Тускул: «Бу нэдиэлэ саҥатыгар сэтинньи саамай тымныы күннэрэ туруохтара»
Норуот синоптига Тускул бүгүн «Тэтим» араадьыйаҕа оптуорунньуктааҕы халлаан туругун билиһиннэрэр биэриитигэр бу нэдиэлэ саҥатыгар сэтинньи саамай тымныы күннэрэ туруохтара диэн бэлиэтээтэ.
— Сэтинньи 15, 16, 17 күннэригэр бу ыйга саамай улахан тымныы түһүөҕэ. Түүн 40 кыраадыс, күнүс 30 кыраадыс тымныйыаҕа. Ол эрээри бээтинсэттэн, ол эбэтэр сэтинньи 18 күнүттэн, эмиэ сылыйан барыаҕа — күнүс баара суоҕа 12 кыраадыс, түүн 28 кыраадыс тымныйыаҕа. Онтон эмиэ кыратык тымныйа түһэн баран, сылыйар аатыгар барыаҕа. Сэтинньигэ бу нэдиэлэҕэ үс күҥҥэ бэлиэтэнэр курдук улахан тымныы суох.
Бүлүү эҥэр улуустарга бу нэдиэлэҕэ тымныйаары турар. Түүн 35, күнүс 20 кыраадыс тымныы. Онтон эмиэ атын улуустарга курдук сылыйан барар.
Өлүөхүмэҕэ эмиэ тымныйан ылыаҕа — күнүс 20, түүн 30 кыраадыс тымныы. Онтон атын улуустарга сылыйар кэмигэр күнүс 10, түүн 15 кыраадыс тымныы.
Кэбээйигэ бу нэдиэлэ ортотугар тымныйар — түүн 40, күнүс 35 кыраадыс тымныы. 18 чыыһылаҕа эмискэ сылыйыаҕа: күнүс 14, түүн 20 кыраадыс буолуоҕа. Сэтинньи 20-22 күннэригэр түүн 20 кыраадыс буолуоҕа. Онтон сыыйа эмиэ сылыйбытынан барыаҕа.
Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөҥҥө 50 кыраадыс тымныыга тиийэр-тиийбэт биир тэҥ күн-дьыл турар: түүн 40 кыраадыс, күнүс 30 кыраадыс тымныы.
Дьааҥыга тымныйыаҕа — түүн 50 кыраадыс, күнүс 48 кыраадыс тымныы бэлиэтэниэҕэ.
Халыма-Индигиир улуустарыгар түүн 30 кыраадыс, күнүс 20-тэн тахса кыраадыс тымныы. Уонна биир тэҥник турар, улахан тымныы суох.
Өлөөҥҥө түүн 40-ча, күнүс 38 кыраадыс тымныы. Тиксиигэ түүн 30, күнүс 20 кыраадыс тымныы. Ааспыт нэдиэлэттэн өрөспүүбүлүкэ арктическай улуустарыгар «полярнай» дэнэр түүннэр саҕаланнылар. Аны мантан инньэ бу диэки күнү көрбөттөр, ый уотунан сирдэтэн үлэлииллэр-хамсыыллар, — диэн Тускул бу нэдиэлэ саҥатын күнүн-дьылын билгэлииригэр эттэ.
Онон ичигэс халлааҥҥа үөрэммит дьон бу нэдиэлэҕэ оптуорунньукка, сэрэдэҕэ, чэппиэргэ 40-35 кыраадыс тымныыны тулуйан көрөр буоллахпыт. Бээтинсэттэн эмиэ сылыйар эбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: