Тускул Хайахсыкка сабыылаах ойбон оҥорон сөтүөлээтэ (ВИДЕО)
Саха сиригэр кэнники кэмнэргэ тохсунньу 19 күнүгэр – Кириһиэнньэҕэ ууга умсуу үгэскэ кубулуйда.
Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр анаан куораттарга өрүскэ анал оҥоһуулаах, сабыылаах ойбоннору оҥороллор, оттон сорох улуустар кииннэригэр, нэһилиэктэргэ аһаҕас халлаан анныгар ойбон алларан сөтүөлүүллэр.
Быйыл Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгин баһылыга, норуот билгэһитэ Тарас Тарасов-Тускул быйыл дойдутугар ааттаах үчүгэй сөтүөлүүргэ аналлаах сабыылаах ойбону оҥорбут. Бэҕэһээ, тохсунньу 19 күнүгэр, норуот билгэһитэ -45 кыраадыс тымныыга, чардаатыгар Тарас Лукич сөтүөлээтэ.
«Быйылгыттан Хайахсыкка маннык сабыылаах ойбону оҥордубут. Мин 2000 сылтан куоракка «купель» диэҥҥэ сууммутум, быйыл 24-с сылбар барда. Онон маннык ойбоҥҥо суунар хайаан даҕаны наада. Бүгүн уу саамай ырааһырар кэмэ, онон сыл түмүгүнэн, хайаан даҕаны ыраастаныахтааххын. Үстэ умсан ыллаххына, ып-ыраас буолан тахсаҕын, 2024 с. оннук саҕалыыбыт. 19-с чыыһылаҕа сөтүөлээбит киһи улаханнык тымныйбат, ыарыы-той ааһар, онон бука куттаммакка сөтүөлээҥ. Саҥа сөтүөлүүр дьон сып-сап курдук ууга киирэн тахсыахтааххыт, оччоҕо доруобуйаҕытыгар оҕустарбаккыт», — диэн Тарас Лукич санаатын үллэһиннэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, Кириһиэнньэ сөтүөтүн кэмигэр анал ойбоннорго киирэн тахсар дьону арыаллаан Ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатын үлэһиттэрэ дьуһуурустуба олохтоотулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: