Тускул: “Сэтинньи – өтөрүнэн буолбатах ичигэс ый”

Тускул: “Сэтинньи – өтөрүнэн буолбатах ичигэс ый”

08.11.2022, 15:02
Бөлөххө киир:

Сэтинньи ыам ыйын батыһар, сахалар саамай сүгүрүйэр ыйдарыттан биирдэстэрэ.

“Быйылгы күһүн, чуолаан алтынньы ый — өтөрүнэн устуоруйаҕа бэлиэтэммэтэх кэм.  Санаан көрүҥ, Өлүөнэ эбэ дьыл баччатыгар диэри турбакка, уста сытар! Аны арҕаа улуустарга ардах курулаччы кутта”, – диэн олох уратытык сэтинньи ый билгэтин саҕалаата Тускул.

Быйылгы алтынньы – устуоруйаҕа бастакы!

Алтынньыга ортотунан -4.2С кыраадыс турда. Дьэ, дьикти. 1900 сылтан анаан тэҥнээн көрдүм да, биир да сылга маннык ичигэс кыраадыс бэлиэтэммэтэх.  Ол аата, сүүһүнэн сыллар усталарыгар бастакы сылаас алтынньы буолла, доҕоттор! Арыый да чугаһаталларынан 1943, 1988, 2008 сыллар буоллулар. Бу аата — Арктика сылыйыытын, Хотугу муустаах муора мууһун ириитин охсуута. Эһиил өссө сылыйаары турар. Онон биһиги айылҕа тосту уларыйыыларын 100 сылларга биирдэ буолар көстүүлэрин туоһуларынан буолабыт, — диэн анаан чинчийэн көрбүтүн бэлиэтиир норуот синоптига.

Сэтинньи алтынньы курдук соһутуоҕа

Сэтинньи эмиэ алтынньы курдук соһутаары турар. Өтөрүнэн буолбатах сылаас күннэр кэлиэхтэрэ. Урут сэтинньи 7 күнүгэр -40С, -45С кыраадыс бэлиэтэнэр буоллаҕына, ый устата оннук тымныы түһэрэ күүтүллүбэт. Онон эмиэ сылаас сэтинньи барыбытын соһутара буолуо. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хаар олох кэмчи буолсу — ыйга биир-икки күн өлгөмнүк түһэн баран бүтүүһү.

Салгыы Тускул сэтинньи ыйы улуустарынан анаарыытын сиһилии «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -13°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 85% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: