Сарсын — күүтүүлээх олунньу ый үүнэр кэмэ. Тохсунньуну аһардахпытына, сырдык күн чаҕылыйар, туман сүтэр — ол аата олунньу тиийэн кэлэр.
Норуот синоптига Тускул саха халандаарыгар сигэнэн, олунньу билгэтин ыытта.
Олунньу 1 күнэ. Дьыл оройо буолар. Кыһыҥҥы хонук аҥаара бүтэр. Кыстыыр от аҥаарыттан итэҕэһэ суох хаааллаҕына этэҥҥэ сыл тахсыллар. Бу күн хайдаҕый да, ый бүтүүтэ оннук буолуоҕа. Былыта суох, күннээх буоллаҕына, саас эрдэ кэлэр. Эһэ арҕаҕар сытан эргийэр, биирдэ ытыһын саланар.
Олунньу 2 күнэ. Ый дьиэлэннэҕинэ — мөлтөх үүннүүлээх сайыҥҥа. Күн орто күннээх буоллаҕына, эрдэтээҥҥи саас. Былыттаах буоллаҕына, хойукка диэри тыалырар.
Олунньу 10 күнэ. Хайах хостуур күн. Тыалырдаҕына — сайына ардахтаах.
Олунньу 12 күнэ. Иккис Охонооһойоп. Тымныы Оҕуһун бастакы муоһа тостор. Куйуурдааһыны саҕалыахха сөп.Сырдык кэм. Күн уһуна 9 чаас.
Олунньу 15 күнэ. Бу күн тыалырдаҕына – сааһа хатааһыннаах.
Олунньу 24 күнэ. Үһүс Охонооһойоп. Тымныы оҕуһун иккис муоһа тостор.Сырдык кэм. Күн уһуна 10 чаас.
Тускул өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар олунньуга хайдах күн-дьыл буоларын туһунан билгэтин «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
Бүгүн, ахсынньы 14 күнүгэр, аам даам тымныы күүһүрэн турдаҕына, Мэҥэ Хаҥалас күнүгэр аналлаах Оһуокайга ыччаттар…
Лия бөлүүн түһээн эмиэ оҕо сааһыгар, олорбут дьиэтигэр, оонньообут тэлгэһэтигэр, үрдүк эмпэрэ биэрэктээх Өлүөнэ кытылыгар…
Энэргиэтик утахтартан сылтаан, эдэр дьон доруобуйалара айгыраабытын туһунан сурахтар кэлэр буоллулар. Туох буортулааҕый уонна тоҕо…
Айар куттаах суруйааччылар ахсынньы 7 күнүгэр аам-даам тымныыны аахсыбакка ахсынньы аргыарын ортотунан «Ника» уораҕайга ыраахтан…
Ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Өрөгөй» улахан уораҕайыгар «Ньурбалар түмсэр түһүлгэлэрэ» диэн элбэх биир дойдулаахтарын…
Быйыл Өймөкөөн улууһугар айылҕа иэдээнэ – улахан алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну таһаарбыта. Ахсынньы 2-3 күннэригэр…