Салгыы
Тускул быыбарга кыайда — Хайахсыт баһылыгынан буолла!

Тускул быыбарга кыайда — Хайахсыт баһылыгынан буолла!

08.09.2024, 22:32
Хаартыска -- Тарас Тарасов тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу чааска быыбар хампаанньата түмүктэнэн, сорох улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарынан кимнээх талыллыбыттара билиннэ.

Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгэр Тарас Тарасов иккис болдьоҕор баһылык дуоһунаһыгар туруммутта. Онон норуот синоптигынан биллэр Тускулбут бу күннэргэ араадьыйаттан, хаһыаттан, социальнай ситимнэртэн «сүтэн хаалан» тыыммыт-быарбыт хаайтаран ылбыта мэлдьэх буолбатах. Мэктиэтигэр күммүт-дьылбыт кытта Тускулу «суохтаан» тымныынан, күүстээх тыалынан хаарыйан, барыбытын тоҥорон ылла. Хата, норуот синоптига быыбарга кыайарын билбиттии, бүгүн күммүт чаҕылыйан күлэн-үөрэн кэллэ эбээт!

Онон быыбарга кыайбыт Тускулу кытта кэпсэтиибит күнтэн-дьылтан саҕаланна.

— Дьоҥҥор-сэргэҕэр тахсыбакка, сонуҥҥун кэпсээбэккэ, эн да, бука, бу күнү кэтэстэҕиҥ аҕай буолуо, Тускул?

— Оо, дьоммун-сэргэбин ахтан аҥарым эрэ хаалла! Араадьыйаҕа-хаһыакка күнү-дьылы көннөрү кэпсээн кэбиһэр буолбатахпын ээ, дьоммун-сэргэбин кытта алтыһан, бииргэ сылдьар курдук сананабын. Онон 10-с чыыһылабын күүтэ аҕай сылдьабын. Оптуорунньукка эмиэ тахсар бириэмэбэр араадьыйабар сырсыардаттан күнү-дьылы дьэ ырытан барыам. Телеграм-ханаал аспытым да, ол дьоммун-сэргэбин кытта алтыһыыбын солбуйбат. Ол эрээри телеграм-ханаалы да сөбүлээтим. Бу кылгас кэм иһигэр 4 тыһыынча сурутааччыланным.

— Мэктиэтигэр, Ийэ айылҕа кытта эйигин суохтаан, тымныйан аҕай ылла. Дьон ааранан миигиттэн «Тускултан ыйыт эрэ, быйыл «Дьахтар сайына кэлэр дуу, суох дуу? Бу кэнниттэн туох сайына кэлэр үһү аны…» дииллэр. Кырдьык, «Дьахтар сайына» хаһан кэлэрий?

— Айылҕа бэйэтин оҥоһуута буоллаҕа, хайдах кэлиэ суоҕай? 15-16 чыыһылалар диэки «Дьахтар сайына» күлэн мичилийэн кэлиэҕэ.

— Тарас Лукич, бэрт эрэллээхтик кыайбыккын дии. Дьонуҥ үлэҥ түмүгүн бэркэ сыаналаабыттар.

— Оннук, биир дойдулаахтарбар махталым муҥура суох. Нэһилиэнньэ 80%-на өйөөтө. Хаһан да кэлбэтэх элбэх киһи быыбарга кытынна. Сарсыарда 10 чаас диэки олохтоох дьон үксэ кэриэтэ куоластаабыта. Бүгүн күнэ да үчүгэй бэрдэ. Онон үлэлээх-хамнастаах дьон быыбардыы охсоот, ким тыаҕа, ким хаһаайыстыбатыгар үлэлии ойбуттара.

— Быыбар иннинээҕи бырагыраамаҥ дьэҥкэ буолуо?

— Дьоммор «эһиги мин үлэбин-хамнаспын көрө-истэ сылдьаҕыт. Ылыммыт соругум үгүс, ону барытын ситэрдэхпинэ табыллар» диэбитим. Онон өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах Мэҥэ Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарын ситимниир суолбутун бүтэриэхпит, улахан элбэх өҥөнү оҥорор кииммитин тутуохпут, «Албан аат түһүлгэтин» Улуу Кыайыы 80 сылыгар бүтэриэхпит. Ити саамай улахан сорукпут. Оттон күннээҕинэн ыллахха, былаан, бырайыак үгүс. Ол ону хайахсыттар бары бииргэ тутуспутунан бүтэрэ-оһоро сылдьабыт. Дьонум-сэргэм барытын бииргэ  оҥорсо сылдьар буолан, туох-ханнык үлэ барарын билэллэр. Онон салгыы да бары биир сүбэнэн үлэлиэхпит.

… Быыбар биир үтүө өрүтэ — дьон санаатын түмүгэ. Бары санааларын холбообуттара биир толкуй, биир санаа, биир турук, биир сутурук буолан тахсар. Тарас Лукич Тарасовка-Тускулга биир дойдулаахтара итэҕэйиилэрэ — кинини өрөспүүбүлүкэтин дьоно эмиэ ытыктыылларын бэлиэтэ. Норуот тапталын уонна убаастабылын иҥэриммит киһиэхэ санаабыта барыта олоххо ситиһиилээхтик киирэн иһэригэр баҕарабыт!

+1
57
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
+1
0
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 59% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: