Тускул саҥа үүммүт ыйы күннэринэн ырытта

Share

Быйылгы муус устар ый, былыргы дьон тылларынан, «хаарга төрөөтө». Бүгүн киин куоракка хойуу хаар түһэр.

Норуот синоптига муус устар ый билгэтин күнүнэн ырытан таһаарбыта — интэриэһинэй. Дьэ, онон:

Муус устар 1 күнэ — Даарыйа аат күнэ. Ойбон сэҥийэтин чэҥэ ирэр. Нөҥүө күнүттэн түөрт уон хонуктаах дьыбар бүтэн, отут хонуктаах уораан хаалар. Ый ортотугар тыалырдаҕына — «хаары сахсатар», бүтэһигэр — «хаары хараардар» билгэлэр.

Муус устар 4 күнэ — Дьиэ сарайыттан таммах түһэрэ элбиир, улахан бэлиэтээһин буолар.

Муус устар 5 күнэ — Холлоҕос көтөрө. Кыһыҥҥы хаһаас бүтэр.

Муус устар 7 күнэ — Былаҕачыанайап (Благовещение Пресвятой Богородицы). Таҥара улахан бырааһынньыга: оннооҕор чыычаах аньыырҕаан уйа туттубат аатырар. Туллуктар кэлэллэр, моҕотой уйатыттан быгыалыыр, эһэ арҕаҕар уһуктан » кырдьыылыыр» (быган сытар), сааскы сылаас «өнньүө» күннэр тураллар. Бу күн былыта суох ыраас күн турдаҕына — саас көхтөөхтүк кэлэригэр, тыалырдаҕына — хаптаһын хатааһын буоларыгар.

Муус устар 6 күнэ — Түүн сылаас буоллаҕына, саас түргэнник кэлэр.

Муус устар 8 күнэ — Бу күн хайдаҕый да, алтынньы 8 күнэ оннук буолуо.

Муус устар 9 күнэ — Мотуруона күнэ. Тураах кэлэр.

Муус устар 13 күнэ — Бэлиэтиир. Тот салгын түһэр.

Муус устар 14 күнэ — Күн көрөр өттүгэр сарай хаара буоллаҕына, ыам ыйын 6-гар диэри ходуһаҕа хаар сытар.

Муус устар 18 күнэ — Урут хаҕыс тыал үрбүт буоллаҕына, аны ичигэс тыал түһэр. Соҕурууттан тыалырдаҕына — сылыйар.

Муус устар 20-25 күннэрэ — Куруппааскы, улар охсуута саҕаланар.

Муус устар 21 күнэ — Күн көрдөҕүнэ — сайына ичигэс, былыттаах күн — сайына сөрүүн.

Муус устар 23 күнэ — Чуумпу, сылаас түүн буоллаҕына — сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.

Муус устар 24 күнэ — Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол — иис олох алдьанар. Күн үөһэ ойдор ойон иһэр.

Муус устар 29 күнэ — Ый туолуута.

Салгыы Тускул муус устарга өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар хайдах күн-дьыл туруоҕун билгэлээбитин «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэриттэн билсиҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өрөспүүбүлүкэ 2025 сыллааҕы бүддьүөтүн сокуона ылылынна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар бүтэһиктээх ааҕыыга өрөспүүбүлүкэ 2025 уонна 2026-2027 сыллардааҕы…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Татьяна Оглезнева – Судьуйалар квалификационнай кэллиэгийэлэригэр уопсастыбаннай  бэрэстэбиитэл

Бүгүн Ил Түмэн онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара СӨ Судьуйаларын квалификационнай кэллиэгийэтигэр уопсастыбаннай бэрэстэбиитэли…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһата Гиннесс рекордун олохтуурун туһунан сурах тарҕанна

Бүгүн социальнай ситимнэринэн Дьокуускайдааҕы харах балыыһатын 100 сыллаах үбүлүөйүнэн Гиннесс рекордугар киирэргэ биир күҥҥэ хирурдар…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускай аэропорда 1 000 000-с пассажирын чиэстээтэ

Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, П.А.Ойуунускай аатынан Дьокуускай аэропорда 1 000 000-с пассажирын регистрациялаата. Бу дьоллоох …

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускайга туристическай түһээни киллэриэхтэрэ

Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, Дьокуускай куорат Дууматыгар 10-с сиэссийэ саҕаланна. Бастакынан, Дьокуускай куорат дьокутааттара киин…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбачааҥҥа баһылыгы талыахтара

Ньурба улууһун «Ньурбачаан нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгын болдьоҕун иннинээҕи быыбара ахсынньы 1 күнүгэр ананна диэн…

1 час ago