Салгыы
Тускул: «Саҥа дьыл түүн биллэ тымныйыаҕа…»

Тускул: «Саҥа дьыл түүн биллэ тымныйыаҕа…»

23.12.2024, 19:30
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Ааһан эрэр ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр нэдиэлэттэн икки күнү «уларсан», быйылгы 2024 сылбытын атаарыахпыт.

Биллэн турар, «үүнэр сыл тохсунньута хайдах буолуой?» дии санаан, үгүс дьон «кыһыммыт син биир «иэстэһэрэ» буолуо», диэн сэрэнэ-сэрбэнэ күүтэбит.

Бу туһунан норуот синоптига Тускул туох диэн билгэлээтэ?

— Ахсынньы 12, 21 күннэригэр уонна кэлээри турар 29  чыыһылаҕа эрэ аам-даам тымныытынан биллэрэн баран, сис былыт кэлэн сабардаан, хаһан да билбэтэх сылаас ахсынньыбыт ааһан эрэр.  Быйылгы кыһын  сылыйыыта туохха олоҕурда? Эрдэ эппитим курдук, 33 сылга биирдэ кэлэр Атлантическай акыйаантан тахсыбыт «Атлантическай циклон (сис былыт)» бүтүн Европаны, Азияны уҥуордаан, уһук Саха сиригэр, онтон салгыы Магадааны, Чукотканы хабан, улахан сылыйыы буола турар. Маны тэҥэ Тиихэй акыйаантан сүрдээх улахан циклон Охотскай муоранан тахсан, Өймөкөөнү,  Муоманы, Томпону сабардаан, бу эҥэр бу күннэргэ уһуннук  сылыйда. Онон Тымныы полюһунан аатырар чысхаан тымныылаах Өймөкөөн улууһа быйыл ахсынньыга тымныытын «мэлдьэһэн» кэбистэ — бу күннэргэ манна -28 кыраадыс эрэ тымныы бэлиэтэннэ. Ааспыт сыллары анаарар буоллахха, ахсынньы бүтэһик сылыйыыта 1991 сыллаахха биллэн ааспыт.  

«Саҥа дьылга хайдах күн-дьыл туруой?» диэн миигиттэн үгүстүк ыйыталлар. Ахсынньы 29, 30, 31, тохсунньу 1, 2 күннэригэр биллэ тымныйыаҕа: -40С-45С буолуоҕа. Ол эрээри өр тымныйбат — сыл аайы кэлэр сис былыт эмиэ тиийэн кэлиэҕэ. Онон  салгыы тохсунньу эмиэ сымнаҕас ый буолар чинчилээх. Олунньуга кылгас кэмҥэ, ордук киин улуустарга, Ороһооспо кэнниттэн нэдиэлэ курдук тымныйан ылыаҕа:   -40С-45С. Онон бүтүө. Олунньу эмиэ сылаас күннэринэн хатаҕалыаҕа,— диэн норуот синоптига быйылгы сыл бүтэһик күннэрин уонна үүнэр сыл саҥатын кыһынын анаарда.

Бу манан тохтуохха. Сиһилии Тускул тохсунньу ыйы  анаан хайдах анаарбытын, улуустарынан тымныы күннэр чопчу хаһыс чыыһылаларга буолалларын ырыппытын бу бээтинсэтээҕи — Саҥа дьыллааҕы «Саха сирэ» хаһыакка сыта-олоро ааҕаарыҥ.

+1
23
+1
1
+1
0
+1
1
+1
7
+1
1
+1
9
Бары сонуннар
Салгыы
24 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: