Бу күннэргэ ардах курулаччы түһэн, тымныйан, үгүс дьон «күһүммүт бэлиэр кэллэ дуо?» диэн долгуйда.
Норуот синоптига Тускул «Тэтим» араадьыйаҕа бээтинсэтээҕи халлаан туругун анаарар биэриитигэр 15 күннээҕини ырытыытыгар «киин улуустарга от ыйын 24 күнүттэн, ол эбэтэр кэлэр нэдиэлэ саҥатыттан эмиэ куйаарыаҕа» диэн бэлиэтээбитэ социальнай ситимнэринэн киэҥник тарҕанна. Кини «түүн 20 кыраадыс сылаас, оттон күнүс 30-32 кыраадыс куйаас түһүөҕэ» диэн билгэлиир.
Мин Тускултан «бу күннэргэ күммүт-дьылбыт хайдах буолуой?» диэн туоһуластым. Онуоха киһим күлэ-күлэ: «Хас да хонуктаах ардах түспүтүгэр дьон «хайа, куйааспытын ханна гынныҥ, туох уһун ардаҕай, тохтот» дииллэр. Айылҕаны мин бас билбэппин. Үөһээ халлааҥҥа син эмиэ Орто дойдуга курдук, алдьархайдаах мөккүөр, охсуһуу бара турар. Сотору-сотору тымныы уонна сылаас салгын «сэриилэһэллэр». Ол түмүгэр хайалара кыайарынан, тымныы эбэтэр сылаас күннэр буолаллар«, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Тускул салгыы маннык бэлиэтээтэ: «Бу күннэргэ хотуттан кэлэр тымныы салгын кыайан, тымныйан уонна ардаан ылла. Аны Кытайтан сылаас салгын циклона үтэйэн иһэр. Онон кэлэр нэдиэлэ саҥатыттан абытайдаах куйаас күннэр эмиэ сатыылыахтара. Уонча хонук ол куйаас туруоҕа. Онон үтүө күннэри баттаһан, ким оттуур оттоон, ким сир астыыр отонноон хаалыҥ. Таҥаралар ардахтара туох да хойуутаһына суох кэмигэр кэлэн түһэ тураллар. Бу күннэргэ Борокуоппайап таҥара ардаҕа түстэ. Аны Ылдьыын таҥаратын ардаҕа кэлиэҕэ. Куйаас күннэр атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри туруохтара. Онон кэлэр нэдиэлэттэн киһи тулуйбат куйааһа буолуоҕа. Ол эбэтэр биир нэдиэлэ устата эмиэ буһан-хатан, сөтүөлээн ылыахпыт».
Сайын үтүөтүн оттоон, сир астаан, айылҕалыын алтыһан, туһалаахтык атаарыахха!
“Группа Астра” бэйэтин бырайыактарын Дьокуускайга “Цифровой Алмаз” федеральнай пуорумҥа билиһиннэрдэ. Хампаанньа дойдуга оҥоһуллар бырагырааманан хааччыйыы…
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Эһигини Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс…
Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 5 буруйу оҥоруу түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, олорунан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытыллар уонна холуобунай дьыалалар…
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…
Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…