Тускул: «Өтөрүнэн кыһын кэлиэ суох курдук…»

Тускул: «Өтөрүнэн кыһын кэлиэ суох курдук…»

29.11.2024, 20:34
Хаартыска: Ольга Пестерева түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Сааскылыы ичигэс күннэр туран, туманынан бүрүммүт кыһыммытын умнуох да курдук буоллубут.

Норуот синоптига Тускул «Тэтим» араадьыйаҕа «маннык күннэр ахсынньы 4 күнүгэр диэри туруохтара» диэн үөртэ. Атлантическай акыйаантан кэлбит циклон дойдуну барытын «сылытан», аны биһиэхэ, Саха сиригэр кэлбитин бэлиэтээн туран, кини быйылгы кыһын хайдах буоларын билгэлээтэ.

Өтөрүнэн кыһын кэлиэ суох курдук буолла. Ол курдук, илин эҥэр улуустарга — 45 кыраадыстаах тымныы ахсынньы 20 күнүттэн эрэ  биллиэҕэ. -50 кыраадыс тохсунньу иккис дэкээдэтигэр биллиэҕэ. Киин улуустарга -45 кыраадыс тымныы аҕыйахта бэлиэтэниэҕэ. Саамай тымныы улуустарга — Өймөкөөҥҥө уонна Дьааҥыга  ахсынньы эмиэ ичигэс. Бу улуустарга тохсунньуга биирдэ эмит — 55 кыраадыс бэлиэтэнэн ааһыаҕа. Онон тохсунньуну «аһара түстэрбит эрэ», күн уһаан, сылыйыы буолуоҕа, — диэн саха араадьыйатыгар быйылгы кыһын туһунан кэпсээн ылла норуот синоптига Тускул.

+1
84
+1
5
+1
4
+1
5
+1
4
+1
8
+1
15
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: