Тускул: «Өтөрүнэн кыһын кэлиэ суох курдук…»
Сааскылыы ичигэс күннэр туран, туманынан бүрүммүт кыһыммытын умнуох да курдук буоллубут.
Норуот синоптига Тускул «Тэтим» араадьыйаҕа «маннык күннэр ахсынньы 4 күнүгэр диэри туруохтара» диэн үөртэ. Атлантическай акыйаантан кэлбит циклон дойдуну барытын «сылытан», аны биһиэхэ, Саха сиригэр кэлбитин бэлиэтээн туран, кини быйылгы кыһын хайдах буоларын билгэлээтэ.
— Өтөрүнэн кыһын кэлиэ суох курдук буолла. Ол курдук, илин эҥэр улуустарга — 45 кыраадыстаах тымныы ахсынньы 20 күнүттэн эрэ биллиэҕэ. -50 кыраадыс тохсунньу иккис дэкээдэтигэр биллиэҕэ. Киин улуустарга -45 кыраадыс тымныы аҕыйахта бэлиэтэниэҕэ. Саамай тымныы улуустарга — Өймөкөөҥҥө уонна Дьааҥыга ахсынньы эмиэ ичигэс. Бу улуустарга тохсунньуга биирдэ эмит — 55 кыраадыс бэлиэтэнэн ааһыаҕа. Онон тохсунньуну «аһара түстэрбит эрэ», күн уһаан, сылыйыы буолуоҕа, — диэн саха араадьыйатыгар быйылгы кыһын туһунан кэпсээн ылла норуот синоптига Тускул.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: