Тускул муус устар күнүн-дьылын билгэлээтэ

Share

Муус устар — Айыыһыт Хотун ыйа. Кэрэни кэрэхсиир, тапталга талаһар.

Үгэс быһыытынан, норуот синоптига Тускул муус устар ыйы билгэлээтэ:

Муус устарга түүнҥү өттүгэр ый ортотугар диэри күүскэ тоҥорор, күнүс — ириэрэр. Муус устар 7 күнүгэр Былаҕачыанайап, сахалар саамай билгэлиир кэтэһэр Таҥаралара. Бу күн хайдах күн буолар да, саас оннук буолар. Муус устары алтынньы батыһар. Ый 15 күнүттэн күнүс лаппа ириэриэҕэ, түүн тоҥорор. Муус устар 20 күнүн кэнниттэн сааскы ириэһин саҕаланар. Үгүс сыл кэтээн көрүү түмүгүнэн, муус устар 25 күнүттэн киин улуустарга күүстээх ириэһин буолуоҕа. Ыам ыйын саҥатыгар киин улуустарга сир хараарыаҕа.

Саха киһитэ “көхсүттэн тэһииннээх Күн оҕото” уонна “Ыйтан ыйаахтаах Ый оҕото”- диэн мээнэҕэ эппэттэр. Күн сиргэ дьайыыта олус улахан. Күҥҥэ тахсар эстиилэртэн сиргэ баар тыынар тыыннаах улахан тутулуктаах. Кулун тутар, дьэ, өтөрүнэн көрдөрбөтөҕүн көрдөрдө. Ол курдук, кулун тутар 28 күнүгэр Ленскэй, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар этиҥнээх ардах түстэ. Ол кэмҥэ Бүлүү эҥэр Ньурбанан ардах курулаччы кутта, бу күн Дьокуускай да куораппыт хаалсыбата – манна эмиэ ардаан баран, хаарынан үллүктээн кэбистэ. Айылҕа дьиктилэрэ элбээн иһэрэ барыбытын соһутар.

2023 сыл — кураан оройо, Күн эстиитэ муҥутуур чыпчаалыгар тиийиэхтээхпит. Бу сылга айылҕа араас дьиктилэрэ барыбытын соһутара буолуо. Онон туохха барытыгар бэлэмнээх буолуохха наада. Халаан, өҥүрүк куйаас, улахан холорук, күүстээх этиҥнээх ардах – сылгыга, дьиэ сүөһүтүгэр ыарахан сыл. Арай атырдьах ыйыттан уоскуйан барыахпыт, күһүҥҥү өттө лаппа ардахтаах буолуо.

Салгыы Тускул муус устарга өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар хайдах күн-дьыл туруоҕун билгэлээбитин «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэриттэн билсиҥ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2026 сылга мунньуллар биэнсийэттэн хас сууманы ылыахха сөбүн туһунан иһитиннэрдилэр

Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга  мунньуллар биэнсийэлэриттэн  440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…

14 минут ago
  • Сонуннар

Ефрем Семенов: «Каадыр бэлиитикэтигэр улахан болҕомто ууруллуоҕа»

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Диана Соломонова: «Сийиэскэ этиилэрбин болҕомтоҕо ылбыттарыттан үөрдүм»

Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ  үгүс дьокутааты…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоҕус урбааны өйүүр  боппуруос туора туран хаалыа суохтаах

Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

“Надеждалар” быйыл сүүрбэччэ араас көрүҥнээх 861 таҥаһы тиктилэр

“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Аймаҕар көмөлөһөөрү кирэдьиит ылан, улахан иэскэ киирбит

Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…

2 часа ago