ТУСКУЛ: «Өрөбүлтэн Арктическай антициклон кэлэн, хаар, ардах, тымныы…»

Share

Норуот синоптига Тускул «Тэтим» араадьыйаҕа ыам ыйын 5-9 күннэригэр халлаан туругун иһитиннэрдэ.

«Бу күннэргэ Арктическай антициклон кэлэн, Саха сиригэр биллэ тымныйыаҕа. Өрөбүл күннэргэ сөҥүү түһэн, кэлэр нэдиэлэҕэ  сыыйа тымныйан барыаҕа. Киин улуустарга түүн -5 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Бүлүү бөлөх улуустарга, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Нерюнгрига хаар, ардах түһүөҕэ. Түүн -8 кыраадыска тиийэ биллэ тымныйыаҕа.

Саамай тымныы күннэр — Арктическай улуустарга. Верхоянскай куоракка  ыам ыйын 9 күнүгэр  түүн -13, күнүс 3 кыраадыс тымныы.   Баатаҕай Алыытыгар, түүн -17, күнүс -6 кыраадыс тымныы. Депутатскайга түүн — 19, күнүс 8 кыраадыс тымныы.

Халыма эҥээр улуустарга  түүн тымныйар, күнүс сылыйар. Ол курдук, Халыма эҥээр, быһа холуйан, түүн  -8 кыраадыс тымныы, күнүс +7 кыраадыс сылаас. Өймөкөөҥҥө -5 кыраадыс түүн тымныытын биллэриэ, күнүс +7  кыраадыс сылаас.  Муомаҕа -7 тымныы, күнүс +1 кыраадыс сылаас.

Киин куоракка түүн -4, күнүс -3 кыраадыс тымныы. Онон үгүс улуустарга ыам ыйын 7-9 күннэригэр биллэ тымныйыаҕа. Ордук ыам ыйын 12 күнүгэр диэри -6 кыраадыс тымныйан, улахан тоҥоруу буолуо.

Халлаан ыам ыйын 14 күнүттэн сыыйа көнөн, сылыйан барыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

12 часов ago