Тускул: «Сэрэдэттэн «Дьахтар сайына» кэлэн, сылыйыаҕа»

Тускул: «Сэрэдэттэн «Дьахтар сайына» кэлэн, сылыйыаҕа»

16.09.2023, 20:17
Хаартыска -- Ольга Пестерева түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Норуот синоптига Тускул «бу өрөбүллэргэ бары улуустарга ардахтаах, хаардаах тымныы күннэр буолуохтара» диэн сылыктаата.

«Күн-дьыл туруга уларыйбытынан сибээстээн, киин улуустарга сөкүүндэҕэ 14-15 м түргэннээх тыал түһүөҕэ. Онон үгүс киһи хахсаат күһүн кэнниттэн тута кыһын эмискэ кэлбитин курдук саныаҕа эрээри, кэлэр нэдиэлэ ортотуттан — сэрэдэттэн күн-дьыл тупсан, күүтүүлээх «Дьахтар сайына» сырдык күнүнэн «мичээрдээбитинэн» тиийэн кэлиэҕэ. Ол курдук, балаҕан ыйын 21-26 күннэригэр  үтүөкэннээх ичигэс кэм үүнүөҕэ: күнүс +14 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Дьиҥэр, балаҕан ыйын 14-21 күннэригэр «Дьахтар сайына» кэлиэхтээҕэ да, «кыраапыгын кэстэ». Кылаабынайа, «сүппэтэ», баарын биллэрэн ааһыаҕа. 

Оттон тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөҥҥө «Дьахтар сайына» улаханнык биллиэ суоҕа. Манна балаҕан ыйын 21 күнүттэн улаханнык тымныйыаҕа. Түүн — 13-14 кыраадыс тымныы буолуоҕа, күнүс +2-3 кыраадыс эрэ сылыйыаҕа«, — диэн Тускул кэлэр нэдиэлэни сылыктаата. Онон Өймөкөөн улууһа дьыл ханнык да кэмигэр тымныытын биллэрэ, «дакаастыы» сытар эбит.

Оттон «Дьахтар быттанар кэмин» баттаһан, үгүс хаһаайкалар, бастатан туран, түннүктэрин сууйан, кыһыҥҥыга бэлэмниэхтэрэ, дьиэлээхтэрин сайыҥҥы таҥастарын бэрийэн ууруохтара, кыһыҥҥы таҥастарын ыраастаан, тэбээн чугаһатыахтара. Кытаатыҥ, үтүө кэми куоттарымаҥ!

+1
62
+1
3
+1
3
+1
7
+1
2
+1
7
+1
12
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: