Тускул оҕуруотчуттары сэрэтэр: «Бу түүн улахан хаһыҥ түһүөҕэ»

Share

Алаас, ойуур ача күөҕүнэн сууланан, самаан сайын салыллыллан, Ийэ айылҕабыт тупсан аҕай турар кэмэ.

Ол эрээри, халааммыт ыам ыйын бүтүүтэ куйааран баран, эмискэ сөрүүкээн соһутан эрэр. Норуот синоптига Тарас Тарасов- Тускул “бу түүн сэрэниҥ” диэн дьонун-сэргэтин сэрэтэр иһитиннэриитэ социальнай ситимнэринэн тарҕанан эрэр.

Дьэ, доҕоттор, аны хотуттан саҕалаан, соҕуруу улуустарга тиийэ  халлааммыт  эмискэ сөрүүкээн соһутта. Урукку өттүгэр хотуттан тыалырдаҕына, тымныыны аҕалар этэ. Билигин аны хотугулуу илин эҥэр көһөн, урукку сылларга “бу диэкиттэн тымныы кэлбэт» дии олордохпутуна, эмискэ Магадаантан тымныы салгыны аҕалан, Тымныы полюһуттан Өймөкөөнтөн саҕалаан, илин эҥэр улуустарга хаһыҥнаан соһутта. Ол курдук, Уус Маайа, Томпо, Амма, Уус Алдан, Таатта, Чурапчы улуустарын хапта.

Оттон бу түүн, бэс ыйын 4 күнүгэр, Илин эҥэр, киин улуустарга, Алдан, Нерюнгри улуустарын хабан, улахан хаһыҥ түһүөҕэ. Онон үүнээйилэргитин бу киэһэ сабыҥ, бүрүйүҥ диэн сүбэлиибин. Маннык хаһыҥ хас да күн салҕанан барыаҕа, онон эрдэттэн сэрэммит ордук.

Маныаха биири өйдүүр ордук: +4С кыраадысбиологическай температура. Бу мантан намтаата да, +3, +2, +1 С буолла да, тыынар тыыннаах килиэккэлэрэ тоҥон өлөн бараллар. Онон +5, +6С кыраадыс буолла да, сэрэниэххэ наада.

 

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
2
+1
0
+1
5
+1
9
+1
6

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

3 часа ago