Тускул: «Охотскай муоранан улахан сылаас циклон иһэр»
«Быйылгы саас хайа да дьыллааҕар уратылаах саас», — диэн бэлиэтиир норуот синоптига Тускул.
— Ол курдук, муус устар бүтэһик дэкээдэтигэр хаһан да улаханнык ардаабатаҕын ардыаҕа. Ордук Өлүөхүмэ, Нерюнгри, Бүлүү, Мииринэй улуустарын хабан күүскэ ардыаҕа уонна хаардыаҕа. Хаар быйыл эмискэ барыаҕа. Сир тоҥ буолан, тыаттан үрэхтэр уонна үрүйэлэр өрүстэри эмискэ толоруохтара. Илин эҥэр улуустарга Уус Маайаны, Амманы, Өймөкөөнү кытта хабан Охотскай муоранан улахан сылаас циклон иһэр. Ол хаары түргэнник ыытыаҕа. Онон быйыл саас өтөрүнэн кэлбэтэх улахан уу кэлээри турар. Ыам ыйа саҕаланыыта сылаас күннэр туруохтара. Сир дойду эрдэ көҕөрүөҕэ. Илин эҥэргэ күнүс 10-11 кыраадыс сылыйар. Киин улуустарга 7 — 9 кыраадыс сылыйыаҕа, Бүлүүгэ 9-8 кыраадыс сылаас. Соҕуруулуу-арҕаа эмиэ лаппа сылыйыаҕа: 9-11 кыраадыс. Өймөкөөҥҥө 6-5 кыраадыс, Дьааҥыга 7-8 кыраадыс, Халыма-Индигиир улуустарыгар 4-7 кыраадыс сылыйыаҕа. Онон бу өрөбүл күннэртэн сылаас күннэр саҕаланыахтара. Ол эрээри сөкүүндэҕэ 11-12 м. тыал түһүөҕэ. Онтон сэрэниэххэ наада.
Өссө төгүл сэрэтэбин — тыаттан үрэхтэр уулара уонна хаар эмискэ күүскэ ирэн, улахан уулаах дьыл кэллэ. Онон кытаатан сүөһүлэргитин эрдэттэн күрэтэн, оккутун-маскытын үрдүк сиргэ таһааран, хас да хонуктаах аскытын эрдэттэн бэлэмнэнэн олоруҥ, — диэн норуот синоптига «Тэтим» араадьыйаҕа биэриитигэр сэрэттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: