Тускул: “Быйыл улахан уу кэлээри турар…”

Share

«Тэтим» саха араадьыйатыгар  нэдиэлэ аайы оптуорунньукка уонна бээтинсэҕэ норуот синоптига Тускул халлаан туругун билгэлиир, сэрэтэр.

Бу күннэргэ Тускул иһитиннэриитин аайы «быйыл бэрт улахан уулаах саас кэллэ» диэн бэлиэтиир.

Былырыын күн муҥутаан эстиитэ түмүктэммитэ. Онон кураан дьыллар сыыйа халбарыйан барыахтара. Быйыл кулун тутарга да, муус устарга да Үргэл ыйы иһинэн киирэн ааста. Урукку сылларга ырааҕынан сылдьар этэ, ити биһиги өбүгэлэрбит этэллэринэн, үчүгэй дьыл кэлэрин туоһулуур.

Былаҕачыанайап сахаларга Билгэ таҥаратынан биллэр. Сахалар ордук итэҕэйэр таҥарабыт буолар. Кэлиҥҥи үс сылга хайдах эрэ сөп түбэһэр курдук. Хайаан да бу күнү буолбакка, иннинээҕи-кэннинээҕи күннэри кэтээн көрдөххө, быйыл хайдах эрэ уулаах-хаардаах саас кэлээри турар диэн тойоннуубун. Былырыын син хаардаах этэ уонна кэмигэр ириэрэн уу кэлбитэ, күөллэр туолбуттара, үрэхтэр сүүрдүбүттэрэ. Онно эбии бу ый бүтэһик күннэригэр күүскэ ардаан, тыа хаара ирэн,  сир-дойду уунан туолуоҕа. Онон быйыл улахан уу кэлээри турар. Быһыттаргытын, күөллэргитин үчүгэйдик бөҕөргөтүҥ, оккутун-маскытын өрө тардыҥ. Уу кэлэригэр эрдэттэн сэрэниҥ, — диэн сэрэтэр Тускул.

Өрүстэр, үрэхтэр аттыларыгар турар нэһилиэктэр олохтоохторо Тускул бу сэрэтиитин болҕомтоҕо ылыаххыт диэн эрэнэбит.

What’s your Reaction?
+1
16
+1
3
+1
1
+1
2
+1
17
+1
5
+1
12

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

Тустуук Лев Павлов аан дойду чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылла

Лев Павлов көҥүл тустууга юниордар истэригэр аан дойду чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситистэ. Кини…

13 минут ago
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 8 күнэ: ардах, хаар, тоҥоруу

Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Саха сирин соҕуруу, хотугулуу-илин, күнүс арҕаа улуустарыгар сорох сиринэн ардах,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Никита НТВ ыытааччытын сөхтөрдө

Бүгүн НТВ ханаал  “Чудо” биэриитигэр Сунтаар улууһун Элгээйи орто оскуолатын үөрэнээччитэ, эдэр орнитолог, 11 саастаах…

11 часов ago
  • Сонуннар

Лука Петров Улахан Табаҕаны туһаҕа таһаарыыга ураты өҥөлөөх киһи

Аҕыйах хонуктааҕыта Сунтаар улууһун Куокуну нэһилиэгэр Улахан Табаҕа киэҥ нэлэмэн, үрдүк үүнүүнү биэрэр бааһыната талах…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хотойдуу тумустаах мас акка тиийэ

Оҕо барахсан хайа да кэмҥэ арахсыспат аргыһа – оонньуур буоллаҕа. Онон “Наука 0+” билим бэстибээлин…

14 часов ago
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ититии сезона балаҕан ыйын 9 күнүттэн саҕаланыаҕа

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар ититии сезона саҕаланан эрэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһун пресс-сулууспата дьаһалта телеграм-ханаалыгар иһитиннэрбитинэн,…

14 часов ago