Салгыы
Тускул: «Хаһан да хатыламмат сайын буолуоҕа…»

Тускул: «Хаһан да хатыламмат сайын буолуоҕа…»

28.05.2023, 08:02
Хаартыска -- Тарас Тарасов-Тускул тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонугунан Саха сиригэр күүтүүлээх сайыҥҥылыы сылаас күннэр үүнүөхтэрэ.

Бу туһунан норуот синоптига Тускул бу курдук билгэлээтэ:

— РФ Гидрометкиинин научнай салайааччыта Роман Вильфанд ааспыт нэдиэлэҕэ «быйыл сайын хаһан да өтөрүнэн буолбатах куйаас сатыылыаҕа» диэн бэлиэтээбитэ. Ол курдук, Арассыыйаҕа быйылгы сайын  кэнники 150  сылга биирдэ буолар куйааһынан биллиэҕэ. Биллиилээх синоптик үс сайыҥҥы ыйы быһа  Москваҕа, Курскай, Белгородскай уонна Тульскай уобаластарга, Сибииргэ, Уралга уонна Уһук Илин  эрэгийиэннэригэр уот куйаас сатыылыаҕа диэн билгэлээтэ. Онон бу күннэргэ Саха сиригэр эмиэ сылаас салгын охсуута биллэн барыаҕа.  Киин улуустарга бу өрөбүлтэн саҕалаан 20-24  кыраадыс сылыйара сабаҕаланар. Бэс ыйын 3 күнүгэр  Саар Көстөкүүн Таҥараҕа анды кэлэр. Бу күн сылаас күн туран, булчуттарга бултуйарга тоҕоостоох кэм буолуоҕа. Анды маннык күҥҥэ «утатан ууга түһэр» дииллэр. Бэс ыйын саҥата  куйааска «төрөөн», булчуттарга Байанайдара тосхойон,  хото дуоһуйа бултуйан, дьиэлээхтэригэр сибиэһэй андыны амсатыахтара.

Бэс ыйын саҥатыттан 25 кыраадыска тиийэ сылыйан, оҕуруотчуттар «күннүүр» кэмнэрэ саҕаланыаҕа. Онон бу кэмҥэ хортуоппуйу эмиэ  олордуохха сөп.

Хаһан да хатыламмат сайын буолуоҕа. Быйыл элбэх этиҥнээх ардах түһүөҕэ эрээри, бэс ыйа уонна от ыйа кураан буолуохтара. Тобурах эмискэ кэлэн түһүөҕэ. Онон оҕуруотчуттар итинник түгэҥҥэ оҕуруоккутун саба охсор бүрүөһүн сабыыны эрдэттэн оҥостон кэбиһэргитигэр сүбэлиибин. Быйыл кыһын олус тымныйбытын Ийэ айылҕа уот куйааһынан «төлүөҕэ».

2023 сыл — Күн эстиитин муҥутуур чыпчаала. 11-с цикл бүтэһик сыла буолан, Ийэ айылҕа барытын көрдөрүөҕэ — күүстээх дохсун ардаҕы да, киһи тулуйбат куйааһын даҕаны.

Ыам ыйа хайа да дьыллааҕар олус тымныйда. Ол иһин санаабытыгар сайын кэлиитэ олус уһаабыт курдук.

Өлүөнэ Эбэбит мууһун бастакы ардах түһэн кэбирэттэ. Онон көмүөл этэҥҥэ ааста. Ол оннугар хаара халыҥ буолан тыаттан киирэр хонуу уута  сорох киин улууска кутталы үөскэттэ. Бэс ыйын уонна от ыйын курааннара бу да ууну «көтүтүөхтэрэ».  Хара уу өлгөмнүк кэлиэҕэ. Онон арыыларга уонна намыһах сирдэринэн сылдьар дьон сэрэхтээх буолуҥ.

Циклон уонн антициклон охсуһуулара барар. Үөһээ халлааҥҥа эмиэ итии уонна сылаас салгын «иирсээннэрэ» буола турар.  Ол сабыдыалыгар тыал-куус ыам ыйыгар сылаас күннэртэн «матарда».

Ньукуолуммут биир нэдиэлэ хойуутаата. Ол да буоллар, Ийэ айылҕа уйгулаах сайыҥҥы кэмин аҕалла — от-мас көҕөрдө, кэҕэ эттэ, дьон сайылыкка тахсан, малааһынын тэрийдэ. Сайыммыт кэлбитинэн, доҕоттор!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: