Тускул: «Муус устар — сымнаһыар…»

Share

Сааскы кэм бастакы ыйа кубулҕаттааҕынан биллэр кулун тутар бүтэһик күнэ.

Сарсыҥҥыттан муус устарга үктэнэбит. Норуот синоптига Тускул «муус устар 20 күнүн кэнниттэн уу-хаар тахсыаҕа» диэн туран, муус устар билгэтин «сэгэтэн» биэрдэ:

«Быйыл кулун тутар, урукку сылларга холоотоххо, улахан тибиитэ-хаһыыта суох чуумпу ый кэлэн ааста. Манан сылыктаатахха, муус устар  хайдах эрэ сымнаһыар буолуох курдук.  Үһүс дэкээдэттэн ордук киин улуустарга, соҕуруулуу-арҕаа улуустарга  күүскэ ириэриэҕэ. Былырыын күһүн үгүс улуустарга ардаан-хаардаан тоҥорбута, онон Ийэ сир тот соҕус сытар». 

Муус устар билгэтэ

Муус устар 1 күнэ — Даарыйа аат күнэ. Ойбон сэҥийэтин чэҥэ ирэр. Нөҥүө күнүттэн түөрт уон хонуктаах дьыбар бүтэн, отут хонуктаах уораан хаалар. Ый ортотугар тыалырдаҕына — «хаары сахсатар», бүтэһигэр — «хаары хараардар».
Муус устар 4 күнэ — Дьиэ сарайыттан таммах түһэрэ элбиир, улахан бэлиэтээһин буолар.
Муус устар ый 5 күнэ — Холлоҕос көтөрө. Кыһыҥҥы хаһаас бүтэр.
Муус устар 7 күнэ — Былаҕачыанайап ( Благовещение Пресвятой Богородицы). Таҥара улахан бырааһынньыга: оннооҕор чыычаах айыырҕаан уйа туттубат аатырар. Туллуктар кэлэллэр, моҕотой уйатыттан быгыалыыр, эһэ арҕаҕар уһуктан » кырдьыылыыр»- о.а. быган сытар, сааскы сылаас «өнньүө» күннэр тураллар. Бу күн былыта суох ыраас күн турдаҕына — саас көхтөөхтүк кэлэригэр, тыалырдаҕына — хаптаһын хатааһын буоларыгар.
Муус устар 6 күнэ — Түүн сылаас буоллаҕына — саас түргэнник кэлэр.
Муус устар 8 күнэ — Бу күн хайдаҕый да, алтынньы 8 күнэ оннук буолуо.
Муус устар  9 күнэ — Мотуруона аат күнэ. Тураах кэлэр.
Муус устар 13 күнэ — Бэлиэтиир. Тот салгын түһэр.
Муус устар 14 күнэ — Күн көрөр өттүгэр сарай хаара буоллаҕына, ыам ыйын 6-гар диэри ходуһаҕа хаар сытар.
Муус устар 18 күнэ — Урут хаҕыс тыал үрбүт буоллаҕына, аны ичигэс тыал түһэр. Соҕурууттан тыалырдаҕына — сылыйар.
Муус устар 20 — 25 күннэригэр — Куруппааскы, улар охсуута саҕаланар.
Муус устар 21 күнэ — Күн көрдөҕүнэ — сайына ичигэс, былыттаах күн — сайына сөрүүн.
Муус устар ый күнэ — Чуумпу, сылаас түүн буоллаҕына — сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
Муус устар 24 күнэ — Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол-иис олох алдьанар. Күн үөһэ ойдор ойон иһэр.
Муус устар 29 күнэ — Ый туолуута.

… Сиһилии муус устары Тускул улуустарынан хайдах билгэлээбитин сарсын, муус устар 1 күнүгэр, билиһиннэриэхпит.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Итии ууга эмсэҕэлээбит оҕоҕо ирдэнэр көмө барыта оҥоһуллар

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар оттук систиэмэтин турбата тоҕо баран, уол оҕо…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэҕэ тахсар саас өссө үрдүүр дуо?

Сотору-сотору араас саайтарга “биэнсийэҕэ тахсар саас 5 сылынан эбиллиэ” диэн суруйуулар тахсан социальнай ситиминэн тарҕанан,…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Нелегальнай мигрант» эпэрээссийэ салҕанар

Суһал-сэрэтэр тэрээһиннэр саҕаланыахтарыттан полиция үлэһиттэрэ омук дьоно олорор, үлэлиир 3,2 тыһыынчаттан тахса эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээбиттэр. Бу…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

«Чөмпүйүөннэр бааллара»: Саха сиригэр сыл бастыҥ күрэсчиттэрэ биллиэхтэрэ

Быйылгы тэрээһиҥҥэ физкултуура уонна успуорт эйгэтигэр хас да саҥа анал аат туттарыллыаҕа. Сыл бастыҥ күрэсчиттэрин,…

47 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар үлэ кубуотатын 5 тыһыынчаҕа тиийэ улаатыннарыахтара

Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтара үлэҕэ ылыллар кубуоталарын 5 тыһыынчаҕа тиийэ улаатыннарыахтара диэтэ Дьарыктаах буолуу…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Гимназияҕа итии уу турбата тэстэн, уол оҕо эчэйбит

Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар 17 саастаах уол итии уу турбата тэстэн эчэйбит. СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын…

1 час ago