Тускул: «Кэлэр нэдиэлэ бүтэһигэр 40 кыраадыс тымныйыаҕа»

Share

Бу күннэргэ норуот синоптига Тускул ичигэс өрөбүлү билгэлээтэ.

Онон сэтинньи ортотугар сааскы халлаан турар курдук: салгына ырааһа, күнэ чаҕылхайа, ичигэһэ — таһырдьаттан киириэххин баҕарбаккын.

Ол эрээри кыһын аата кыһын, хаһан эрэ кэлиэхтээх буоллаҕа. Бу туһунан Тускул туох диэн билгэлиирин билиэн баҕалаах үгүһэ чахчы.

— 40 кыраадыстаах тымныы сэтинньи 24-25 күннэриттэн саҕаланыаҕа. Ол эрээри ол да өр барыа суоҕа. Уопсайынан, Бокуруоп Таҥара билгэтэ олох сөп түбэстэ — сэтинньи сылаас ыйынан буолла. Бастакы тымныы түһэр буолан, ичигэскэ үөрэммит дьон быһыытынан, 40 кыраадыһы тымныы курдук ылыныахпыт. Дьиҥэр урукку сылларга 40 кыраадыс тымныы буоллаҕына «бүгүн биллэ сылыйбыт» диэн буолара. Оттон биһиги 10-20 кыраадыс кэнниттэн  «тымныйда» диэхпит.

Ахсынньы билгэтин кэлэр нэдиэлэттэн ааҕан-суоттаан үөрэтиэм. Ол аата хайдах үөрэтэҕин диэн ыйыттахха, урукку сыллары тэҥнээн көрөн, орто кыраадыһы таһаарабын. Быйыл ахсынньыга Илин эҥэр улуустарга — Чурапчыттан саҕалаан, Тааттанан, Томпонон, Өймөкөөҥҥө тиийэ 50 кыраадыстан тахсар тымныы түһүөҕэ. Оттон бу тымныы Дьокуускайы уонна чугас улуустары — Намы, Хаҥалаһы, Мэҥэ Хаҥалаһы хаарыйыа суоҕа.

Дьэ, онон кэлэр нэдиэлэ бүтэһигэр диэри сааскылыы күн дьыл туруоҕа диэн этэр Тускул.

What’s your Reaction?
+1
73
+1
1
+1
12
+1
5
+1
10
+1
5
+1
11

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago