Тускул: «Сэтинньи 25 күнүттэн нэдиэлэ устата тымныйыаҕа»
Норуот синоптига Тускул сэтинньи 22 күнүттэн ахсынньы 4 күнүгэр диэри икки нэдиэлээх күн-дьыл туругун бүгүн «Тэтим» араадьыйаҕа билиһиннэрдэ.
— Аам-даам тымныы сэтинньи 25 күнүттэн түһээри турар. Онон киин улуустарга нэдиэлэ курдук түүн 40-тан тахса кыраадыс тымныйыаҕа. Күнүс 30-тан тахса кыраадыс тымныы буолуоҕа. Саамай тымныы күннэр — сэтинньи 20-30 күннэрэ. Онтон эмиэ арыый сылыйбытынан барыаҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ Бүлүү бөлөх улуустарга халлаан туруга кэминэн — түүн 30-тан тахса, күнүһүн 20-тэн тахса кыраадыс тымныы. Сэтинньи 25 күнүттэн 29 күнүгэр диэри тымныйыаҕа эрээри, киин улуустарга тэҥнээтэххэ, түүн 38 кыраадыс тымныы буолуоҕа, күнүс — 30 кыраадыс тымныы. Сэтинньи 29 күнүттэн манна сылыйыаҕа.
Өлүөхүмэҕэ бу күннэргэ түүн 30 кыраадыс тымныы, күнүс 20-чэ кыраадыс тымныы. Сэтинньи 27-30 күннэригэр манна тымныйан ылыаҕа — түүн 38, күнүһүн 30-32 кыраадыс тымныы. Кэбээйигэ сэтинньи 25 күнүттэн саҕалаан күүскэ тымныйаары турар. Манна түүҥҥү өттүгэр 40-тан тахса кыраадыс тымныы, күнүһүн 38-39 кыраадыс тымныйыаҕа. Ол эрээри ахсынньы саҥатыттан бу эҥэр эмиэ сылыйан барыаҕа.
Тымныы полюһунан биллэр Өймөкөөҥҥө сылаас күн-дьыл турар — түүн манна баара суоҕа 30 кыраадыс, күнүс 20-тэн тахса кыраадыс тымныы. Ол эрээри сэтинньи 26-29 күнннэигэр бу эҥэр 45-48 кыраадыска тиийэ күүскэ тымныйыаҕа. Ол кэнниттэн эмиэ сылыйыаҕа. Дьааҥыга түүн 40-ча кыраадыс, күнүс 38 кыраадыс тымныы. Сэтинньи 26 күнүттэн эмиэ биллэ тымныйыаҕа. Халыма-Индигиир улуустарыгар ичигэс күн-дьыл турар — күнүс 20-тэн тахса эрэ кыраадыс турар. Ол эрээри бу эҥэр сэтинньи 27 күнүттэн тымныйыаҕа гынан баран, күүстээх тымныы суох — күнүс 30-тахса кыраадыс тымныйыаҕа, түүн 38 кыраадыс тымныы.
Өлөөҥҥө түүн 40-ча кыраадыс тымныы турар. Күнүс 30-ча кыраадыс тымныы. Сэтинньи 28 күнүттэн манна сылыйыаҕа — түүнүн 32-33, күнүһүн 20-тэн тахса эрэ кыраадыс тымныйыаҕа. Тиксиигэ 30-тан тахса кыраадыс тымныы. Сэтинньи 29 күнүттэн манна сылыйыаҕа — түүнүн 27-28 кыраадыс, күнүһүн 20 кыраадыс тымныы.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: