Тускул: “Салайааччы бастаан бэйэтин кыайыахтаах…”

Тускул: “Салайааччы бастаан бэйэтин кыайыахтаах…”

20.07.2024, 10:00
ХААРТЫСКА: Т.ТАРАСОВ ТУС АРХЫЫБЫТТАН
Бөлөххө киир:

Норуот синоптига Тускулу кытта атах тэпсэн олорон кэпсэппэтэхпит уонча сыл буолла.

Ол эрээри үлэбитинэн сотору-сотору билсэн ааһар буолан, күннээҕинэн кэпсэтии ситэтэ суох курдук. Онон бүгүн “Итии чэйгэ” Тарас Тарасовы-Тускулу кытта ирэ-хоро кэпсэтэргэ сананным.

Тоҕо Тускулуй?

– Тарас Лукич, кэлиҥҥи сылларга эн бэйэҥ ааккын умна быһыытыйдыҥ да быһыылаах. Бэйэм да хайдах ыҥырыахпын билбэппин. Тускула ордук курдук. Бу хос ааты хаһан, хайдах ылыммыккыный? 

– Төрөөбүт тылбытын сайын­нарар, үйэтитэр сыал­лаах  уопсастыбаннай диэйэ­тэл Егор Жирков «Ийэ тыл» диэн түмсүүнү тэрийэн үлэлээн эрэр кэмнэрэ этэ. Уоттаах-күөстээх үлэлэрин үгэнигэр миигин ыҥыран ылан: «Араадьыйа үлэһитэ, ийэ тылга хайаан да чугас буолуоххун наада. Онон биһиги уопсас­тыбабытыгар киир», – диэбиттэрэ. Тыл үөрэхтээхтэрэ, эппит-тыыммыт дьон мустубут буолан, киһи кэрэх­сиир мунньахтара буолааччылар. Михаил Алексеев-Дапсыттан саҕалаан, Багдарыын Сүлбэ, Иван Алексеев-Хомус Уйбаан, Галина Попова-Санаайа, билим дуоктара Петр Слепцов, быһата, бары тыл учуонайдара. Бырабылыанньаҕа тохсуо этибит. Мин Тускул диэн хос ааты (псевдонимы) ылынарга сананан, ону дьүүллэһиигэ туруорбутум. Бу тыл өйдөбүлэ – инникини тобулуу, торум («концепция»). Сайдыыга, сырдыкка туһуламмыт итинник ааты ылынарым сөп дии санаабы­тым. Тыл үөрэхтээхтэрэ дьүүллэһэн баран, куоластааһынынан ити ааппар көҥүл биэрбиттэрэ. Онон Тускул диэн иккис аатым бэрт суолталаахтык миэхэ кэлбитэ. Араадьыйам үлэһиттэрэ  билэл­лэр этэ гынан баран, “Тускул буоларбын кимиэхэ да кэпсээ­бэккит” диэн дьоммор кытаанахтык эппитим. Ол курдук Тускул диэн ааты ылынан баран, «билигин кистээн тахсабын, табылыннаҕына – салгыаҕым, оттон табыллыбатаҕына, ким да билбэтинэн, хаалан хаалыаҕа» дии санаа­бытым. Онтон син балачча буолан баран, эйигин кытта бастакы интервьюга кэпсэтэрбэр  Тускул диэн Тарас Тарасов буоларбын эппитим дии. Онон дьоҥҥо биллэр Тускул диэн ким буоларын “Саха сирэ” хаһыат арыйбыта…

Билгэ тохтуу сыспыта

– “Эйиигин “албыннаата” диэн абатыйан маска-талахха да “ыйаан” ылаллар, анекдот арааһын да айаллар. Эн дьон итинник саҥатын, күлүүтүн-­элэгин хайдах ылынаҕыный?” диэн ыйытыыбар эн  “мин онно олох кыһаммаппын. Олох көрбөппүн да, аахпаппаппын да. Онон ким мин туспунан тугу саҥарарын да, үөҕэрин да, хайгыырын да билбэппин. Хайа, уонна арааһынай хобу-сиби итэҕэйэн, бэйэ­бэр чугастык ылынан иһэр буоллахпына, ырааппат буоллаҕым дии” диэбиккин. Бу мин “Эдэр саас” саайтка эйигиттэн ылбыт интервьюбуттан холобурдаатым. Ол эрээри эн билгэлииргин син биир  тохтото сылдьыбыттаҕыҥ дии?

– Итинник кэм баара.  “Дьыбаан киэргэлэ” дьон тылга тииһэн, ону-маны суру­йаллара элбии сылдьыбыта. Онно, кырдьык да, “тохтоо­бут ордук буолууһу дуу…” диэн санаа баһыйан ылбыта.  Ити кэмҥэ эн миигин көмүскэһэн суруйбутуҥ. Онон “Саха сирэ” хаһыат уустук кэммэр эмиэ өйөөн турар. Ити кэнниттэн “Саха” НКИХ биэриитигэр ыҥыран ыалдьыттаппыттара. Онно көрөөччүлэрим да, истээччилэрим да миигин көмүскээбит тылларыттан  санаам уларыйан, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сырыттаҕым.

Кыра уолум “бэйэҥ “Ютуб” ханаалла аһан үлэлэт, көрөөччүҥ да, истээччиҥ да наһаа элбэх буолуо” диэбитэ да, оччотугар үлэм өссө эл­­биир. Билигин да тустаах үлэбиттэн бириэмэ ордорунан, биэрии бэлэмниир күммэр сарсыарда 4-5 чааска туран оҥоробун. Кырдьыктаах күнү-дьылы билгэлииргэ куйаар ситимигэр “хатанан”, олохтоохтук олорон үлэлиэххэ наада. Аны урукку сыллардааҕы күннүктэрбин (дневник) көрө олорон тэҥнээн ырытабын. Оччоҕо биирдэ  дьиҥнээх хартыына тахсар. Мин биэриилэрбин ордук сааһырбыт дьоҥҥо уонна хоту улуус дьонугар, ыраах айан суоппардарыгар, сылгыһыттарга, табаһыттарга булчуттарга анаан бэлэмнээн оҥоробун.  Кинилэр ону көтүппэккэ истэл­лэрин билэбин, махтаналлар даҕаны. Дьон үксэ араадьыйанан олорор. Дьыл ханнык баҕарар кэмигэр үлэлэрэ-хамнастара барыта күн-дьыл туругуттан тутулуктаах. Ол иһин миигин  күүтэн, анаан истэллэр.

Кэскиллээх үлэ үгүс

– “Тустаах үлэбэр” диэн бэлиэтээн аастыҥ. Төрөөбүт Хайахсыккар баһылык быһыытынан үлэ бөҕөнү ыыттыҥ. Саҥа оскуола үлэҕэ киириитигэр бара сылдьан, олох саҥалыы тыыннаах нэһилиэги соһуйа да, сөҕө да көрбүтүм.

– Биэс сыл баһылыгынан үлэлиирим устата бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматынан (ППМИ) нэһилиэкпитин тупсарыыга үгүс үлэ барда. Кэтит Күөл-Туора Күөл турбатын таттардыбыт. Манна уоту уонна трансформаторы киллэриини бас­таан бэйэбит күүспүтүнэн, онтон “Сахаэнерго” тэрилтэ көмөлөһөн, сабыс-саҥа трансформатор лиинийэ уонна но­­суос ыстаансыйатын  туруорбуппут. Ол көмөтүнэн Туора Күөлгэ уонна Ураһалаахха кыс­тыыр уу быраҕыллыбыта, сайыҥ­ҥы уу киирбитэ. Кэлэр сылга “Дьөгүдьэй”, “Кэтит Күөл”, “Үҥүөлэ”, “Арыылаах”, “Кыла­быыһа” учаастактарыгар өбүгэлэрбит кистэнэ сытар уҥуохтарын күрүөлүүр былаан­наахпыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ холобурга сылдьар Албан Аат болуоссатын сыллата ситэрэн иһэбит.  Күн бүгүн 260-ча хаартыска ыйанна. Нэһилиэнньэ билигин даҕаны төрөппүттэрин ааттарын эбии киллэртэрэн, сакаастыы турар. Хас эмэ сыл кэтэһиилээх суолбут бырайыага дьэ оҥоһуллан,  870 мөлүйүөн  солкуобай үбүлээһин көрүллэн, эһиил тутуллар буол­ла. Салгыы бу суолбут Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх нэһилиэгинэн, Абалааҕынан “Халыма” федеральнай суолга холбоһон, өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах суол буолуох­таах. 2025 сылга алтынньыга үөрүүлээхтик аһыахтаах­пыт. Эһиил элбэх өҥөлөөх киин уонна 21 кыбартыыра­лаах  уопсай дьиэ тутуута саҕаланыаҕа. Ити курдук, киһи ааттыы туруох кэскиллээх үлэ үгүс.

Үлэ былаана – сарсыарда

– Тарас Лукич, эн олоххор тутуһар тосхолуҥ тугуй?

– Салайааччы аан бас­таан бэйэтин кыайыахтаах, оччоҕо эрэ атыттары дьаһа­йар, үлэтэ тахсыылаах. Ити мин сарсыарда эрдэ туран сүүрэрбин, дьылыттан тутулуга суох сөтүөлүүрбүн этэбин. Биир эмэ сарсыарда сүрэҕэлдьиэх санаа киирдэҕинэ,  бэйэбэр хамаанда биэрэбин “бэйэҕин кыаммат буоллаххына, салайааччы буолан бүт” диэн. Онтон туран таҥнан таһырдьа тахсыбытым эрэ баар буолар. Дьэгдьийэ сылдьан, күннээҕи үлэбин былаанныыбын. Сарсыарда сибиэһэй төбөҕө толкуйданар ордук.

… Ити курдук, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун  чилиэ­нэ, Хайахсыт нэһилиэгин баһылыга, норуот синоптига Тарас Тарасовы-Тускулу кытта сайыҥҥы кэпсэтиибит маннык буолла. Кинилиин аны хабараан тымныы кыһын  ортото эмиэ кэпсэтиэх буолан болдьостубут. 

+1
24
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: