Салгыы
Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

23.11.2024, 16:34
Хаартыска: Ольга Пестерева түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ Роман Вильфанд бэлиэтээн турар.

Бу күн-дьыл сылыйыыта Атлантикаттан кэлэр сылаас салгын дьайыытын уонна аан дойду сылыйыытын (глобальное потепление) кытта сибээстээх.

Бу күннэргэ дойду эрэгийиэннэригэр барытыгар сылаас күн-дьыл турар.  Бу аата  Атлантика салгына Сибииргэ, онтон Уһук Илиҥҥэ күүстээхтик тарҕанар. Урукку сылларга маннык түгэн дэҥҥэ бэлиэтэнэр эбит буоллаҕына, кэлиҥҥи сылларга үксээтэ”, — диэн бэлиэтээбитэ Арассыыйа сүрүн синоптига.

Аны норуот синоптига Тускул сэтинньи бүтэһик нэдиэлэтигэр хайдах күн-дьыл буоларын туһунан туох этэрдээҕий? Ону билиэххэ.

Бу күннэргэ Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ Роман Вильфанд эппит сылыйыыта дойдуну барыны хабан эрэр. Ол курдук, сылыйыы бу күннэргэ Сибииринэн Уһук Илиҥҥэ чугаһаата. Сэтинньи 26 күнүттэн Саха сирин үрдүнэн барытынан сылыйыаҕа. Дьиктитэ баар, хаар суоҕун курдук суох. Бүлүү эҥээр хаардыы аҕай турарын үөрэ истибиппит: «Ити хаар сотору биһиэхэ кэлиэҕэ» диэн. Суох, доҕоттор, хаар атын сиринэн ааһан хаалла. Онон Атлантическай сылаас салгын сис былыта суох аҥардас бэйэтинэн эрэ иһэр. Сэтинньи 26 күнүттэн илин эҥээр улуустарыгар -24-22 кыраадыстан  сыыйа -16, -17 кыраадыс эрэ тымныйыаҕа.  Ол аата — сэтинньи 28-29 күннэригэр. Киин улуустарга ити кэмҥэ күнүһүн -17-20 кыраадыс эрэ тымныйар. Бүлүү эҥэр олох да ичигэс күннэр.  Сунтаар, Мииринэй оройуоннарыгар -11-21 кыраадыс тымныы буолар. Ити нэдиэлэ устата. Өлүөхүмэҕэ -16 кыраадыс тымныы. Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөҥҥө Атлантикаттан кэлэр сылыйыы кытта биллиэҕэ — манна күнүс — 25 кыраадыска тиийиэҕэ. Дьааҥыга улахан тымныы эмиэ суох: -25-27 кыраадыс тымныйар. Муҥутуур сылыйыы сэтинньи 26-30 күннэригэр биллиэҕэ. Бу маннык күн-дьыл ахсынньы 4 күнүгэр диэри бэлиэтэниэҕэ. 

Саха сирин күнэ-дьыла Өлөөн улууһуттан тутулуктааҕын — «богуоданы оҥорор» диэн өрүү бэлиэтиибин.  Бу улууска сэтинньи 28-30 күннэригэр -12 кыраадыс эрэ тымныы бэлиэтэнэрэ тугу этэрий? Ол аата тымныы намыраан, сылыйара ити үөһээ эппиппин бигэргэтэн биэрэр. 

Өссө төгүл этэбин — сылаас салгын, хаһан буоларын курдук, сис былыты солоон аҕалааччы этэ. Ол быйыл суох. Бүлүү эҥэр улуустары хаарынан хатаҕалаан баран, тохтуур чинчилэннэ. Хаара суох көннөрү салгын сылыйыаҕа. Бу өтөрүнэн буолбатах интэриэһинэй көстүү. Онон сэтинньи быйыл -40 кыраадыстааҕар буолуох,  -30 кыраадыс тымныыга да тиэрдибэккэ түмүктэниэҕэ.

Дьикти кыһын кэллэ. Билэр дьонум «бу туох халлаан буолла, тугу таҥнабыный? Унтуубун кэппитим, инчэҕэйэ сүрдээх. Кыһыҥҥы соммун кэттэхпинэ, тиритэбин. Онон кууркабар төттөрү көстүм»  диэн оннооҕор опуобуска көрсөн ыйыталлар, кэпсииллэр.  Онон кэлэр нэдиэлэттэн, тыа сирин дьоно, сылыйарынан туһанан, хамсаммахтаан хаалыҥ: оккутун-маскытын, муускутун тиэниҥ, дьиэ таһынааҕы үлэҕитин үмүрүтүҥ. Ахсынньы 4 күнүгэр диэри Ийэ айылҕа эһиэхэ сааскы ичигэс күннэри бэлэхтиэҕэ! 

+1
43
+1
1
+1
3
+1
6
+1
6
+1
5
+1
9
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: