх тымныы тыал өрүү хотугулуу-илинтэн билигин да үрэр. Тоҕо бу эҥэр тымныйбытын, кыһыҥҥылыы хаар кэлэн түспүтүн норуот синоптига Тускул бу курдук быһаарда:
— Бу күннэргэ Арктикаттан олус улахан тымныы салгын кэлэн, Өймөкөөн диэки улахан хаары аҕалла. Өрүү бэлиэтиирим курдук, сиргэ эмиэ арааһынай иирсээн буоларыныы, сылаас тымныыны кытта охсуһуута күн аайы буола турар. Онон итийэн турбут ичигэс салгыны кытта Магадаантан уонна Камчааткаттан кэлбит тымныы салгын чугастыы Өймөкөөнү хаарыйан, манна күүскэ хаардаан ааста.
(Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо Семен Сивцев устуута).
Онон Өймөкөөн улууһун олохтоохторо Ньукуолуну хаар быыһыгар көрсөн бэлиэтээтилэр.
(Төрүт нэһилиэгин олохтооҕо Егор Находкин устуута).
Онтон Саха сирин хабан, аны Бурятияҕа тиийдэ, онно эмиэ хойуу хаар түстэ. Ол кэннэ бу тымныы салгын Красноярскайынан Казахстааҥҥа тиийэ баран, тымныйан ылла. Билигин да бу салгын сабыдыала Өймөкөөнтөн «арахса» илик. Ол тыына киин улуустарга эмиэ биллэн, бу күннэргэ тымныы тыаллаах буолан, сылыйа илик.
Өймөкөөн улууһугар бэс ыйын саҥатыттан күнүс +12-14 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Бэс ыйын 6 күнүттэн +18 кыраадыс сылыйыаҕа. Түүн +10-14 кыраадыс буолуоҕа. Онон өймөкөөннөргө оҕуруот аһын үүннэрэргэ тоҕоостоох күннэр үүнүөхтэрэ. Бэс ыйын 15 күнүттэн Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар улууһугар куйаас күннэр саҕаланыахтара. Ол курдук, күнүс 21-25 кыраадыстан саҕаланан, сыыйа куйааран барыаҕа. Түүн +10 кырадыс сылыйыаҕа. Самаан сайын сатыылыыра аҕыйах хонук хаалла.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…