Салгыы
Тускул дойдутугар, Хайахсыкка, дьиктилээхэй Бөтүрүөп ардаҕа түһэн ааста (ВИДЕО)

Тускул дойдутугар, Хайахсыкка, дьиктилээхэй Бөтүрүөп ардаҕа түһэн ааста (ВИДЕО)

13.07.2024, 12:31
Хаартыска уонна видео -- Тарас Тарасов тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар өҥүрүк куйаас туран, Бөтүрүөп ардаҕа да кэлэн түспэтэ. 

«Бөтүрүөп Таҥара ардаҕа ханна да барбат. Дэлэҕэ да, өбүгэ саҕаттан Бөтүрүөп ардаҕа диэн аатырыа дуо? Былыр былыргыттан Бөтүрүөп куйааһын саҕана ардах хайаан да кэлэн түһэригэр эрэнэллэрэ уонна ол эрэллэрэ хайаан да туолара. Бөтүрүөп ардаҕын кэнниттэн от үс күнүнэн «ыллыы-ыллыы» үүнэн тахсара үһү«, — диэн норуот синоптига Тускул өрүү бэлиэтиир.
Дьэ, ол Бөтүрүөп ардаҕа бэҕэһээ киэһэ ала чуо Тускул бэйэтин нэһилиэгэр, Хайахсыкка, эрэ кэлэн түстэ.

Нэһилиэк баһылыга Тарас Тарасов бу көстүү туһунан маннык иһитиннэрдэ:

Чаас аҥарын иһигэр сөҥүү ыйдааҕы нуормата кэлэн түстэ. Ыксаан «Хайахсыт ууга барда» диэн улуустааҕы ыксаллаах быһыы-майгы отделыгар биллэрбиппит.   Хонууга турбут кураанах биэдэрэ эмискэ туолан, аһара барыар диэри түстэ. Дьикти түгэн буолла. Үйэбэр манныгы көрө илигим.

Быйыл улуу олоҥхоһуппут, тоҕус олоҥхо, ол иһигиэр аатырбыт «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхо ааптара Иннокентий-Тимофеев-Теплоухов 155 сааһыгар анаан 11 тыһыынча солкуобайга оҥорторбут 6 м үрдүктээх, 2 м туоралаах баннербытын күүстээх ардах тоҕо көтөн, икки аҥы хайа тардан кэбистэ. Ыһыахтыыр түһүлгэҕэ ыйаан баран, үбүлүөйдээх сыла бүтүөр диэри дьаһалта аттыгар туруорбуппут. Баһылыктыырым устата уопсайа 32 баннеры туруордум, бары ардахха-хаарга туох да буолбакка этэҥҥэ тураллар.  Олоҥхоһуппутугар анаммыт саамай көстүүлээхтэрэ уонна улаханнара этэ. Олохтоохтор: «Арааһа, оҕонньор бэйэтэ баарын биллэрэн барда», — дииллэр. Кырдьык, былыргы саха киһитин сиэринэн аата-суола улаханнык дарбатылларын сөбүлээбэтэ быһылаах…

Салгыы аны күн-дьыл туругун билгэлээччи быһыытынан кэпсэтэбит.

Тускул, оттон эн быйыл сайын саҕаланыаҕыттан «ыаҕастаах уунан кутан, киһини соһутар ардах, тобурах кэлэн түһүөҕэ» диэн сэрэппитиҥ аҕай дии…

Күн-дьыл туругун үөрэтэр буолан, итинник сабаҕалааһыннары оҥоробун. Ол эрээри Хайахсыппар маннык бэйэлээхэй хаһан да көрбөтөх ардахпыт, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биһиэхэ эрэ, түһүө диэн хантан билиэхпиний? Бу маннык кэлэн, иккис түһүүтэ буолла. Оҕуруотчуттар соһуччута бэрт буолан, туох да бэлэмэ суох буолабыт. 

Оҕуруоппут, хортуоппуйбут барыта сытыйда. Аны ол уутун хорор түбүккэ түстүбүт. 

Уулуссабытыгар массыына кыайан сылдьыбат бадараана буолла. Сир кууруутун саҕана, аны ону көннөрөр түбүгэр түһүөхпүт. 

Дьиктитэ баар, ыаллыы нэһилиэктэрбитигэр кыраам да сөҥүү түспэтэх…

Ити курдук, быйыл сөҥүү олох кэмчи, үгүс улуустарга кураанныыр кэмигэр, Тускуллаах буолан,  ала чуо Хайахсыкка  эрэ сотору-сотору ыаҕастаах уунан кутара — дьикти түбэлтэ.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
2
+1
3
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: