Тускул бүгүн киэһэ оҕуруотуттан өлгөм аһы хомуйда

Share

Норуот синоптига Тускул оҕуруотуттан бүгүн уочараттаах өлгөм үүнүүтүн хомуйда.

— Бастакы оҕурсуубутун бэс ыйын 15 күнүгэр амсайбыппыт. Онтон ыла күн аайы кэриэтэ үүнүү хомуйабыт.

Бастакы хортуоппуйбутун бүгүн амсайдыбыт. Арассааданан олорпут буолан, үүнүү өлгөм буолсу. Номнуо бүгүн ыһаарыга амсайыыга ыллыбыт.Мантан инньэ сии сылдьыахпыт.

Помидору, биэрэһи бэс ыйын 25 күнүттэн сиэбиппит, — диэн сонунун үллэстэр Тускул.

«Тыый, олох ырааппыккыт дии. Күнү-дьылы билгэлиир киһи барытын ааҕан-суоттаан үүннэрэ сылдьарыҥ буолуо. Оккут үүнүүтэ хайдаҕый? Дьонуҥ окко хаһан тахсаллар?» — диэн ыйыппыппар, билгэһит холку бэйэлээхтик кэпсээн барда. Онон маннык кэпсэтии буолла:

— Ээ, хайахсыттар оттоон ырааттылар. Уонча күн буолла, оттообуттара. От үүнүүтэ үчүгэй. Ардах Хайахсыкка үчүгэйдик түһэн, бэркэ сылыйан, от барда да барда.

Оттон илин эҥэр кураан, аһыҥа, от үүнүүтэ мөлтөх дииллэр дии?

— Улууспутуттан биһиэхэ эрэ бэркэ ардаан ааспыта. Биир киһибит бэҕэһээ кэпсээн күллэрдэ, «массыынам аара бадараан бөҕө буолан тиийбитин көрөн, табаарыһым «маннык курааҥҥа эн хантан бадараан буллуҥ?» диэбитигэр, «биһиэхэ курулас ардах түһэн ааста» диэн эттим. Онуоха киһим «хайахсыттар, Тускуллаах буолаҥҥыт, бэйэҕитигэр эрэ ардаҕы сакаастаан түһэрэҕит» диэччи буолла…

— Кырдьык, ол хайдах эрэ эһиэхэ түһэрий ол?

— Ыам ыйыгар алгысчыт  Мария Герасимовалыын Эбэбитигэр киирэн алҕаан, быйаҥ сайыны көрдөһөн тахсыбыппыт. Дэлэҕэ да, мин өрүү «Ийэ айылҕаҕытыттан, Эбэҕититтэн көрдөһө сылдьыҥ» диэн этэбин буолбаат? Бэс ыйын саҕаланыыта булчуттарбыт Эбэбитигэр киирэн, андыны эмиэ кыайбыттара. Онон Эбэбит барахсан биһигини аһата, арчылыы турар.

— Оттон эн «абааһы мунньаҕын» кэнниттэн окко киирээриҥ диэбиккиттэн, дьон ону кэтэһэр быһыылаах дии?

— «Абааһы мунньаҕа» от ыйын 13-гэр биир эрэ күн. Тыаһаама, айдаарыма, холкутук сырыт да , бүттэҕэ дии. «Бу үчүгэйи куоттарымаҥ, саамай оттуур кэм» диэбитим. Онон билигин саамай от кэмэ. 20 чыыһылаҕа диэри үчүгэй кэм. Онон бу нэдиэлэҕэ окко тахсан, тутуу быдьаһар ордук. Ити этэр 39-40 кыраадыс өҥүрүк куйаастара сатыылыа суоҕа. +30 кыраадыска тиийиэҕэ. Сөрүүн тыалынан угуттуур буолан, оттуурга саамай табыгастаах күннэр тураллар.

Тускул кэргэнинээн Елена Михайловналыын оҕуруоттарын маннык олордон саҕалаабыттар.

Билигин Тарасовтар Тускул бэйэтэ оҥорбут кыраапыгынан үүнээйилэрин аһаталлар. Дьиэлээх хаһаайын  «дьон туһанныннар, тэпилииссэлэригэр ыйаан кэбистиннэр уонна  чыыһылатын көрө сылдьан аһаттыннар» диэн бэйэтэ оҥорбут таблицаларын ыытта. Онон ким интэриэһиргээбиккэ, «Саха сирэ» хаһыат анаан билиһиннэриэҕэ.

Дьэ, ити курдук норуот синоптига Тускул салайааччы, билгэһит  эрэ буолбакка, оҕуруотчут быһыытынан номнуо өлгөм үүннүүнү ылан, быйылгы сайын үтүөтүн билэн эрэр!

What’s your Reaction?
+1
40
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
1

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

4 минуты ago
  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

19 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

49 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Дьокуускайга вандаллар биир күн иһигэр үс тохтобулу алдьаттылар

Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Омук бородууксуйатын бэйэ киэнигэр уларытыыттан – олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ

АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago